Сахабыт сирэ уран тарбахтаах, уус дьоннооҕунан аатырыан аатырар буоллаҕа. Ону “Якутия мастеровая” быыстапка-дьаарбаҥкаҕа сылдьан өссө төгүл итэҕэйэҕин. Наталья Саввинова-Санаайа Мииринэй оройуонун Сүлдьүкээр нэһилиэгиттэн кэлэн, быыстапкаҕа кытта сылдьарын көрсөн, кэпсэттим.
Санаайа оҕуруонан иистэммитэ номнуо 27 сыл буолла. Бастакы кыыһын оҕолонон баран, аан бастаан оҕуруону илиитигэр туппута. Сүрүннээн киэргэллэри, суумкалары, илин кэбиһэрдэри, бастыҥалары, бөҕөхтөрү, сон киэргэллэрин, билэлэри, сувенирдары тигэр. Эбэҥкилии дьэрэкээн оһуордаах кэмпилиэктэр уратытык көстөллөр.
—— Бу маннык таһымнаах быыстапкаҕа аан бастакыбын кэлэн кытта сылдьабын. Дьэ, улахан, сүҥкэн үлэлэр баалларын, дьон төһөлөөх мындырдарын, уран уустарын көрөн, сөҕөн-махтайан олоробун. Быыстапкаҕа биир-икки ый инниттэн анаан бэлэмнэммитим буоллар, өссө элбэх, үчүгэй үлэлэри аҕалыам этэ. Оҥоһуктарым атыыга бара турар буоланнар, быыстапкаҕа үксүн ол дьоммуттан көрдөһөн, уларсан аҕаллым, — диэн кэпсиир кини.
Айар абылаҥҥа ылларыы
Сүлдьүкээргэ төрүт олохтоох эбэҥкилэр олороллор. Уруккута Садын оройуона диэн этэ. Билигин эбэҥки таҥаһын сөргүтүү үлэтэ барар.
— Тылбытын билбэппит, үксүн сахалыы буолан хаалбыт. Этэргэ дылы, тыла суох омук омук буолбатах дииллэрэ кырдьык быһыылаах. Саатар, уус-уран ускуустуба нөҥүө бэйэбит култуурабытын сөргүппүт киһи диэн санааттан иистэнэбин. Таҥаһы тикпэппин, киэргэллэри эрэ оҥоробун.
Оһуору-мандары түһэрэргэ, уобарастары толкуйдаан таһаарарга үксүн бэйэм айа сатыыбын. Дьон айбытын үтүктүбэккэ, бэйэм сүүрээммин киллэриэхпин баҕарабын. Холобур, Экология сылыгар анаан авторскай суумкалары айбытым. Итиннэ биһиги дьиэбит, өрүспүт, систэрбит, күн тахсыыта, дьүкээбилбит уота бааллар. Олорор дьиэбитин – айылҕаны харыстыахха диэн сүрүн санаалаах хоһуйбутум. Суумкалар бары геометрическэй эттиктэр курдук быһыылаахтар – үс муннук, куб, цилиндр, о.д.а. Эбии атын быһыылаах суумкалары оҥордохпуна, коллекция силигин ситтэҕинэ, баҕар, атыыга тахсыаҕа.
Хайа муҥун киһини көрдөһүөмүй, эскиистэрбин бэйэм уруһуйдуурга үөрэммитим. Уруһуйдуу олордохпуна, ойуу бэйэтэ төрөөн-үөскээн, тэнийэн киирэн барар. Дьон үксүгэр моойго кэтэр киэргэллэри сакаастыыллар. Тугу баҕаралларын этэллэр. Ханнык өҥү сөбүлүүллэрин, ханнык ыйга төрөөбүттэрин барытын учуоттаан оҥоробун.
Билигин билэ тигиитин кэмэ бүттэ. Кэнники билэлэрбин туспа тиэмэлээх оҥортообутум. Холобур, бу сытар билэ “Өбүгэм олоҕо” диэн ааттаах. Табалаах өбүгэлэрбит көһө сылдьыбыт кэмнэрин дьүһүйбүтүм. Систэр, өрүспүт, хаардаах сыһыылар көстөллөр, ортотугар күнү муоһугар тутан турар табаны оҥорбутум. Бу биһиги норуот сырдыкка, кэрэҕэ тардыһыыбыт бэлиэтэ. Билэ быысапката люрекс саптан, барытын илиибинэн быысыбайдыыбын. Массыынанан туттубаппын, илиинэн үлэлиир ордук үчүгэй хаачыстыбалаах дии саныыбын. Ону тэҥэ, улахан оҕуруоттан бытархайга көстүм – ордук ураннык көстөр. Ол эрэн, икки төгүл үлэлээх.
