“Ф.С.Стручков, А.С.Евстафьева, Н.Н.Баишева миэхэ элбэх билиини биэрбит, убаастыыр учууталларым. Түгэнинэн туһанан, учууталларбар улахан махталбын тиэрдэбин. Кинилэр көмөлөрүнэн билии киэҥ аартыгын дабайаммын, улахан ситиһиилэнним”, — диэн бүгүҥҥү эдэркээн дьоруойум Нам улууһун Бөтүҥ орто оскуолатын үөрэнээччитэ Люда Андросова кэпсээнин саҕалыыр.
Учуутал, учуутал…
Төһөнөн элбэх оҕону кытта кэпсэтэбин да, соччонон оҕо талаанын, дьоҕурун арыллыыта учууталтан быһаччы тутулуктаах эбит диэн түмүккэ кэлэбин. Ити этиибин эдэркээн дьоруойум дьэҥкэтик туоһулуур. Учуутал оҕо ханнык эйгэҕэ ордук интэриэстээҕин таба көрөн, кэмигэр сайыннаран, инники идэтин таларыгар салайан биэрэр биир сүҥкэн суолталаах киһинэн буолар. Ханнык баҕарар оскуола үөрэнээччитэ араас куруһуоктарга дьарыктанан, сүрэҕэ сөбүлүүр, дууһата сытар дьарыгын, “бу баар эбит мин умсулҕаным” диэн көрдөөн булар. Элбэхтэн сыымайдаан бэйэтигэр чугаһын, суолталааҕын, ордугун талан ылар.
Учууталын сабыдыала
Люда черчение уруогун 6-с кылааска үөрэтэр буолуохтарыттан сэҥээрэн барбыта. Былырыыҥҥыттан ыла көмпүүтэр графикатынан үлүһүйбүт. Быйылгыттан онтун дириҥэтэн, сайыннаран үөрэппит. Итиниэхэ СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, “Учууталлар учууталлара” үрдүк аат хаһаайына, черчение учуутала Федот Семенович Стручков сүҥкэн өҥөлөөх. Кини графическай дизайн диэн тугун быһаарыыттан саҕалаан, Corel, AutoCAD курдук бырагыраамаларга тиийэ билиһиннэрбит, үөрэппит. Дьаныардаахтык дьарыктанар, үлэтин тиһэҕэр тиэрдэр иитиллээччитин ситиһиитэ өр кэтэһиннэрбэтэҕэ. Люда маҥнай оскуола иһинээҕи күрэхтэһиилэргэ кыттыбыта. Сыыйа билиитин-көрүүтүн хаҥатан, үлэлэрин тупсаран испитэ. Маҥнай тыа хаһаайыстыбатын тиэмэтигэр сыһыаннаах логотибы толкуйдаабыта.
Кыайыы кистэлэҥэ
Сыллата оскуола иһинээҕи, улуустар икки ардыларынааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Ол курдук, Нам улууһугар акушерскай-гинекологическай сулууспа тэриллибитэ 80 сылыгар анаан логотип оҥорбут.
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кэлэр уон сылы “Оҕо саас уон сылынан” биллэрбитэ. Итиниэхэ анаан бүтүн Арассыыйа үрдүнэн хамсааһыннар бараллар. Саха сирэ тустаах тэрээһинтэн туора турбат. СӨ Ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин министиэристибэтэ, А.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо кыһата “Оҕо саас уон сылын” логотибын оҥорууга аһаҕас күрэхтэһиини биллэрбитэ. Эдэркээн дизайнер тута бу күрэхтэһиигэ кыттарга санаммыта. Ол түмүгэр, Саха сирин араас муннуктарыттан киирбит 68 үлэттэн анал хамыыһыйа чуо Люда оҥорбут логотибын талбыта.
Бу ылбычча үлэ буолбатах. Ол курдук, бэйэтэ ураты көрүүлээх Люда өҥүн-дьүһүнүн барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйдаабыт.
— Логотиппар кыыстаах уолу ойуулаабытым. Кинилэр оҕо сааһы кэрэһилииллэр. Сүрүн көстүүтэ араҕас дьүһүннээх. Ити сылааһы, үөрүүнү бэлиэтиир. Аллараа өттүгэр от күөх сэбирдэхтэр уонна саҥа тыллан эрэр сибэкки ойууламмыт. Ити кэскиллээх, үүнэн эрэр көлүөнэни туоһулуур. Логотип суругун төгүрүччү суруйбутум. Логотип тула өттүгэр кустук араас өҥүнэн сардаҥалары уруһуйдаабытым, — диэн быһаарар.
