Эбии сынньалаҥ күннэрэ биллэрилиннилэр

16.04.2019
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр муус устар 27 уонна бэс ыйын 21 күннэрэ эбии сынньалаҥ күннэринэн биллэрилиннилэр.

еdersaas.ru

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, муус устар 27 күнэ (Өрөспүүбүлүкэ күнэ) субуотаҕа түбэһэринэн, биэс күннээх үлэ режимнээхтэргэ муус устар 29 күнэ (бэнидиэнньик) сынньалаҥ күнүнэн ааҕыллыаҕа. Онон, үлэһиттэр муус устар 27-29 күннэригэр сынньаныахтара, муус устар 30 күнэ үлэ күнүнэн ааҕыллыаҕа. Онтон ыам ыйын 1-5 күннэрэ — бырааһынньык, сынньалаҥ күннэрэ.
Манна даҕатан эттэххэ, бу нуорма биэс үлэ күннээх уонна субуотаҕа, өрөбүлгэ сынньалаҥнаах тэрилтэлэргэ сыһыаннаах. Ол эбэтэр,  бэнидиэнньиктэн субуотаҕа диэри үлэлиир режимнээх тэрилтэлэр муус устар 27 күнүгэр үлэлээбэттэр, үөһээ этиллибит күннэри көһөрөн биэрии быраабылалара кинилэргэ дьайбат.
Ону сэргэ РФ Үлэ Кодексатын 95 ыстатыйатынан, бырааһынньык иннинээҕи үлэ күнэ биир чааһынан кылгаан биэрэр.
Муус устар 27 күнүн сынньалаҥ күнүнэн биллэриини үлэни биэрээччилэр бэйэлэрэ быһаараллар.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, еdersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0