Оҕо төрөөбүт тылынан үөрэнэр бырааптаах. Ол эрээри, аҕыйах ахсааннаах норуоттар төрөөбүт тылларынан саҥараллара, суруйаллара сыл аайы аҕыйаан иһэр. Бу бүтүн норуот симэлийэригэр тиэрдэр улахан кыһалҕа.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/
Билигин кырдьаҕастар эрэ төрөөбүт тылларынан саҥараллар, төрүт култуураларын илдьэ сылдьаллар. Статистика көрдөрөрүнэн, эбээннэртэн 1970 с. – 41,7 %, 1979 с. – 44,1 %, 1989 с. – 34,7 %, 2002 с. – 28 %, 2010 с. 25,9 %-ра эрэ төрөөбүт тылларынан саҥараллар.
Эбээннэр түөлбэлээн олорор нэһилиэктэригэр оскуолаҕа эбээн тылын үөрэтэллэр. Сыл аайы эбээннии саҥарар дьон ахсаана аҕыйаан иһэр кэриҥнээх. Оттон, билиҥҥитэ үөрэтии туруга хайдаҕый? Уһук Хоту, Усуйаанаҕа командировкаҕа бара сылдьан, бу туһунан ыйыталастым.
Уйаандьыга 150 эрэ киһи олорор. Оскуолаҕа 9 оҕо үөрэнэр. Ол да буоллар, национальнай нэһилиэк буоларынан, манна эбээн тылын уруккуттан үөрэтэллэр.
Эбээн тылын учуутала Мария Денисовна Степанованы көрсөн кэпсэттим.
— Сыл аайы оҕобут ахсаана аҕыйаан иһэр, сорох кылаастарга үөрэнээччи суох, ол аайы оскуола сабыллар да куттала үөскүүр. Уйаандьы оскуолатыгар эбээн тылын 90-с сыллартан Национальнай концепция ылыллыаҕыттан үөрэтэллэр. Урут оҕо ансаамбылын салайааччы Ульяна Николаевна Колесова үөрэппитэ, билигин кини биэнсийэҕэ олорор.
Мин манна 2013 сыллаахха кэлбитим. Бэйэм Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөлүттэн төрүттээхпин. СГУ аҕыйах хотугу ахсааннаах норуоттар тылларын салаатын бүтэрбитим. Бастаан Эбээн Бытантайга, онтон дойдубар үлэлии сылдьыбытым.
Мин эбээн эйгэтигэр улааппыт киһибин. Оҕо эрдэхпиттэн дьонум бары эбээннии эрэ саҥараллара. Сахалыы, нууччалыы саҥарарга кэлин үөрэммитим.
— Оттон манна эбээннии кэпсэтэллэр дуо?
— Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытта эбээннии кэпсэппэттэр. Кырдьаҕастар эрэ саҥараллар. Дьиҥэ, нэһилиэккэ барыта эбээннэр олороллор. Кэпсэтэр үөрүйэхтэрэ суох, арай, сүрүн быраабылалары билэллэр, кыратык кэпсэтэллэр. Оскуолабытыгар оҕо, нэһилиэнньэ аҕыйах. Киһи сынньанар-аралдьыйар сирэ суох буолан, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэҕэ эрэ охтоҕун.
— Үлэҕэр туох сүрүн ыарахаттары көрсөҕүн?
— Эбээн тылын учууталларыгар улахан көмө суох. Методическай литература аҕыйах. 5-11 кылаастарга эбээн тылын грамматикатыгар аналлаах учебниктар суохтар. Олус эргэ учебниктарынан үлэлии сылдьабыт.
Үөрэх министиэристибэтигэр кыра норуоттар сүтэн эрэр тылларын сөргүтэргэ, сайыннарарга систиэмэлээх үлэ барара буоллар. Улахан кылаастарга сөптөөх учебниктары, босуобуйалары, ааҕар кинигэлэри уонна тылдьыттары таһаараллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
— Түөрт сыл үлэлээбит эбиккин дии, туох ситиһиилэр баалларый?
— Быйыл 9-с кылаас үөрэнээччитэ Дмитрий Климовскай өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа үһүс миэстэни ылла. Былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ кэтэхтэн түһүмэххэ эмиэ үһүс миэстэни, «Инникигэ хардыыга» сертификат ылан, ситиһиилэр син бааллар.
— Оҕолор төһө баҕаран туран үөрэнэллэрий?
— Бастаан улахан интэриэс суох этэ. Билигин санаалара уларыйбыт курдук. Бу биһиги өбүгэлэрбит тыллара, төрөөбүт төрүт тылбыт, култуурабыт, олохпут эйгэтэ дии саныыр, өйдүүр буоллулар. Ол олус үөрүүлээх, биир ситиһиим буолар диэтэхпинэ, сыыспаппын.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/