Коронавирус дьаҥыттан аан дойду өссө даҕаны босхолоно илигинэ арҕаа дойдуларга атын ыарыы туран эрэрин туһунан суостаах сонуннар иһиллэн эрэллэр. Африкаҕа ыалдьыттаан кэлбит дьоҥҥо “эбисийээнэ уоспата” диэн ааттанар вирус көбүтэр ыарыыта көстүбүт. Чинчийэр быраастары ордук куттуур сибикинэн Африкаттан кэлбиттэр эрэ буолбакка, кинилэри кытта алтыспыт дьон эмиэ сутуллубуттара буолбут. Дьэ хайдах буолабыт, ама өссө биир хамсыгы күүтэрбитигэр тиийэбит дуо?
Саҥа ыарыы буолбатах
Саҥа ыарыы туһунан бүгүн туох биллэрий? Бастатан туран, тоһоҕолоон этиэх тустаахпыт – бу саҥа ыарыы буолбатах. 1970-с
сыллартан Африкаҕа дьон сыл аайы бу ыарыыга сутуллаллара бэлиэтэнэр. Африка таһыгар ыарыыны булбуттара эмиэ оннук айылаах дэҥҥэ көстөр буолбатах, сыл аайы биир-икки киһи атын дойдуларга ыалдьаллара бэлиэтэнэр. Аймалҕан сүрүн төрүөтэ – эмискэ элбэх дойдуга бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса сибээһэ суох дьон сутуллубуттара буолар. Европаҕа бастакы ыалдьыбыт киһи ыам ыйын 7 күнүгэр көстүбүт, кини Нигерияттан көтөн кэлбитэ биллэр. Оттон ыам ыйын 20 күнүгэр Великобританияҕа ыалдьыбыт дьон ахсаана 20-чэ буолбут уонна атын дойдуларга эмиэ сыстыбыт дьон көстөн барбыттар. Билигин эбисийээнэ уоспата Португалия, Испания, Швеция, Италия, Германия, Франция, Бельгия уо.д.а. Европа дойдуларыгар көстүбүтэ биллэр. Ыам ыйын 21 күнүгэр ВОЗ 12 дойдуга 91 киһи чахчы бу ыарыыга сутуллубутун бигэргэппит.
Туох ыарыыный?
Төһө даҕаны аата “эбисийээнэ уоспата” буолбутун иһин, сүрүн тарҕатааччынан Африкаҕа үөскүүр тииҥ, дьабара курдук кыра кэбийэр харамайдар буолаллар. Лабораторияҕа чинчийии түмүгүнэн аан бастаан эбисийээнэ этигэр-сиинигэр бу ыарыыны булбуттар, онон ити аат иҥэриллэн хаалбыт. Вируһу бастаан 1958 сыллаахха кыыл иһиттэн булбуттар, маҥнайгы киһи сутуллуута 1970 сыллаахха Конго Демократическай Өрөспүүбүлүкэтигэр көстүбүт. Ыарыы бастакы сибикилэрэ – эт итийэр, төбө ыарыыр, былчыҥнар ыалдьаллар, көхсү ыалдьар, былчархайдар улааталлар, титирээһин, сылайыы бэлиэтэнэр. Онтон ымынах ыһар, үксүн сирэйтэн саҕаланар, кэлин эккэр барытыгар тарҕанар. Ымынах араастаан уларыйар, инчэҕэй хабахтарга кубулуйар, бүтэһигэр хатар. Маҥнайгы сибикилэрэ ветряной уоспаҕа майгынныыр буолуон сөп. Сүрүн уратыта – былчархай кээмэйдэрэ улаатыы. Инкубационнай кэмэ 6-13 хонук, уһуон сөп. Биэс күн маҥнайгы сибикилэрэ көстөллөр, иккис күнтэн ымынах тахсыан сөп. Өлүү коэффициена кэнники кэмҥэ 3–6% буолар диэн ВОЗ биллэрэр.
Тоҕо бу ыарыы үөскээтэй?
Бу суруллубуттан сылыктаатахха, бу саҥа көстүбүт ыарыы буолбатах эрээри, балачча “эдэр” ыарыы диэххэ сөп – 70-с сыллартан киһи-аймах биллэрдик ыалдьар буолбут. Өскөтүн саҥа көстүбүт кэмигэр сылга бэрт аҕыйах киһи (бүтүн Африка материгын үрдүнэн сылга сүүһү кыайбат түгэн) ыалдьар эбит буоллаҕына, 90-с сылларга сыл аайы тыһыынчанан киһи ыалдьарын учуонайдар билэллэр эбит. Ол эрэн, үгэс буолбутун курдук Африка иһинээҕэ кыһалҕалар аан дойдуга улахан интэриэһи тардыбаттар, сиэри таһынан улахан иэдээннэр эрэ туһунан истэбит. Онон ханнык эрэ эбисийээнэ ыарыыта соторутааҥҥа диэри кими даҕаны соччо долгуппат этэ. Оттон 2003 сыллаахха “эбисийээнэ уоспата” аан маҥнай Африка таһыгар элбэх киһини сутуйбут. Буолаары буолан ыарыы Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар эмискэ 47 киһини сутуйбут. Чинчийии көрдөрбүтүнэн, вирус дьабараҕа майгынныыр олохтоох кыылтан (наукаҕа Cynomys диэн аатынан биллэр) тарҕаммыт. Ити кэнниттэн дириҥ чинчийиилэр саҕаламмыттар.
Тоҕо ыалдьар дьон ахсаана элбээбитий?
