Эбэм – маҥнайгы Дьоруой ийэлэртэн биирдэстэрэ

04.05.2018
Бөлөххө киир:

Мин эбэм Ксения Яковлевна Илларионова – Сунтаар улууһун (баҕар, Саха сирин да буолуо) маҥнайгы Дьоруой ийэлэриттэн биирдэстэрэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн бу бочуоттаах аат уон, онтон элбэх оҕоломмут ийэлэргэ бэриллэр буолбута.

edersaas.ru

Сунтаар улууһугар бу үрдүк ааты биэс ийэ ылбытын туоһулуур хаартыска былырыын «Туймаада” хаһыакка бэчээттэммитэ. Улуус бастакы Дьоруой ийэлэрин тустарынан матырыйааллары энтузиаст Лидия Михайловна хомуйсар, кинилэр оҕолорун, сиэннэрин, ыччаттарын кытары “Сулустаах ийэлэр” диэн батсаапка бөлөх тэрийэн, салгыы үлэлии сылдьар. Биһиги сулустаах ийэлэр оҕолоро, ыччаттара киниэхэ махтанабыт.

Мин эбэм Дьоруой ийэ үрдүк аатын ылар кэмигэр төрөөбүт буоламмын, кини үөрүүтүн өссө үрдэппитим. Миэхэ мэлдьи да иһирэхтик сыһыаннаһара, оҕом үөрэхтээх, үлэһит бэрдэ буолуо диэн барҕалаан этэрин истэ улааппыт буолан, олоххо дьулуурдааҕым, үөрэххэ тардыстарым уонна билигин кини эрэлин толорбуппуттан астынабын. Эбэбин кытта балтыбынаан Моруусалыын, билигин Мария Васильевна Николаевалыын Күүкэй биир ытыктанар, бас-көс киһитинээн, биир дьиэҕэ олорбут сиэн буоламмыт, кини иитиитин, такайыытын, үөрэҕин оҕо эрдэхпититтэн иҥэринэн улааппыппыт. Биһиэхэ оҕолорго анаан остуоруйалыырын, биллэр фольклорист хомуйааччы Г.Е.Федоров кэллэҕинэ, бэйэтин өбүгэ төрүттэрин Бээкээн кинээс, бэйэтин түбэтигэр дохсунунан, түргэн сырыылааҕынан аатырбыт хос эһэтин Чохороон, тойон таайдара Сунтаар кулубаларын Өрөкүөр, Арыҥах тустарынан сэһэргиирэ. Кэлин Георгий Евгеньевич эбэбиттэн суруйбут сэһэннэрин архыыбыттан булан, кини кинигэлэригэр бэчээттэппитим. Чаачахаан, Албын Суут, Тоҕус быраат Чорбойдор тустарынан остуоруйалары оскуолаҕа сылдьан ааҕан баран, эбэм хантан ылан кэпсиирин таайа сатыырым. Кэлин «Сааскы кэми” ааҕан баран эбэбин Даарыйа эмээхсиҥҥэ майгынната саныырым. Эбэм уран тыл ууһа этэ. Биһиги оҕолор мэниктээтэхпитинэ, мээнэ сүүрдэхпитинэ, өс хоһооннорун туттан күөйэ-хаайа этэрэ. Киниттэн торуллан саҥата суох барарбыт. Улахан да дьону мөхтөҕүнэ, мас-таас курдук саҥартыыра.

Эбэм кэргэнэ ыалдьан, эрдэ күн сириттэн күрэммит. Элбэх оҕолоох ыал ийэтэ соҕотоҕун туран хаалбыт. Кыра оҕолор аҕалара таҥаралаабытыгар чараас алаадьы сиэхпит диэн үөрсүбүттэрин ийэм аах ахталлара. Улахан оҕолоро саҥа сүһүөхтэригэр туран эрэллэр эбит. Отучча сүөһүлээҕин холхуоска киирээччи буолан холбообуттар. «Бу оҕолор холкуостаах буоллаҕа буолан, сэрии сылларыгар быстара сыспыппыт», – диирэ. Иистэнэр идэлээх буолан, кыра оҕолорун сэрии аас-туор сылларыгар инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан иитэлээбит уонна улахан оҕолор үлэ-хамнас дьоно буолан айахтарын ииттибиттэр. «Бэйэм холкуоска киирбэтэҕим, биир да күн хара көлөһүммүн тохпотоҕум», – диирэ.

Биирдэ сэрии бүтэһик сылыгар дьиэ таһыгар баар буолаҕа оҕолоро ытаһалларын истэн тиийбитэ, оройуонтан тахсыбыт боломуочунай оҕолоро кутуйах хасааһын булан дьиэлэригэр кэлэн истэхтэринэ, былдьаан ылбыт эбит. Онтон хомойон оҕолоро ытаспыттар. Эбэм курдана сылдьар тирии быатынан боломуочунайы үлтү тутан кэбиспит, саҥата диэн сүр эбит. Болуомуочунай киһи эрэ буоллар, даамын бэрдэрбит, атахха биллэрбит. Оннук харса суох, хорсун эмээхсин этэ диэн кыргыттара ахталлара.

Эбэм кимиэхэ да иннин биэрбэтэх курдук кэпсиирэ. Маҥнайгы кэргэнин сөбүлээбэтин үрдүнэн дьоно баайга ымсыыран күүстэринэн бэргэһэлээбиттэр. Биир уол оҕоломмут. Саастаах киһи эрдэ таҥаралаабыт. Дьэ, онуоха дьонугар: «Сөбүлээбэт киһибэр эргэ биэрэ сылдьыбыккыт, билигин кимиэхэ кэргэн тахсарбын бэйэм быһаарыам», – диэбит. Инньэ гынан, элбэх оҕолоох ыаллар уолларыгар Тоҥустуй Саабаҕа кэргэн тахсан, элбэх оҕоломмут.

ххх

Уопсайа уон алтата оҕоломмутуттан уон икки оҕотун киһи-хара гыммыт. Кэргэнэ мас көнө, көссүө киһитэ үһү. Ол да буоллар, НЭП саҕана сүөһү ииттэн быр-бааччы олорбуттар. Эһэбит кэргэнин сөбүлүүрэ бэрт буолан уонна иккилии сыл буола-буола оҕолонорун иһин дьиэ үлэтигэр олус бүгүрү эбитэ үһү. Элбэх оҕолоох ийэ тиийиммэтэ да буолуо, оҕонньор бэйэтэ чэй кутар үгэстээх этэ диэн кэпсииллэр. Кэргэнэ өлбүтүгэр айанньыттары кытта кэпсэтэн, Өлүөхүмэттэн анал таас таһааттаран мэҥэтигэр аатын-суолун ыйан туран уҥуоҕун эргиттэрбитэ. Бука, дьаһаллаах, кэпсэтиилээх эмээхсин буолан, төһө да аҥаардас хааллар, кэргэнин уҥуоҕун эргиттэрдэҕэ.

Улахан кыргыттара холкуоска киирбиттэрин батыһан, «Коммунар» холкуос олоҕор Балык Хатарбыкка көһөн кэлэн олорбута. Төһө да төрүт дойдута буолбатар, олохтоохтору кытта түргэнник уопсай тылы булбут. Улахан ыалымсаҕа да суох буоллар, сылга биирдэ Мэлдьэкэҕэ Балбаара эмээхсиҥҥэ, Саарыныга Миитэрэппээннээххэ сылдьар эбит. Ийэлэрэ Маарыйа кинини кытта тэҥҥэ Дьоруой ийэ аатын ылбыта, Кэриигэ Дьэпсиэйэптэргэ ыалдьыттаан кэлэрэ. Этэрбэсчитинэн, быа хатарынан чугас эргин эмээхситтэр, дьахталлар тэҥнэспэттэрэ диэн кэпсээччилэр. Онон иискэ-ууска хара кырдьыар диэри соруйсаллара. Ол оннугар утарытынан аһынан-үөлүнэн аахсаллара. Онон даҕаны оҕолорун ииттэҕэ, олох суолун буллардаҕа.

ххх

Уон икки оҕоттон маҥнайгы уола Өлүөхүмэҕэ дуу, Бодойбоҕо дуу киирэн баран, таастыы сүтэн хаалбыт. Баҕар, гражданскай сэрии будулҕаныгар ханна эмэ тиийэн-тиксэн хаалбыта буолуо, ким да билбэт. Иккис кэргэниттэн икки улахан уолаттара Дьаакып-Самырда, Түмэппий кыргыһыы хонуутугар ыҥырыллыбыттара. Самырда сураҕа суох сүппүтэ, онтон Тимэппиий ыараханнык бааһыран, дойдутугар эргиллэн кэлэн баран, ыалдьан өлбүтэ. Маарыйа, Марыына, мин ийэм Даарыйа, Аана, Өлөксөй, Ньукулай, Бачыына сэрии сылларыгар тыылга холхуос бүтэн биэрбэт үлэтигэр түүннэри-күнүстэри үлэлээбиттэрэ. Сэмэннээх Бороскуой төһө да кыра буоллаллар, сайыны быһа оччотооҕу сэрии сылларын оҕолорун курдук, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска от үлэтигэр бугул түгэҕэ харбааччынан, оҕус сиэтээччинэн сылдьаллара. Дьэ, ол иһин, улахан убайдара Түмэппий “Германияны кыайыы иһин”, онтон атыттара бары “Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Онон, биир дьиэ иһиттэн уон киһи онуон бырабыыталыстыба үрдүк наҕараадатын туппута. Бука, биир дьиэ иһиттэн маннык элбэх наҕарааданы туппут ыал ахсааннаах буолуо. Арай, эбэм эрэ ити наҕараадаҕа тиксибэтэҕэ.

ххх

Кэлин эбэм оҕолоро улаатан, холкуос төһүү үлэһиттэрэ буолбуттара. Көлөһүн күннэригэр дохуоттарын нотууранан аахсыыга ыал буола илик оҕолоро хас да сыарҕа бурдук, эт, арыы, оҕуруот аһа тиэнэн баралларын көрөн, Дабыыт диэн холкуостаах оҕонньор: «Бу саабаларга үлэлээн биэрэр эбиппит», — диэн саҥа аллайбыта уос номоҕо буолбута. Кырдьык, эбэм оҕолоро борбуйдарын кыанаат, холхуос үлэтигэр икки хараҥаны холбоон таһаарыылаахтык үлэлииллэрэ, туруу, кыайыгас буоланнар, көлөһүн күнүн хото аахсаллара. Эбэм дьиэ ис-тас үлэтин хара кырдьыар диэри бэйэтэ дьаһайара. Бурдук тардыыта диэн хаһан да бүтэн биэрбэт үлэ эбэм үрдүнэн буолара. Биһиги оҕолор киниэхэ көмөлөһө сатыырбыт да, кыайбат диэн кыһалҕа баара. Улахан дьиэ кэргэн күннээҕи астарын-үөллэрин, таҥастарын-саптарын дьаһайыахха, күннээҕи күүстээх үлэҕэ бэлэмниэххэ диэтэххэ, чахчы дьоруойдуу үлэҕэ тэҥнээх.

Ол да иһин эбэм Өксүүнньэ Дьоруой ийэ үрдүк аатын ылбытынан дьоһуннаахтык киэн туттара. Бырааһынньыктарга, үөрүүлээх түгэннэргэ дьоруойун мэтээлин мэлдьи кэтэрэ. Күннээх халлааҥҥа ыраахтан килэбэчийэн көстөрө олус да бэрт буолара. Билигин эбэм мэтээлин, улахан уол сиэн буоларым быһыытынан, үтүө өйдөбүнньүк быһыытынан ууруна сылдьабын.

Эбэм оҕолоро дойдуларыттан харыс халбарыйбакка, Күннээх Күүкэй илин эҥээригэр “Коммунар” холкуоһу туругурдубут буоллахтарына, кинилэр ыччаттара үөрэх кыһаларыгар үөрэнэн ким учуутал, ким быраас, ким экономист, ким тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ буоланнар, үлэлии-хамсыы сылдьаллар, сарсыҥҥы сардаҥалаах күнү түстүүллэр.

Василий ИЛЛАРИОНОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0