Ыччат да, аҕам саастаах да дьон барытын смартфоннарыгар түһэрэ, уһула сылдьар буоллулар. Маны эмиэ туохха барытыгар буоларын курдук дьон араастык ылынар, өйдүүр. Хас биирдии киһи олохтон үөрэрин, буолбут түгэннэртэн түмүк оҥосторун, кэрэни үксэтэрин көрдөрө сатыыр курдук өйдүөххэ сөп.
Билиҥҥи кэмҥэ киһи барыта блог арыныан, ыытыан сөптөөх – баҕалаах эрэ буол. Ол эрээри, Сахабыт сиригэр бастакынан суолу тэлбит блогердар бааллар диэххэ сөп. Кинилэртэн биирдэстэрэ – тоҕус томтордоох Чурапчы кыыһа Анастасия Дьяконова-Ананас. Кини тэттик видеоларын социальнай ситимигэр 36,7 тыһ. киһи сэргээн көрөр.
– Бэйэҥ тускунан сырдат. Хаһан блогердаан саҕалаабыккыный?
– Мин Чурапчыга олоробун. Бэйэм Дьокуускай куоракка 2005 сыллаахха күн сирин көрбүтүм. С.К. Макаров аатынан улуустааҕы Чурапчы гимназиятын ситиһиилээхтик бүтэрдим. Биир кэлим эксээмэннэрбин туттара сылдьабын.
Блогердаан саҕалаабытым ыраатта. Бастакы холонууларбын өссө 2-с кылааска үөрэнэ сылдьаммын ютуб-ханаалбар укпутум. Арааһынай сэргэх видеолары, олоҕум кэрчиктэрин, челленджтары устан таһаарар этим. Онтон социальнай ситимнэринэн 2018 сыллаахтан үлүһүйэн барбытым. Хас биирдии блогер бэйэтэ ураты истииллээх, тиэмэлээх буоларын тута өйдөөбүтүм. Биирдэ ыппын аһата баран иһэммин, күлүүлээх видеолары устуохха сөп эбит диэн идиэйэ киирбитэ. Ол күн таһаарбытым. Видеоларым дьоруойдардаахтарын билэргит буолуо: ийэ, учуутал Стелла Гаврильевна, Гетла, Гена, Самаанта, Сонуннаах Суоппуйа.
– Тоҕо “Ананас” диэҥҥиний?
– Бэһис кылааска бииргэ үөрэнэр кыргыттарбын кытта фрукталар ааттарынан ааттаныахха диэн сүбэлэспиппит. Онно бары ютуб-ханааллардаах этибит: lili pupsi aelita, aina дыня диэбит курдуктар. Мин Анастасия диэн ааппыттан “Ананас” диэни таһаарбытым.
– Эн санааҕар, блогер диэн кимий?
– Блогер диэн киэҥ эйгэни хабар буолан дьоҥҥо, уопсастыбаҕа настарыанньаны, туһалаах информацияны биллэрэр, көрдөрөр, тарҕатар киһи. Кини өссө көмө оҥоруон сөптөөх, бэйэтэ туспа интэриэһинэй дьарыктаах, көрүүтүнэн, дьоҕурунан дьон сэҥээриитин ылар киһи дии саныыбын.
– Бэйэҥ аадырыскар кириитикэни көрсүбүтүҥ дуу?
– Блогерствонан дьарыктанарым тухары элбэх хейты көрсүбэтэҕим. Ол онтон үөрэбин эрэ.
ЫРА САНАА
– Биллэр блогердартан кимниин эмит билсэҕин, доҕордоһоҕун дуо?
– Ыкса билсэр дьонум суох эрээри, хардарыта сурутуулаах, биирдэ эмит кэпсэтэр блогердардаахпын. Кинилэри кытта инникитин үлэлэһиэхпит дии саныыбын. Биир эмит блогердыын улахан тэрээһиҥҥэ ыытааччы буолан холонон көрөр ыра санаалаахпын.
СЭРГЭХ ДЬОММУТ
– Сылайар түгэннэрдээххин? Барытын быраҕар санаалар киирээччилэр дуо?
– Оннук баар буолар. Тугу да гыныахпын баҕарбат буолааччыбын. Оннук түгэҥҥэ төһө кыалларынан доҕотторбун кытта чугас буола сатыыбын. Кинилэри кытта алтыһаммын, санаам көтөҕүллэр, саҥа идиэйэлэр киирэллэр.
– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Биһиги дьиэ кэргэн олус сэргэх, көхтөөх дьоммут. Араас тэрээһиннэргэ кыттар, кэлэр-барар, айанныыр, биир сиргэ олорорун сөбүлээбэт дьиэ кэргэннээхпин. Бииргэ төрөөбүттэр үһүөбүт. Мин ыал улахан оҕото буолабын. Икки бырааттаахпын: Эрсан – сэттис кылааһы бүтэрдэ, Коля – түөрт саастаах, уһуйаан иитиллээччитэ.
МАҔАҺЫЫН АРЫННЫМ
– Кыра эрдэхпиттэн атыы-эргиэн өттүгэр интэриэстээх буоларым. Бэһистэн ахсыс кылааска диэри слаймы оҥорорго маастар-кылаастары ыытарым, маһынан оҥоһуктарбын атыылыыр этим.
Быйыл маҕаһыын арынар санаа эмискэ кэлбитэ. Миигин көҕүлээбит, өйөөбүт дьоммунан төрөппүттэрим буолаллар. Дьоммун олус күүскэ таптыыбын, кинилэргэ махталым муҥура суох. Онлайн-маҕаһыыммар ыччат сэҥээрэрэ барыта – смартфоҥҥа чехоллар, истииллээх таҥас, ачыкылар атыыланаллар. Быйыл Москуба уонна Санкт-Петербург курдук улахан куораттарга баран кэлбитим.
«Эдэр саас» ааҕааччыларыгар, оҕолорго, ыччакка сөбүлүүр дьыалаҕытынан хорутуулаахтык дьарыктанаргытыгар, сайдаргытыгар, туохтан да толлубакка туруоруммут сыалларгытын ситиһэргитигэр баҕарабын!