Чинчийии бэрт дьикти түмүктэри аҕалбыт. Ааспыт үйэ маҥнайгы аҥаарыгар аан дойду үрдүнэн олус ситиһиилээх вакцинация хампаанньатын түмүгэр дьиҥнээх уоспа ыарыыта суох буолбута. 1979 сыллаахха Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы ассамблеята “аан дойду үрдүнэн дьиҥнээх уоспа суох буолла” диэн декларация таһаарбыта. Дьиҥнээх уоспа (оспа натуральная) суостаах ыарыы – сутуллубут дьон ортотунан 30% суорума суолланаллара, тыыннаах хаалбыттартан үгүстэрэ сирэйдэрэ эбирдээх, сорохторо хараҕа суох хаалаллара.
Эбисийээнэ уоспата күүскэ туруута дьиҥнээх уоспа сүппүтүн кытта сибээстээх буолуон сөп диэн сабаҕа научнай эйгэҕэ биир сүрүнүнэн ааҕыллар. Ити кэмнэргэ кыайыллыбыт уоспаны утары вакцинаны туруоруу улам тохтоон барбыт. Холобур, СССР 1982 сыллаахха уоспаны утары быһыыны уураппыта. Оттон Африка дойдуларыгар ити миэрэ өссө эрдэ тохтообута биллэр. Айылҕаҕа ыарыылар икки ардыларыгар “күрэстэһии” курдук баар эбит. Быдан күүстээх дьиҥнээх уоспа айылҕаҕа сүрүн ыарыы эрдэҕинэ, эбисийээнэ уоспата киһиэхэ сыстар кыаҕа быстар кыра этэ. Уоспанан ыалдьыбыт дьоҥҥо үөскээбит иммунитет эбисийээнэ уоспатыттан эмиэ харыстыыр – “аймахтыы” чугас ыарыылар. Онтон вакцина көмөтүнэн дьиҥнээх уоспаны суох оҥорбуттарын кэнниттэн, эбисийээнэ уоспата “босхоломмут миэстэҕэ” кэлбит буолуон сөп. Онуохаҕа вакциналааһын тохтообута улаханнык көмө буолбут. Ону дакаастыыр сүрүн туоһулуур чахчынан бастакы кэмҥэ ыарыы кыра оҕолорго эрэ тарҕанара буолар. Кэлин улахан оҕолорго, онтон 16 саастарын ааспыт эдэр дьоҥҥо сыстар буолбут. Билиҥҥи туругунан, ыарыыга сутуллар дьон саастара ортотунан 27 диэри улааппыт. “Ортотунан” диэни сөпкө өйдүөх тустаахпыт – кыра саастаах оҕолор билигин даҕаны Африкаҕа сүрүн сутуллар араҥа, кинилэри кытта улахан дьон ыалдьара эмиэ улааппытын “орто” сыыппара туоһулуур.
Ыарыы билиҥҥи туруга
Минздрав уонна Роспотребнадзор ыам ыйын 22 күнүгэр Арассыыйаҕа бу ыарыы суоҕун биллэрбиттэрэ. “Вектор” киин дьиҥнээх уоспаттан бэриллибит вакцина бу ыарыыттан үчүгэйдик харыстыырын туһунан биллэрдэ. Ол аата, 40 саастарыттан аҕа дьон бу ыарыыттан куттанымыахтарын сөп курдук.
Өлүү коэффициена 3–6% диэн олус суостаах билгэ. Үһүс сылын хааччахтыыр коронавирус бу көрдөрүүтэ 1,15% диэн ааҕыллар. Ол эрэн, саҥа аймалҕаны тардыбыт эбисийээнэ уоспата коронавирус курдук сыстыганнаах буолбатах. Өскөтүн коронавирус салгын нөҥүө бэриллэр олус сыстыганнаах ыарыы эбит буоллаҕына, эбисийээнэ уоспата эт-сиин убаҕаһын нөҥүө эбэтэр өр кэмҥэ ыкса алтыһыы түмүгэр бэриллэр ыарыы диэн ааҕыллар этэ.
Ордук кутталлаах сибикилэри икки чахчы туоһулууллар. Бастатан туран, ыарыы Африкаттан тахсара элбээбит. Өскөтүн урут ыарыы үгүс түбэлтэтэ Конго өрүс тула сытар дойдулар эбит буоллахтарына, билигин ыарыы Африкаттан тахсыбыт уонна онно сылдьыбыт эрэ дьону буолбакка, кинилэр алтыспыт дьоннорун эмиэ сутуйар кыахтаммыт. Иккиһинэн, ыарыы урут биир ситиминэн тарҕанарын бэлиэтиир эбит буоллахтарына, билигин хас да салаанан тарҕанар буолбут курдук. Ол эбэтэр, урут маҥнайгы ыарыһахтан сутуллубут дьону ситимнээн холкутук булар эбит буоллахтарына, билигин кимтэн сутуллубута биллибэт ыарыһахтар Африка таһыгар көстүтэлээн эрэллэр.
Уоскутар сабыдыаллар эмиэ бааллар. Бастатан туран, уоспаны утары үлэлиир вакцина бу ыарыыттан үчүгэйдик харыстыыр, саҥа вакцина айар кыһалҕа суох курдук. Иккиһинэн, туох да диэбит иһин, бу ыарыы олус сыстыганнаахтарга киирсибэт. Онон бу ыарыыны саба тутуу быдан судургу буолуон сөп.
Ол да буоллар, вирус тарҕанар ньыматын, сыһыарар күүһүн, саһар кэмин араастаан уларытар кыахтааҕын бары бэркэ биллибит. Онон кэлэр сонуннары кэтээн көрөрбүтүгэр эрэ тиийэбит. Кэм-дьыл көрдөрүө.
Хаартыска Википедия,
iStock.com
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат