«Эдэр фермер» оонньуу быйылгы кыайыылааҕа — “От күөҕэ” хамаанда

Ааптар: 
28.03.2017
Бөлөххө киир:

«2014—2017 сылларга уонна 2020 сылга диэри кэмҥэ тыа сирин туруктаах сайдыыта» федеральнай тус сыаллаах бырагыраама, “2012 – 2020 сылларга тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, сырьетын уонна аһын-үөлүн ырыынактарын сүрүннээһин” СӨ судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчилэринэн, СӨ Ыччат сылынан «Эдэр фермер» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи IV дьыалабыай оонньуу ыытылынна.

Биһиги корр, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Күөн күрэс Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар буолла. Манна улуустартан бааһынай хаһаайыстыба салайааччылара, тыа хаһаайыстыбатын салаатын исписэлиистэрэ, ТХА устудьуоннара кыттыылаах, быйыл биэстии киһилээх биэс хамаанда кытынна. Быһааран эттэххэ, бу оонньуу тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэр баҕалаах, инникини толкуйдуур дьоҕурдаах оҕолору булан салгыы сайдалларыгар көмөлөһөр сыаллаах-соруктаах ыытыллар. Онтон кыттааччылар бырайыакка, бэриллибит сорудахха туһалаах, көдьүүстээх буолар сонун сүүрээни киллэриэхтээхтэр.

Бастакы күн хамаандалар сорудах быһыытынан аграрнай производствоны сайыннарыыга үлэлэстилэр. Салгыы тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэҕэ эбэтэр нэһилиэккэ бырайыактарын көдьүүһэ, туһата сыаналанна. Иккис күн хамаандаларга лабораторнай кабинеттар, аудиториялар бэрилиннилэр. Манна хамаандалар бырайыактарын сайыннарыыга, араас сонун ньымалары киллэриигэ үлэлэстилэр. Сүбэ-ама, ыйыы-кэрдии ыллылар. Үһүс түмүктүүр күҥҥэ хамаандалар икки күннээх үлэлэрин көмүскээтилэр.

«Саһархайдар» хамаандалара фермердэргэ көрүллэр Грант уонна сүөһү иитиитинэн дьарыктанааччыларга субсидия көмөтүнэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар сибиинньэ иитэр комплекс тутуутун бырайыактаабыт. Хамаанда иккис үлэтэ Нам улууһун «Дайыына» КФХ холобуругар олоҕурбут. Бааһынай хаһаайыстыбаны сайыннарыыга анаммыт.

«Кыһыллар» 25 төбө сүөһүнү иитэр комплексы тутууттан саҕалаан ороскуотун, барыска хаһан тахсарын ааҕан-суоттаан таһаарбыттар. Маныаха сүөһү ноһуомун ыраастыырга Россия оҥорон таһаарбыт экобактериятын туһанары ааҕан-суоттаан көрдөрбүттэр. Маны таһынан, аһы-үөлү, сыыры оҥорууну былааннаабыттар. Иккис сорудаҕар хамаанда сүөһү уҥуоҕун туһаҕа таһаарары билиһиннэрбит.

«Оранжевайдар» норвегиялар сүөһүнү көрөр, иитэр үөрүйэхтэригэр олоҕурбуттар. Комплекстарыгар сүөһүнү аһатарга, ноһуому хомуйарга аныгы ньыманы туһанары, үлэни робот толорорун, сүөһү туругун көмпүүтэринэн кэтии олорору, иһитиннэриини комплекс хаһаайына суотабайыгар ыла турарын билиһиннэрбиттэр. Маныаха хамаанда биир чилиэнэ Норвегияҕа сылдьан пиэримэ үлэтин сыныйан көрбүтэ бырайыагы көмүскүүллэригэр төһүү буолбут. Хоту сир усулуобуйатын учуоттаатахха, маннык пиэримэни тутууга барыта 21 мөл.солк. барарын ааҕан-суоттаан таһаарбыттар.

«Халлаан күөхтэр» эмиэ сүөһүнү көрүүгэ, дэлэтиигэ бырайыактарын көмүскээбиттэр.

«От күөхтэр» Хаҥалас улууһугар Нөмүгүгэ хортуоппуйу олордууга бырайыактарыгар бааһынаны оҥорууттан саҕалаан үүннэриигэ, көрүүгэ-харайыыга, үлэһиттэргэ хамнас ааҕыллыытыгар тиийэ суоттаабыттарын билиһиннэрбиттэр.

Хамаанда чилиэнэ Михаил Петров кэпсиир:

с сыл иһинэн уон гааҕа тиийэ олордууну, онно төһө үүнүүнү ылыахха сөп буоларын ааҕан-суоттаан көрдөрдүбүт. Чопчу биир хаһаайыстыбаҕа ханнык ньыманы туттан үлэни сайыннарабыт диэн ыйытыыга хоруй тобуларга кыһалынныбыт. Маны сэргэ, хортуоппуйу астааһыны тэнитэн көрдүбүт, түргэнник тоҥоруу ньыматын туттан  хоту улуустары хайдах хааччыйары быһаардыбыт, көрүүлэрбитин, санааларбытын тиэртибит. Иккис күн кэбиниэккэ олорон интэриниэт көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ хортуоппуй үүннэриитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалары кытта сибээстэһэн үлэлээтибит. Тыа хаһаайыстыбатын НЧИ сүбэ-ама ыллыбыт. Үһүс түмүктүүр күҥҥэ хамаанда чилиэннэрэ бары тус-туспа сорудахтарынан үллэстэн, үлэлээбит хайысхаларбытын ырыттыбыт, көмүскээтибит, — диэн сырдатта. Хамаанда иккис бырайыага эмиэ олус сэргэх, интэриэһинэй буолбут. Кинилэр биэ үүтүнэн дьарыктанар Таатта улууһугар баар бааһынай хаһаайыстыба холобуругар олоҕуран, сэппэрээтэрдэммит үүтү туһаҕа таһаарар ньымаларын билиһиннэрбиттэр. Манна кыра калорийдаах сироптары оҥорон таһаарыахха сөптөөҕүн дакаастаабыттар.

Үс күннээх күөн күрэс түмүгүнэн, 517 очколаах «от күөҕэ» хамаанда бастаабыт. Кинилэргэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы-тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Петр Алексеев айпадтары туттарбыт.  Иккис миэстэҕэ тахсыбыт «оранжевайдар» Huawei планшеттары ылан үөрбүттэр. Үһүс миэстэлээх хамаанда чилиэттэрэ Lenovo планшеттарга тиксибиттэр. Дьыалабыай оонньуу бары кыттааччыларыгар сэртипикээттэр туттарыллыбыттар.

Тыа хаһаайыстыбатын НЧИ дириэктэрэ Айаал Степанов саамай көхтөөх кыттааччыларга: Мичил Егасовка (бааһынай хаһаайыстыбаны салайааччы, Таатта) уонна Илья Ильиҥҥэ (“Уус Алдан” ТХПК менеджерэ, Уус Алдан)  “Миниистир” өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыалабыай оонньууга кыттарга сэртипикээттэри туттарбыт.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0