Эбээн норуотун үгэстэрин илдьэ сылдьар майыар сиидэрэптэрэ

Бөлөххө киир:

Бибилэтиэкэр  идэлээх Надежда уонна “Эдек” кулууп сэбиэдиссэйэ, үҥкүү туруорааччы Сиидэр Сиидэрэптэр Абый улууһун Майыар нэһилиэгин тутаах ыала. Кинилэр сайылыктарыгар сыл аайы оскуола саастаах оҕолорго анаан үлэ, сынньалаҥ лааҕырын тэрийэллэр. Саха төрүт дьарыгар, үлэҕэ сыһыарар, кинигэни ааҕарга уһуйар эбиттэр.

Бүрээт сиригэр билсибиппит

Ыал аҕата Майыартан төрүттээх, оттон Надежда Бүлүү Кыргыдайыттан сүктэн кэлбит ки­­йиит. Кинилэр Улан-Удэҕа устудьуоннуу сылдьан билсибиттэр, ыал буолбуттар, биэс оҕоҕо (түөрт кыыс, биир уол) күн сирин көрдөрбүттэр. Билигин номнуо эбээ-эһээ буолан олороллор. Сиидэр кэпсиир:

— Мин аармыйаҕа барыам иннинэ дойдубар үлэлээбитим, онтон сулууспа кэнниттэн Улан-Удэҕа Илин Сибиирдээҕи култуура институтугар туттарсан хореограф идэтин баһылаабытым. Онно сылдьан кэргэммин Надежданы көрсөн, тута сөбүлэһэн, ыал буолбуппут. Кини бибилэтиэкэр үөрэҕэр үөрэнэрэ. Бастакы кыыспыт онно төрөөбүтэ. Үөрэхпитин бүтэрээт, Майыарга көһөн кэлбиппит. Идэбитинэн үлэлээн киирэн барбыппыт.  Белай Гораҕа култуура управлениетыгар ыҥыраллара да, бултан-алтан, хаһаайыстыбаттан тардыстан, көспөтөхпүт.

“Модун” лааҕыр

Сиидэр Сэмэнэбискэ төрөппүттэрэ 1995 сыллаахха биир ынаҕы бэлэхтээн, “Дьиэ кэргэн экэниэмикэтэ” бырагыраамаҕа киирсэн, хотон туттубуттара, хоруолук, сибиинньэ, куурусса, хаас иитэн саҕалаабыттара. Тыа сиригэр олорор эдэр ыалларга көмөлөһөр бырагырааманан Майыарга дьиэ туттан олохсуйбуттар. Олохтоох дьаһалта 10 гаалаах сир учаастагын көрөн, “Улуннаах” диэн фермерскэй хаһаайыстыба тэриммиттэр. Бу сир нэһилиэктэн 2 көстөөх сиргэ баар. Сыыйа 2009 сыл­лаахтан хаһаайыстыба сиригэр-­уотугар “Модун” диэн үлэ, сынньалаҥ лааҕырын төрүттээбиттэр. Сыл аайы Сиидэрэптэр хаһаа­йыстыбаларын хаҥатан, лааҕыр үлэтин кэҥэтэн, дириҥэтэн иһэллэр. Инникитин агротуризм диэки сайдар баҕа санаалаахтар.

Лааҕырбытын кыаммат, ­аҥаардас ийэлээх-аҕалаах оҕолорго диэн тэрийбиппит. Сороҕор устудьуоннар эбиллээччилэр. Бастаан нэһилиэк иһинэн этэ, билигин улуус атын нэһилиэктэриттэн эмиэ ылабыт. Лааҕырга оҕолор от үлэтигэр, ынах ыырга үөрэ­нэллэр. Хоруолук, сибиинньэ, куурусса көрөллөр. Эмтээх от хомуйаллар, сир астыыллар, балыктыыллар, кустууллар. Сынньалаҥҥа оҕолорго сөптөөх кинигэлэри ааҕаллар, сибиэһэй хаһыаттары, сурунааллары көрөллөр. Интэриниэт, төлөпүөн баарын курдук буолбатах, кинигэни иҥэн-тоҥон ааҕаллар. 2014 сыллаахха учаастакка эбии дьиэ туппуппут, кыргыттары, уолаттары тус-туһунан дьиэлэргэ олохтуубут. Аһыыр сирбит эмиэ туспа ­дьиэҕэ баар. Хос эбээбит Екатерина Черемкина аатынан кыра мусуой тэрийбиппит. Онон лааҕыр иитиллээччилэрэ чинчийэр үлэнэн эмиэ дьарыгыраллар. Оҕолору күнүстэри-түннэри илдьэ сылдьар, биллэн турар, эппиэтинэстээх эрээри, аргыый наллаан, үөрэтэн салайан биэрэбит.

Эбээннии үҥкүүлүүбүт

Майыар нэһилиэгэ эбээннэр түөлбэлээн олорор сирдэрэ буолан, омук култууратын күн бүгүҥҥэ диэри илдьэ кэллэ. “Нонгдан” диэн ыччат дьоҥҥо уонна “Нольтонко” диэн оскуола саастаах оҕолорго аналлаах эбээн фольклорнай ансаамбыллара үлэлииллэр.  Кулууп сэбиэдиссэйэ Сидор Семенович:

— “Нонгдан” ансаамбыл Кыайыы 40 сылыгар 1985 сыллаахха тэриллибитэ. Ол саҕана мин оскуоланы саҥа бүтэрээри сылдьар оҕо этим. Ийэм Александра Сидорова кулуупка дириэктэринэн үлэлиирэ. Нэһилиэк барыта ансаамбылга кыттыһан, киһи барыта үҥкүүһүт, ырыаһыт буолбута. Ол саҕана 7 тыһыынча курдук табалаах этибит. Таба бырааһынньыга бөҕө буолара. Сэргэх кэмнэр этэ. Бастакы сылларга ситиһии, гостуруол элбэҕэ. “Индигир” сопхуос кэлэр-барар ороскуоппутун уйунара. Москваҕа тиийэ бара сылдьыбыттара, 1986 сылга  норуодунай ааты көмүскээбиттэрэ. Билигин балаһыанньа ыараан, улаханнык барбаппыт-кэлбэппит эрээри, син биир үлэлэтэбит. Бастаан ансаамбыл тэриллэригэр Улан-Удэтааҕы култуура институтун бүтэрэн кэлбит Анастасия Аммосова хормейстер уонна Валентина Самсонова хореограф быһыытынан таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Биллэр мелодист Иван Сорокоумов кэргэнин кытта оскуола дириэктэринэн ананан кэлбитэ. Оннук, биир кэмҥэ айар куттаах эдэр дьон бииргэ мустан хаалан, олус үчүгэйдик үлэлээбиттэрэ. Ол саҕана эбээннии билэр дьон элбэҕэ, кинилэртэн норуот тылынан уус-­уран айымньытын, үгэстэри, бы­­лыргы сиэр-туом хайдах оҥоһулларын ыйытан, хомуйан, ырыа ылламмыта, үҥкүү туруоруллубута. Холобур, “Ориндей” диэн күнү көрсүү үҥкүүтэ, “Кэбэргэнэ мастерицалара”, “Эбээн оонньуулара” диэн үҥкүүлэр бааллара. Билигин даҕаны ол үҥкүүлэри илдьэ сылдьабыт. Үөрэхпин бүтэрэн кэлэн,эбээн ыччатын үҥкүүтүн туруорбутум. Уопсайа сүүрбэччэ үҥкүү баар: сахалыы, узбектыы, атын даҕаны норуот үҥкүүлэрэ, аныгылар, — диэн кэпсиир.

“Далбар Хотун” куонкуруска кыттыбыппыт

Сиидэрэптэр Абый улууһун чиэһин көмүскээн, “Далбар Хотун” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн күрэҕэр 2016 сыллаахха кыттыбыттара. Ыал ийэтэ Надежда ол туһунан маннык кэпсиир:

— Бастаан 2015 сыллаахха Дьокуускайга дьахталлар сийиэстэригэр бара сылдьан “Далбар Хотун” диэн куонкурус баарын биллим. Дьиэбэр кэлэрбэр тэрээһин номнуо бүппүт этэ, сурунаалга хаартыскаларын көрдүм уонна кыттыахха баар эбит дии санаатым эрээри, ол оннук хаалла. Оччолорго улуустааҕы дьахталлар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Сусанна Никитина эмискэ миигин кытын, сайаапкалары хомуйаллар диэтэ. Оннук, кыттар буолан хааллым. Тэринэн тиийэн үчүгэйдик кыттыбыппыт, иккис миэстэ буолбуппут. Оҕолорбут, билэр дьоммут, ­улууспут саба түһэн, көмөлөспүттэрэ. Бу куонкуруска кыттыыбыт олохпут биир чаҕылхай түгэнэ этэ.

Ыал ийэтэ хоту сир Далбар Хотунун быһыытынан иистэнэр, түүлээхтэн оҕолоругар, сиэннэригэр таҥас тигэр, үүнээйи эгэлгэтин үүннэрэр. Ыал аҕа баһылыга ха­­һаайыстыбатын көрөр. Сиидэрэптэр төрүт култуураны илдьэ сылдьар дьиэ кэргэн сиэринэн ньир-бааччы олороллор. Маннык ыал тыа сиригэр элбии турдун.


Майыар – Абый улууһугар соҕотох национальнай нэһи­лиэк. Белай Гораттан 17 көстөөх сиргэ соҕуруулуу-арҕаа сытар. Олохтоохтор тыа хаһаайыстыбатынан, таба иитиитинэн дьарыктаналлар, балыктыыллар. Майыарга 600-чэ киһи олорор.


Надежда Самсонова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0