Эдэр атлеттарбыт сэттэ мэтээллээх эргилиннилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Петрозаводскайга түмүктэммит 2003-2004, 2005-2006 сс. төрүөх оҕолор ортолоругар чэпчэки атлетикаҕа Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһиигэ Саха сирин эдэр спортсменнара сэттэ мэтээли ылары ситистилэр.

edersaas.ru

2003-2004 сс. оҕолорго уһуну ыстаныыга тириэньэр Б.Н. Ильин иитиллээччитэ Алеша Максимов (Мэҥэ Хаҥалас) 6,10 м көрдөрүүлээх бастаата, оттон үстэ төхтөрүйэн ыстаныыга иккис миэстэни ылла.

Алдан үөрэнээччитэ Владислав Дербенев (тириэньэрэ Л.Ю. Кисилева) үрдүгү ойууга үһүс буолла – 170 см.

2005-2006 сс. бөлөхтөрүгэр Таатта оҕото Данил Андросов (тириэньэрэ Е.И. Иванов) уһун ыстаныыга 5,05 м түһэн, үстэ төхтөрүйэн ыстаныыга 11, 15 м көрдөрүүлэнэн бастыҥ буолуталаата.

Күрэхтэһии иккис күнүгэр тириэньэр С.Е. Степанов иитиллээччитэ Ньургун Иванов (ДЮСШ-5) биэс биэрэстэҕэ спортивнай хаамыыга иннигэр кими да түһэрбэтэ. 300 м мэһэйдээх сүүрүүгэ Саша Лаврентьев (Алдан, тириэньэрэ А.А. Шаранов) үһүс көрдөрүүлэннэ – 51,15 сөк.

Саша уонна Нам оҕо спортивнай оскуолатыттан Радомир Бочкарев (тириэньэрэ К.М. Шелковникова) 400 м сүүрүүгэ бэрт кыранан бириистээх миэстэҕэ киирсибэтилэр. Манна уһуну ыстаныыга бэһис буолбут Игорь Скуратовы (ДЮСШ-1, тириэньэрэ П.А. Нечаев) бэлиэтэххэ сөп.

Роман Попов, edersaas.ru

Хаартыска Интэриниэттэн ылылынна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0