Эдэр фермердэри идэҕэ анаан үөрэтиэххэ

19.01.2017
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи сылларга тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар саамай туһалаах, кэскиллээх дьаһалынан сүөһү иитиитигэр саҥа саҕалыыр уонна дьиэ кэргэнинэн бааһынай хаһаайыстыбаларга граннары анааһыны, олорго олоҕуран кластердары тэрийиини ааҕабын.

Маннык дьаһаныы саҕаламмыта 5 сыл буолла. Саамай үчүгэйэ, куонкуруска кыттааччы сылтан сыл элбээн иһэр. Ол аата, гранынан сиэттэрэн эдэр дьон тыаҕа сүөһү үлэтигэр күргүөмүнэн сыстан эрэллэр. Граннар олохтоммотохторо буоллар, сүөһүбүт ахсаана өссө көҕүрээбит буолуоҕар мөккүөр суох. Эдэр дьон туораттан көмөтө суох сүөһү, тиэхиньикэ атыылаһар, хотон туттар кыахтара суоҕа биллэр. Ол иһин граннары анааһыны инникитин өссө элбэтиэххэ диэн баҕа санаалаахпын. Онуоха быйылгыттан ыла грант суумата 3 мөл. солкуобайга тиийбитэ саамай сөптөөх. Ол эрээри, тиксээччи ахсаана олус аҕыйаабатар сөп этэ.

Манна биир суолу итэҕэс быһыытынан бэлиэтээн ааһыым. Граннары анааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэттэн көрүллэр үп олус кыра. Холобур, 2016 с. бу сыалга РФ-тан 285 мөл. солк., бэйэбититтэн 36 эрэ мөл. солк. үп көрүллүбүт. Сыл аайы итинник. Былырыын сүөһү ахсаанын, эти-үүтү элбэтиигэ туһаайан, 275 нэһилиэккэ 1-дии, ону таһынан куонкуруска кыайбыт 20 нэһилиэккэ 3-түү, барыта 335 мөл. солк. көрүллүбүт этэ. Ол үрдүнэн, хомойуох иһин, ынах сүөһүбүт бүттүүн ахсаана син биир көҕүрүүр, көрдөрүүбүт биллэрдик эбиллибэт. Ити үбү граҥҥа укпут буоллар, 224 киһиэхэ эбии бэриллэн, көдьүүһэ быдан үрдүк буолуоҕар киһи саарбахтаабат. Онон инникитин бу бырагыраамаҕа бэйэбититтэн үгүөрү үбү уктахпытына, өссө элбэх эдэр дьон сүөһү үлэтигэр барыа этэ.

Итэҕэһи-быһаҕаһы ыйан туран, бу хамсааһыҥҥа биир чопчу этиилээхпин. Граҥҥа тиксиэхтээх эдэр дьону анаан үөрэтиини тэрийиэххэ. Ханнык баҕарар дьыаланы, үлэни оҥорорго баҕа санааны таһынан билии уонна сатабыл эрэйиллэр. Үлэ ис хоһоонун билбэт киһи тугу да оҥорор, ситиһэр кыаҕа суох. Ааҕан, истэн билэр эрээри, сатаабат буолуохха эмиэ сөп. Холобур, кыратын ыллахха, ынах хайдах ыанарын киһи барыта көрөр-билэр курдук гынан баран, сатаан ыыр буоларга элбэхтэ эрчиллиэх тустааххын.

Сорохтор сүөһү көрөргө, от оттуурга туох улахан өйө, үөрэҕэ нааданый диэхтэрэ. Ол төрүт сыыһа өйдөбүл. Олоҕун тыа хаһаайыстыбатыгар, сүөһү иитиитигэр аныан баҕалаах эдэр киһи элбэҕи билиэхтээх, сатыыр буолуохтаах. Ол иһин кинилэри анал профессиональнай орто үөрэх кыһаларыгар (колледжтарга), сатаатар, биирдии сыл анал бырагыраамаларынан үөрэтиини тэрийиэххэ. Орто оскуоланы бүтэрбит, аармыйаҕа эҥин сулууспалаабыт, биир эмит сыл үлэлээбит ыччаты хото ылар ордук буолуох этэ. Сүөһүнү-сылгыны иитии, аһатыы технологиятын, сири кытта үлэ (агрономия), ветеринария, племүлэ, экономика төрүттэрин үөрэтиэххэ. Улахан суолтаны суот-учуот (бухгалтерия) үлэтигэр, сыллааҕы үлэ отчуотун оҥорорго такайыахха. Ону тэҥэ хас биирдии үөрэнээччи (устудьуон) манна үөрэнэ сылдьан, массыына, тыраахтар ыытар, сварщик быраабын ыларын ситиһиэххэ. Бу — фермергэ олус наадалаах идэлэр. Быһата, үөрэтиэххэ диэтэххэ, хайысха, көрүҥ дэлэй. Онно саамай улахан болҕомтону быраактыкаҕа ууруохха. Бу үөрэҕи бүтэрбиттэр хайаан даҕаны граҥҥа тиксиэхтээхтэр диэн буолбатар даҕаны, ордук балаһыанньанан туһаныахтаахтар.

Мин саныахпар, эдэр фермердэри анаан үөрэтиини 2017 сыл күһүнүттэн, сатаатар, икки сиргэ биирдии бөлөҕү арыйан саҕалыахха. Онуоха Чурапчыга Одьулууннааҕы агротехникумҥа уонна Бүлүү умнаһыгар биир эмит колледжка (лицейгэ) аһар тоҕоостоох буолуох этэ. Анал үөрэтиини тэрийдэр, баҕалаах ыччат көстөрө, төгүрүччү туһалаах буолара эрэбил. Граҥҥа киирсээччилэри 2 нэдиэлэ үөрэтии элбэх билиини, сатабылы биэрбэт.

Түмүкпэр, саҥа саҕалыыр эдэр фермердэргэ граннары олохтооһун олус наадалааҕын, кэскиллээҕин өссө төгүл бэлиэтээн туран, кинилэри анал үөрэтиини туһааннаах салайааччылар өйүүллэригэр уонна тэрийэллэригэр эрэнэбин.

Иван ПОНОМАРЕВ, хаһыат уопс. кэр.

Чурапчы.

Хаартыскаҕа: 44 сүөһүлээх эдэр фермер Гена Самсонов.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0