Эбии үөрэхтээһин 200 учуутала регионнааҕы кэмпэриэнсийэҕэ кытынна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйылгы сылы СӨ Үөрэҕин министиэристибэтэ, Эбии үөрэхтээһин сылынан биллэрбитэ. Манан сибээстээн, сыл устата араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Онтон сылы түмүктүүр түһүмэҕинэн “Эбии үөрэхтээһиҥҥэ саҥаны киллэрии: уопут уонна инники сайдыылар” диэн регионнар икки ардыларынааҕы научнай-практическай кэмпэриэнсийэ буолла.

Кэмпэриэнсийэҕэ СӨ Ил Дарханын Судаарыстыбаннай сүбэһитэ, бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев, СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Владимир Егоров, миниистири I солбуйааччы Феодосия Габышева, солбуйааччы Эдуард Кондратьев, киин куораттартан экспердэр, үөрэҕи сайыннарар институттар, кииннэр салайааччылара Сергей Косарецкай, Ангелина Золотарева, Татьяна Мерцалова, Дмитрий Ковалев, Хмайра Загладина, Семен Славин, Иван Шимов кытыннылар. Тэрээһиҥҥэ 22 улуустан уонна Дьокуускай куораттан уопсайа 200 эбии үөрэхтээһин үлэһитэ кэллэ. Кинилэр икки күн устата үс секциянан үлэлээтилэр, биэс семинарга кытыннылар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл күһүҥҥүттэн эбии үөрэхтээһиҥҥэ персонифицированнай үбүлээһин экспэримиэнэ киирдэ. Россияҕа аан бастакынан бу бырайыакка Саха сирэ ылыста. Биһигини сэргэ бырайыакка өссө алта субъект хабылынна. Манан сибээстээн, федеральнай бюджеттан эбии үөрэхтээһиҥҥэ 37 мөл. солк субсидия көрүлүннэ. Ол эбэтэр оҕо сөбүлүүр дьарыгар уһуйулларыгар анаан, чопчу ыйыллыбыт суумалаах сэртипикээт туттарыллар. Бу сэртипикээти оҕо биир эрэ көрүҥҥэ (дьарыкка) туһанар кыахтаах. Бырайыак быйылгы үөрэх сылыттан саҥа саҕаламмыт буолан, механизмыгар мунаарар боппуруостара үгүс.

Миниистири солбуйааччы Эдуард Кондратьев уонна Үөрэҕи сайыннарар федеральнай институт старшай научнай үлэһитэ Семен Славин салайан ыыппыт секцияларыгар, семинардарыгар хас биирдии кыттааччы ыйытыытыгар сиһилии хоруйдары биэрдилэр. Билиҥҥитэ бырайыакка Дьокуускай куорат 9 эбии үөрэхтээһинин тэрилтэтэ киирбитэ. Инникитин улуустары эмиэ кытыннырар сорук турар. Маныаха чурапчылар номнуо бэлэмнэнэ сылдьалларын туһунан иһитиннэрдилэр. Онтон Дьокуускай куорат оҕону эбии үөрэхтэһиининэн дьарыктанар тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, улуус үлэһиттэригэр бэйэлэрин уопуттарын кэпсээтилэр.
Үөрэх институтун сайыннарар оскуола социальнай-экономическай киинин дириэктэрэ Сергей Косарецкай: “Эбии үөрэхтээһиҥҥэ саҥаны киллэрии пилотнай бырайыагар регионнары талыыга эһиги өрөспүүбүлүкэҕит кыайыылаах тахсыбыта. Бу бырайыак федеральнай эксперэ буоларым быһыытынан, Саха сирэ олус хаачыстыбалаах түмүктэри көрдөрөр диэн толору этэр кыахтаахпын. Бу механизмҥа эрэ буолбакка, саҥа технологияны киллэриигэ, кыттыгас уонна социальнай-культурнай хайысхаҕа хардарыта үлэлэһиигэ көстөр. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ оҕону эбии үөрэхтээһини сайыннарыыга Россияҕа биир бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар диэн толору этэр кыахтаахпыт. Саха сирин салалтата өйүүр, Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэҕит көхтөөхтүк үлэлиир. Эһиги уопуккутун атын регионнарга тарҕатыахха сөп”, — диэн бэлиэтээтэ.
“Саҥаны киллэриини салайыы теорията уонна практиката” диэн ааттаах секцияны федеральнай эксперт Сергей Косарецкай, Эбии үөрэхтээһини уонна оҕо тэрилтэтин сайыннарар өрөспүүбүлүкэтээҕи киин дириэктэрэ Мария Петрова салайан ыыттылар. Манна кыттыбыт педагогтар ханнык хайысхаҕа үлэлииллэрин билиһиннэрдилэр. Ордук табыгастаахтарын атыттарга холобур быһыытынан кэпсээтилэр. Ол курдук, аныгы үйэҕэ оҕону илиинэн оҥоһуктартан саҕалаан, техническэй үөрүйэххэ тиийэ уһуйаллар. Санкт-Петербурдааҕы оҕо айымньытын уонна информационнай технологияҕа киинин дириэктэрэ Дмитрий Ковалев саҥа идэлэри арыйыы ардыгар бытаарарын, онтон эбии үөрэхтээһин оҕолору оскуола сааһыттан номнуо бэлэмнээх буолан тахсалларыгар үөрэтэрин бэлиэтээтэ.
Түмүккэ, СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Владимир Егоров эбии үөрэхтээһин бастыҥ педагогтарыгар Ил Дархан аатыттан 100 тыһ солк суумалаах Граннары туттартаата.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0