Саха сирин эдэр гвардеецтара Дьокуускайга Челюскин уулуссатын 37/4 аадырыһыгар оҕо оонньуур былаһааккатын өрөмүөннээтилэр. Этэллэринэн, тиэргэн саҥардан биэриигэ чахчы наадыйбыт.
«Биир ньыгыл Арассыыйа эдэр гвардеецтара» (МГЕР) Саха сирин олохтоохторугар бары боппуруостарга көмөлөһөргө бэлэмнэр. Ол иһигэр субуотунньуктары оҥоруу эмиэ киирэр.
Манна даҕатан эттэххэ, эдэр гвардеецтар көмөлөһүү, өрөмүөн үлэтинэн дьарыктаммыттара балачча өр буолла. Маныаха ханнык элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэрэ өрөмүөҥҥэ наадыйалларыгар испииһэк оҥоһуллар. Онтон өскөтүн хамсааһын көхтөөх кыттааччыларын күүһүнэн оҕо былаһааккатын чөлүгэр түһэрэн биэрии, оҥоруу кыаллыбат буоллаҕына, бу туһунан дьаһалтаҕа уонна управляющай хампаанньаларга кыһалҕаны бииргэ быһаарарга анаан иһитиннэрэллэр.
Аахсыйалар Дьокуускай олохтоохторун болҕомтолорун тардаллар. Оттон сайын устатыгар эдэр гвардеецтар былаһааккалары, искибиэрдэри, тиэргэннэри өрөмүөннүүргэ, о.д.а. араас хабааннаах үлэни тэрийэргэ аахсыйалары, тэрээһиннэри ыыталлар.
«Биир ньыгыл Арассыыйа эдэр гвардеецтарын» Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай түмсүүлэрин Саха сиринээҕи салаатын чилиэнэ Владислав Артьемьев: «Биһиги дьон-сэргэ сылдьар сирин-уотун өрө тардыыны, субуотунньуктары тиһиктээхтик ыытабыт, управляющай хампаанньалар үлэлэригэр уопсастыбаннай хонтуруолу тэрийэбит. Бу хайысхаҕа үлэбитин салгыахпыт. Бары көмөлөөн, ыкса сибээстээхтик үлэлээн элбэҕи ситиһиэхпит диэн эрэнэбин«, — диэн этэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1