Эбии үөрэхтээһин олоххо бэлэмнээх дьону иитэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Аҕыйах сылтан бэттэх өрөспүүбүлүкэҕэ эбии үөрэхтээһин биллэ сайынна. Ол курдук, саха оҕолоро Россия, тас дойдулар таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттан, хото миэстэлэһэр буоллулар. Ити олоххо бэлэмнээх дьону иитэн таһаарарга сүрүн күүс буолар. Маны барытын Эбии үөрэхтээһини уонна оҕо тэрилтэтин сайыннарар өрөспүүбүлүкэтээҕи киин сүрүннүүр. Дириэктэринэн педагогическай наука кандидата Мария Петрова үлэлиир.

Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/

— Мария Петровна, Эбии үөрэхтээһин сыла туох түмүктэри аҕалла?
СӨ Үөрэҕин министиэристибэтэ ааспыт 2016 сылы Үөрэх, култуура уонна спорт эйгэтигэр Эбии үөрэхтээһин сылынан биллэрбитэ. Онон биһиги тэрилтэбит эбии үөрэхтээһини сайыннарыыны уонна Эбии үөрэхтээһин сылын Кэнсиэпсийэтин оҥорууну, тэрээһин үлэтин сүрүннээбитэ. Манан сибээстээн, иннибит диэки хардыылыыр туһугар алта сүрүн хайысханы чорботон бэлиэтээбиппит. Итиэннэ ол хайысхалары тутуһан, ааспыт сылбыт кэккэ ситиһиилэрдээх, түмүктээх буолла диэн этэр кыахтаахпыт. Бастатан туран, нормативнай-правовой хааччыйыыга. СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин аатыттан кыттан, оҕону эбии үөрэхтээһиҥҥэ персонифицированнай үбүлээһин федеральнай тус сыаллаах бырагырааманы олоххо киллэрэр граны сүүйбүппүт. Күн бүгүн тустаах экспэримиэн үлэлии турар. Ааспыт сылга Дьокуускай куорат кыттыбыта. Быйыл куонкуруһунан өссө үс улуус холбоһуохтаах.
Иккиһинэн, каадыры сайыннарыыга болҕомто уурдубут. Эбии үөрэхтээһин үлэһиттэрин көҕүлүүр инниттэн “Эбии үөрэхтээһин бастыҥ салайааччыта”, “Эбии үөрэхтээһин бастыҥ педагога”, “Эбии үөрэхтээһин бастыҥ методиһа” о.д.а. араас куонкурустары ыыттыбыт. Итиэннэ үлэһиттэр квалификацияларын үрдэтэр кэккэ куурустары тэрийдибит. Бу эмиэ улахан суолталаах.
Үсүһүнэн, инфраструктураны сайыннарыыга болҕомто уурдубут. Ол түмүгэр, уопсайа, 22 мөл. солк. суумалаах материальнай көмө оҥоһулунна. Манна куонкурус быһыытынан, уопсай-техническэй уонна естественнэй-научнай хайысхалаах интэриэһинэй, сонун бырагыраамалаах тэрилтэлэр кыттыбыттара. Кыайыылаахтар бырагыраамаларын (робототехника, 3D прототипирование, химия, биология уо.д.а.) олоххо киллэрэллэригэр араас суумалаах анал тэриллэринэн хааччыллыбыттара.
Төрдүһүнэн, эбии үөрэхтээһин бырайыактарын өйөөтүбүт. 2012-2017 сылларга СӨ оҕо тэрилтэтин хамсааһынын сайыннарыы Кэнсиэпсийэтин ылыммыппыт. Оҕону патриотическай тыыҥҥа иитиигэ улахан болҕомтону уурабыт. Итини сэргэ, Эбии үөрэхтээһин сылыгар оҕону эрдэттэн профориентацияҕа уонна анал идэлэргэ бэлэмнииргэ олук уурар 13 компетенциялаах “JuniorSkills” күрэхтэһии суолталанна. Манна барыта 146 оҕо кытынна. “Будущий дипломат”, “Музыка для всех” о.д.а. бырайыактар оҕону элбэххэ иитэр суолталаахтар.