Оҕолорго аналлаах JuniorSkills (Джуниор Скиллс) профессиональнай маастарыстыбаны көрдөрөр күрэхтэһии “графическай дизайн” диэн компетенция улуустааҕы түһүмэҕэр кыайан, салгыы өрөспүүбүлүкэ финалыгар 4-с миэстэлэммитэ.
Саамай сүрүнэ, көмпүүтэр бырагырааматын үчүгэйдик баһылыыр наада, ону сатаатахха, барыта кыаллар, судургу диэн сүбэлиир. Оттон тугу эрэ ситиһэр, улахан таһымнаах куонкурустарга миэстэлэһэр туһугар үөрэнээччиттэн тулуур, дьулуур курдук хаачыстыбалар эрэйиллэллэр диэн кистэлэҥин үллэстэр.
Барытыгар дэгиттэр
Люда хаһыс даҕаны сылын Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт кыһыҥҥы, сайыҥҥы, күһүҥҥү оскуолаларыгар үөрэммит. Бастакы түһүмэҕи ааһан, иккискэ кыттарыгар ыҥырбыттар. “Дьоҕур” эрэгийиэннээҕи бэстибээлигэр математика олимпиадатыгар бастакы, өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэлэрдээх.
Туйгун үөрэнээччи сөбүлүүр биридимиэттэрэ – алгебра, информатика, английскай уонна нуучча тыллара. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет олимпиадатыгар математикаҕа бастакы түһүмэҕи ситиһиилээхтик ааһан, иккискэ кыттыбыт. Билигин түмүгүн долгуйа кэтэһэр. Талааннаах оҕо барытыгар талааннаах диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ол курдук, “Бриллиантовые нотки” күрэхтэһии улуустар икки ардыларынааҕы түһүмэҕэр II истиэпэннээх лауреат аатын ылбыта. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Cover show” ырыа күрэҕэр I истиэпэннээх лауреат аатын сүкпүтэ.
Люда, хас биирдии туйгун үөрэнээччи курдук иллэҥ кэмигэр кинигэ ааҕарын сөбүлүүр. Сүрүннээн, классик-суруйааччылар айымньыларын ордорор. Билигин “13 причин почему” кинигэни ааҕан бүтэрэн эрэрин туһунан санаатын үллэстэр. Хаһыаты төһө ааҕарын туоһуласпыппар: “Кырдьыгын эттэххэ, хаһыаты батыһан аахпаппын. Мин санаабар, билиҥҥи көлүөнэ туох баар сонуну интэриниэттэн ылар, билэр-көрөр. Ити, арааһа, аныгы үйэ хаамыыта буоллаҕа”, — диэн этэр.
Быйыл тохсус кылааһы бүтэрээри сылдьар. Бастакы эксээмэннээх сыла. Бука, оскуола кэнниттэн ханнык идэни талыаҕын чопчулаары, эрдэттэн бэйэтин тургутан көрөөрү быһыылаах, букатын майгыннаспат биридимиэттэри – информатиканы уонна биологияны талбыт.
— Ийэм курдук медик буолуохпун баҕарабын. Эмиэ даҕаны олохпун тэхиньиичэскэй идэни кытта ситимниир санаалаахпын. Билигин даҕаны чопчу быһаарына иликпин. Сөбүлүүр, дууһам сытар идэтин талан, үлэһит киһи буолуохпун баҕарабын, — диэн санаатын үллэстэр.
Үгүс оҕо ырыа, үҥкүү аргыстаах эбит буоллаҕына, Бөтүҥ кыыһа Люда Андросова, көрбүккүт курдук, ураты интэриэстээх. Үөрэҕин таһынан хас даҕаны дьарыктаах. Хаһан барытын бүтэрэн-оһорон иһэрин, сынньалаҥар бириэмэ хаалларарын киһи эрэ сөҕө саныыр.
Ыспыраапка
Люда Андросова
Бөтүҥ (Нам улууһа) орто оскуолатын 9-с кылааһын туйгун үөрэнээччитэ.
Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөлэр. Убайа Василий ХИФУ иһинэн инфраструктурнай технологиялар кэллиэстэрин 2 кууруһун устудьуона. Кэргэннээх, оҕолоох.
Балта Лилианна 6-с кылааска үөрэнэр.
Быраата Арылхан — уһуйаан иитиллээччитэ.
Ийэтэ Анна Васильевна “Сардаана” уһуйааҥҥа медсиэстэрэлиир.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru