Эдэр дириэктэр Иннокентий Малгаров: «Учуутал — угуйааччы»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Учууталлар быйылгы атырдьах ыйынааҕы мунньахтарыгар хаһааҥҥытааҕар даҕаны “үөрэх цифровой эйгэтэ”, “IT-оскуолалар” диэн тыллар үгүстүк иһилиннилэр. Саха сирин үөрэҕэ букатын саҥа, цифровой таһымҥа тахсан эрэр. Итиниэхэ төһө бэлэммитий?

edersaas.ru

Тустаах ыйытыыга хоруйу ылаары, Өлүөхүмэ улууһун оскуолаларын салайааччыларыттан саамай эдэрдэрэ, Кыыллаах орто оскуолатын дириэктэрэ, СӨ “Сыл учуутала” куонкурус кыайыылааҕа, РФ “Сыл учуутала” куонкурус кыттыылааҕа, педагог Малгаровтар династияларын салҕааччы Иннокентий Малгаровы кытта сэһэргэстим.

Идэтин таларыгар эксээмэн кыра баала дьайбыта

— Иннокентий Иннокентьевич, тоҕо учуутал идэтин таларга санаммыккыный?

— Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ханнык идэни баһылыахпын сөбүн син толкуйдаталаан ааһарым. Ол гынан баран, хайысхатын эрэ көрөрүм. Бастатан туран, миэхэ тиэхиньикэ ордук чугас дии саныырым, көмпүүтэри, информационнай технологиялары сэҥээрэрим. Оттон тиэ­хиньикэҕэ саамай сүрүннүүр биридимиэт – физика. Сөбүлүүр уруогум физика этэ. Ол эрээри, биһиэхэ, тыа оскуолатыгар учуутал тиийбэтэ, онон сөптөөх үөрэтии суо­ҕа. Бэйэм кыахпынан бэлэмнэммитим. Эксээмэҥҥэ баҕарбытым курдук үрдүк баалы ылбатаҕым. Билиҥҥи курдук интэриниэт баара буоллар, арааһа, син барбахтаһыам этэ. Иккис хайысханан суруналыыстыканы көрөрүм. Оҕо эрдэхпинэ хаһыакка суруйарым, ыстатыйалардааҕым. Оскуола иһинэн теле-устуудьуйа үлэлэтэрбит. Суруналыыстыкаҕа докумуоммун туттарбытым эрээри, учуутал идэтэ эмиэ да тиэхиньикэлээҕин, эмиэ даҕаны гуманитарнайын иһин физиканы талбытым. Уонна биир үксүн физикаҕа ылбыт баалбыттан астыммакка, бу биридимиэти хайаан даҕаны билиэхтээхпин диэн сыал-сорук туруоруммутум. Билигин идэбин сөпкө талбыппын эбит дии саныыбын, букатын кэмсиммэппин.

Олоҕун бэлиэ түгэнэ

— Өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан, “Сыл учуутала” Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттыыҥ тус бэйэҕэр тугу биэрдэний?

— Куонкурус – олоҕум биир бэлиэ түгэнэ. Үлэбэр улаханнык көмөлөстө. Тоҕо диэтэххэ, куонкуруска бэлэмнэнии учуутал бэйэтин туораттан күүстээх уонна мөлтөх өрүттэрин анаалыстанан көрөрүгэр туһалаах эбит. Аны анаалыстанан баран бэйэҥ кэнсиэпсийэҕин буһаран, толкуйдаан таһаарар эбиккин. Хас биирдии киһи кэнсиэпсийэтэ ураты. Систиэмэбин оҥорорбор миэхэ университекка үөрэппит преподавателим Т.В.Назаров көмөлөспүтэ. Кини “древо физического знания” диэҥҥэ үөрэппитэ. Ону модель оҥостубутум. Мас биир эҥээрэ — физика (преподавателим үөрэҕэ уонна бэйэм эбии киллэрбитим), иккис өттө – үөрэх бырассыаһа.

Куонкуруска элбэх учууталы кытта билсибитим. Саха сиригэр “Сыл учуутала” диэн бэйэбит бөлөхтөөхпүт. Салайааччыбыт – Үөһээ Бүлүүтээҕи 4-с нүөмэрдээх оскуола дириэктэрэ Ю.В.Кынатов. Арассыыйатааҕы куонкуруска, уопсайа, 85 учуутал кыттыбыта. Төлөпүөнүнэн да буоллар, санаабытын атастаһабыт, сибээстэһэбит. Үчүгэйэ диэн, бэйэлэрин эрэгийиэннэригэр чопчу боппуруоһу хайдах быһааран эрэллэрин туоһуластахха, сиһилии суруйан ыыталлар, сүбэлииллэр. Бары олус үөрүн­ньэҥнэр, аһаҕастар, элэккэйдэр.

Куонкурус араас түһүмэхтэртэн турар. Холобура, “Үөрэх бэлиитикэтин кулууба”, “Педагогическай сэбиэт”, “Үөрэх бырайыага”… Ити курдук түһүмэхтэр учууталы үөрэтэр биридимиэтин таһынан, үөрэх бэлиитикэтигэр быһаарсарга үөрэтэллэр, билиини-көрүүнү кэҥэтэллэр.

Учуутал – кимий?

— Эн санааҕар, учуутал диэн кимий? Аныгы учуутал хайдах буолуохтааҕый?

— Учуутал – угуйааччы (мотиватор). Оччотугар “мотивация” диэн тугуй диэн ыйытыы үөскүүр. Хас биирдии оҕо билиигэ-көрүүгэ талаһар, наадыйар. Оҕо ол наа­дыйыытын учуутал баҕа санааҕа кубулутуохтаах. Нууччалыы эттэххэ, “перевод нужды в потребность”.

Учуутал сүрүн үлэтэ – уруок. Мин санаабар, учуутал уруокка оҕону араас түгэннэргэ (ситуация) киллэрэн-таһааран, оҕо билиигэ-көрүүгэ интэриэһин көҕүлүөхтээх. Билиигэ оҕону кытта тэҥҥэ тиийиэхтээхтэр. “Школа — это не место где учат, это – место, где учатся”, — диэн мээнэҕэ этиллибэт.

Үөрэх саҥа систиэмэтэ

— Арассыыйа атын эрэгийиэннэрит­тэн, тас дойду оскуолаларыттан туох саҥаны киллэриэххэ сөбүй?

— Быйыл сайын Интеллектуальнай оонньуу иитинэн “Научнай үөрэхтээһин” норуоттар икки ардыларынааҕы симпозиум буолбута. Онно цифровой үөрэх эйгэтин сайыннарыы сэминээригэр сылдьыбытым. Мобильнай электроннай оскуола систиэмэтин кытта билсибиппит. Билиҥҥи кэмҥэ олус наадалаах систиэмэ эбит. Цифровой эйгэ (төлөпүөн, ютуб, социальнай ситимнэр…) кыаҕа улахан уонна элбэх буолан, оҕо үксэ сэҥээрэр. Олоххо туттуллар эрээри, үөрэххэ туһаныллыбат. Тоҕо? Араас информация барыта баар. Биир өттүттэн, оҕону куһаҕан эйгэттэн көмүскүөхтээхпит. Иккис курдук, үөрэххэ туһаныллар цифровой эйгэ тоҕо суоҕуй диэн ыйытыы үөскүүр. Ол иһин чопчу үөрэххэ аналлааҕы арыйар сорук турар.

Мобильнай электроннай оскуола сис­тиэмэтигэр быйыл оскуолабытын холбуохтаахпыт. Хас биирдии оҕоҕо, учуу­талга, төрөппүккэ анал кэбиниэт (страница) арыллыаҕа. Онно бэлэм куурустар бааллар. Атына диэн, хонтуруолунай үлэттэн ураты сорудахтарга учуутал сыананы тута туруоран кэбиспэккэ, оҕоҕо ситэрэригэр сүбэлиир. Ол эрэ кэнниттэн бүтэһиктээх сыананы туруорар. Бу араас билиилээх оҕону үөрэтэргэ кыаҕы үөскэтэр уонна карантиҥҥа олорор, тымныыга үөрэммэт күннэргэ кыһалҕаны быһаарарга көмөлөөх диэххэ сөп.

Тыа сирин оскуолаларын кыһалҕата

—Тыа сирин оскуолаларын сайыннарарга туох итэҕэс дии саныыгыный?

—Араас балаһыанньалаах оскуолалар бааллар. Онно холоотоххо, биһиги оскуолабыт таас, саҥа, тупсаҕай бырайыагынан тутуллубут дьиэ. Сорох оскуолалар материальнай-тиэхиньиичэскэй баазалара быстар мөлтөх, саахалланар туруктаахтар да бааллар. Иккиһинэн, каадыр боппу­руоһа. Кэлин, оскуолаҕа саамай сүрүн киһи оҕо буолбатах, учуутал эбит диэн түмүккэ кэллим. Төһөнөн таһымнаах, киэҥ билиилээх, ураты көрүүлээх учуутал элбэх да, соччонон оҕо сайдар кыаҕа үрдүк. Үсүһүнэн, эдэр исписэлиистэр тыа сиригэр үлэлии барыахтарын иннинэ маҥнай усулуобуйатын көрөллөр. Хамнас, дьиэ-уот, социальнай көмө, сибээс… Төрдүһүнэн, түргэн интэриниэт. Интэриниэт сыаната олус ыарахан. Бэсиһинэн, оскуола сайдыыта тыа хаһаайыстыбатыттан эмиэ быһаччы тутулуктаах. Тоҕо диэтэххэ, оҕону иитэр кыахтаах эрэ ыал элбэх оҕолонор. Билигин Саха сиригэр кылааска биирдии оҕолоох оскуолалар эмиэ бааллар.

Улуус саамай эдэр дириэктэрэ

— Иннокентий Иннокентьевич, дириэктэрдээбитиҥ лоп курдук сыл буолла. Сүрэхтэниини хайдах аастыҥ?

— Дириэктэр буолар, уопсайынан, уустук. Эдэр киһиэхэ ити ордук биллэр. Тоҕо диэтэххэ, социальнай уопут аҕыйаҕа таайар. Хас биирдии хайысхаҕа солбуйааччылардаахпын эрээри, салайааччы буоларым быһыытынан бары боппуруостарга иҥэн-тоҥон быһаарсарым эрэйиллэр. Ол быыһыгар физикаҕа аҕыйах чаастаахпын.

Быйыл оскуолабыт төрүттэммитэ 155 сылын бэлиэтээтибит. Ол иннинэ эрэ Рособрнадзор бэрэбиэркэтэ кэлэн барбыта. Барыта — бастакы сылбар. Сүрэхтэниини этэҥҥэ аастым быһыылаах.

Сэмсэ тыл

Никита Аргылов, ХИФУ медиа бэлиитикэҕэ уонна уопсастыбаннаһы кытта сибээскэ управлениетын начаалынньыга:

— Иннокентий Иннокентьевич устудьуоннуур сылларыттан бэйэтэ туспа көрүүлээх, идиэйэлэрдээх. Аныгылыы толкуйдаах буолан көрүүтэ ураты, саҥалыы буолар. Дириэктэр быһыытынан ити идиэйэлэрин олоххо киллэрэр, холобур, цифровизация боппуруостарыгар бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар дии саныыбын. Иннокентий Малгаров — айылҕаттан айдарыылаах учуутал. Оҕолору кытта саастыылаахтарын курдук тэҥ, истиҥ сыһыаны олохтуур. Ол да иһин үөрэнээччилэр киниэхэ итэҕэйэллэр, арыллаллар. Биллэн турар, оҕолору үөрэтиитин тохтотон туран дириэктэринэн анаммыта үөрэнээччилэргэ охсуулаах буолуон сөп. Ол эрээри, дириэктэр быһыытынан учууталлыырынааҕар оскуолаҕа өссө элбэх саҥаны киллэрэр, оҥорор кыахтаах.

Олоҕун олуктара

Иннокентий Иннокентьевич МАЛГАРОВ:

1990 с. муус устар 10 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһугар төрөөбүтэ.

2012 с. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет физико-тиэхиньиичэскэй институтун бүтэрбитэ.

2012-2017 с. Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах орто оскуолатыгар учууталлаабыта.

2015 с. СӨ “Сыл учуутала” куонкуруска бастаабыта.

2016 с. РФ “Сыл учуутала” куонкуруска кыттыбыта.

2017 сылтан Кыыллаах орто оскуолатын дириэктэрэ.

“Саха сирин эрэлэ”, РНА академига В.П.Ларионов аатынан фонда лауреата.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0