Бэсиһинэн, биир туһалаах хайысханан методическай хааччыйыы буолар. Онон былырыын араас семинардары, түмүктүүр кэмпириэнсийэни тэрийэн ыыппыппыт. 2015 сыллаахха учууталлар XIII сийиэһигэр СӨ Ил Дархана Егор Борисов эбии үөрэхтээһин педагогтарын көҕүлүүр инниттэн, Грант олохтуохха диэн тыл эппитэ. Ол түмүгэр, ааспыт сыл бүтүүтэ, эбии үөрэхтээһин 36 бастыҥ педагога 100-түү тыһ. солк. суумалаах Ил Дархан Гранын тутта.
Алтыһынан, информационнай өйөбүл улахан суолталаах. “Саха сирин эбии үөрэхтээһинэ” уонна “Экологическай вестник” диэн сурунааллары, “Саха” НКИХ “Золотые занятия” диэн бырайыагын саҕалаан эрэбит. Кэлин эбии үөрэхтээһиҥҥэ интэриэс күүһүрдэ, оҕону иитиигэ наадалааҕын таба өйдөөн эрэллэр. Маныаха ордук Уус Алдан, Чурапчы, Таатта, Горнай улуустарын көмөлөрүн чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Оҕону эбии үөрэхтээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ атын регионнары кытта тэҥҥэ барсан иһэр, ханнык эрэ хайысхаларга инники сылдьабыт диэн этэр кыахтаахпыт.

Сыыппаралар, чахчылар

226 эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ баар (2016 сыл тохсунньу 1 күнүн туругунан)
138 тэрилтэ хапытаалынай өрөмүөнү эрэйэр
8 тэрилтэ саахалланар туруктаах
6202 киһи эбии үөрэхтээһиҥҥэ үлэлиир
3613 педагогическай үлэһит
107 568 оҕо эбии үөрэхтээһининэн хабыллар
6246 — техническэй
495 — спортивнай-техническэй
3447 — экологическай-биологическай
2700 — туристскай-кыраайы үөрэтэр
36969 — спортивнай
38 882 — художественнай
1940 — культурологическай
16105 — араас хайысхалаах

Төрөппүт санаата

Лена Прохорова:
— Мин оҕом Анжелика Прохорова 21-с №-дээх оскуолаҕа, 5-с “А” кылааска үөрэнэр. Быйылгыттан ыла Дьокуускай куораттааҕы Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар “Математика” куруһуогар сылдьан эрэр. Дьарык нэдиэлэҕэ иккитэ буолар. Салайааччыта – Г.В.Белина. Үгүс уопуттаах буолан, хас биирдии оҕоҕо сөптөөх сыһыаны булар. Оҕом олус сөбүлээтэ. Көннөрү садаачалары буолбакка, уустук, олимпиада садаачаларын, хас даҕаны түһүмэхтээх уравнениелары суоттатар уонна саамай үчүгэйэ логическай толкуйдарын сайыннарар. Баара-суоҕа түөрт ый дьарыктанна эрээри, номнуо түмүк баар диэн көрөбүн. Бэйэтигэр эрэлэ күүһүрбүт уонна олимпиада садаачаларын ыарырҕаппакка суоттуур буолбут.
Ону таһынан төрдүс сылын Е.Г.Васильев салалтатынан “Step by step” төлөбүрдээх английскай тыл куруһуогар дьарыктанар. Манна эбии “Чолбон” бассейҥҥа суруттардыбыт. Уопсайынан, оҕо иллэҥ кэмин халтай атаарбакка, туох эрэ дьарыктаах буолара ордук. Билигин, биһиги дьолбутугар, талбыт дьарык барыта баар.

Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0