“Хомус” киэргэл – хомус тыаһыттан айылҕа уһуктуутун дьүһүйбүтүм. Оҥоһуктарбар анаан сөптөөх муусука, хаартыска таҥан, видеолары оҥордохпуна – санаабын ууран, иэйэн-куойан олорон тикпитим дьоҥҥо тиийэр курдук.
Оттон бу киэргэл – барыта от күөҕэ өҥнөөх оҕуруоттан тигиллибит, ол эрээри, силбэһэн, суураллан хаалбат. Хас биирдии кэрдииһэ, ойуута тус-туспа көстөр. Хара өҥҥө “сытар” буолан, ала-чуо көстөр, от күөх өҥө дьэрэлийэн тахсар.
Оҕуруобун таба түбэстэхпинэ ылабын. Билигин “бассаапка” кыттыгас атыылаһыы бөлөхтөрө баар буолан, абырыыллар. Сүрүннээн Чехия оҕуруотун туһанабын.
Өҥү дьүөрэлээһин, дьиҥэ, уустук. Бастаан сакаасчытым сөбүлүүр өҥүн ыйыталаһабын. Ол өҥ уруулуу дьүһүннэрин ситимнээн тигэбин. Бу сытар кэмпилиэккэ фиолетовай өҥ 6-7 дьүһүнэ баар. Туора өҥ – бежевай эрэ киирэн биэрдэ. “Сылаас”, “тымныы” өҥнөр диэн араарабын.
Сороҕор бэйэм да билбэппин, хайдах сатанан хааларын – өҥө-дьүһүнэ харахпар көстөр, сөп түбэспэтин быраҕабын, онтон дьэ, наһаа үчүгэй дьүөрэлэһии тахсан кэлэр. Туох эрэ үөһэттэн ыйан биэрэрин курдук буолар, — диэн кэпсиир Санаайа. Кини хос аатын бэйэтин аатыттан таҥан таһаарбыта да бэркэ табыллыбыт.
“Иистэнэртэн сылайбаппын”
Наталья 7 оҕолоох уонна 2 сиэннээх, улахан дьиэ кэргэн күн-күбэй ийэтэ. Улахан оҕолоро номнуо үлэһиттэр, устудьуоннар, кыралара оскуолаҕа үөрэнэллэр. Сарсыарда тураат, оҕолору оскуолаҕа ыыталаан баран, 10 чааска диэри иистэнэр.
Онтон ойон туран, түргэн-түргэнник дьиэтин хомуйар, эбиэт буһарар. 12 чаастан дьоно эбиэккэ кэлиэхтэригэр диэри эмиэ иистэнэ түһэр. Аһаталаан баран, киэһэ алтаҕа диэри, онтон киэһэ утуйуор диэри эмиэ ииһигэр олорор. Ол быыһыгар сүүрэ сылдьан хаһаайка, элбэх оҕолоох ийэ бүппэт түбүгүн үмүрүтэр.
— Саамай уустуга – бириэмэм тиийбэт. Дьиэ үлэтэ ханна да барбат, онон күммүн аттардахпына эрэ, тугу эрэ ситиһэбин. Улахан сакаас киирдэҕинэ, дьэ, бириэмэ былдьаһыга, күн сырдыгын баттаһыы буолар. Онон сороҕор түүннэри иистэнэбин. Бу ииспинэн эрэ дьарыктанан олоробун, сакааһынан үлэлиибин. Бары улуустартан сакаас киирэр. Быйыл омук сириттэн кытта сакаастаабыттара. Урут оскуолаҕа түүҥҥү остуораһынан үлэлиир кэммэр, быыспар син биир иистэнэр этим.
Күн аайы иистэнэртэн сылайбаппын. Биир үлэни бүтэрэн иһэн, бу сырыыга сынньаныам диибин да, иннэм бүтэһик сиигин анньар кэммэр кэлэр үлэбин толкуйдуу олорор буолабын. Хонук да ааспат, атын үлэҕэ ылсан барабын. Оҥорон бүтэрэ охсоору ыксыыбын. Дьон үөрэрин көрөр үчүгэй да буоллаҕа, — диир кини.
Чахчыта, Санаайа оҥоһуктара кэрэни үксэтэр, төрүт үгэстэри сөргүтэр, киһиэхэ сырдык санаалары эрэ саҕар аналлаахтар. “Кэрэ аан дойдуну быыһыа” диэн мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар…
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.