Эбээн кыыһа — аан дойду кыраһаабыссата

30.11.2016
Бөлөххө киир:

Бу саас Дьокуускайга «Саха сирин фотомодела» куонкуруска, ханна да эрдэ көстүбэтэх, Имана диэн дьикти ааттаах кыыс кыайбыта. Имана Слепцованы онно «Айыы Куо» муода тыйаатырын үлэһиттэрэ бэлиэтии көрөллөр. Кэрэ куо Грузияҕа, Хара муора кытыытыгар турар Батуми куоракка, «Мисс и мистер планеты-2016» күөн күрэһигэр Саха сирин аатыттан ситиһиилээхтик кыттан кэллэ.

— Имана, эн, кэрэ куолар куонкурустарыгар хаһааҥҥыттан кыттаҕын? Хоруона кэппит бастакы түгэниҥ хаһан, ханна этэй?
— «Саха сирин фотомодела» куонкуруска бастакыбын кыттыбытым. Ол даҕаны соһуччу этэ. Биир күн үөрэнэ олордохпуна, эдьиийим ватсапка биллэрии таһаарбыттарын ыыппыта. Ол биллэриигэ ити куонкуруска кастинг биллэрбиттэр этэ. Холонон көрөргө санаммытым. Манна хотугу норуоттар, сахалар уонна нуучча кыргыттара диэн үс хайысхаҕа арахсан кыттыбыппыт. Бэйэм Муоматтан төрүттээхпин. Омукпунан эбээммин. Хотугу норуоттарга кыайбыппар, наһаа даҕаны үөрбүтүм. Онон, хоруона кэппит бастакы түгэним бу куонкуруска тосхойбута.
— Имана диэн аатыҥ туох суолталааҕый?
— Эбээн, эбэҥки тылыттан «хаар» диэн. Сахалыы тылбаастаатахха, Имана – Хаарчаана.
— 2016 сыл эйиэхэ долгутуулаахтык саҕаламмыт. Аан дойду таһымнаах куонкуруска кыттыыҥ, биллэн турар, олоҕуҥ чаҕылхай түгэнэ буоллаҕа. Бу куонкуруска айаныҥ хайдах саҕаламмытай?
— «Айыы Куо» муода тыйаатырын салайааччыта Александр Григорьев — Саалтааны: «Грузияҕа улахан куонкурус буолаары турар, онно холонон көрүөххүн баҕарбаккын дуо?» — диэн ыйыппыта. Толкуйдаан баран, сөбүлэспитим. Балаҕан ыйын саҥата Дьокуускайтан көппүтүм. Москваҕа тиийбиппитигэр бүтүн Арассыыйатааҕы кэрэ куолар куонкурустарын национальнай дириэктэрэ Екатерина Махлина бэйэтинэн көрсүбүтэ. Онтон Батумига көппүппүт.
— Интернеттэн аахтахха, бу куонкурус таһымынан аан дойдуга бастакы категориялаахтарга киирэр эбит…
— Улахан куонкурустарга урут кыттыбатах, сылдьыбатах киһиэхэ, таһыма олус үрдүк этэ. Тэрийээччилэр уонна олохтоох дьон эйэҕэстик, холкутук сыһыаннаһаллара. Куонкуруска уопсайа аан дойду 25 дойдутуттан 19 уол уонна 23 кыыс кэлэн кытынна. Арассыыйаттан биһиги иккиэйэх этибит. Мин Сахабыт сирин аатыттан киирдим. Куонкурус балаҕан ыйын 3-9 күннэригэр түөрт түһүмэҕинэн ыытылынна. Ол курдук, купальниктаах тахсыы, национальнай таҥас, «fashion» (муодунай) уонна киэһээҥҥи былаачыйанан хаамыы көрүҥнэригэр күөн көрүстүбүт.
— Эн, бастыҥ киэһээҥи былаачыйалаах куо аатыҥ сүкпүккүн. Бу тэрээһиҥҥэ кыттыыҥ тугу туһалаата?
— Куонкуруска Болгарияттан сылдьар Марина Войкова диэн кыыс кыайбыта. Марина, кырдьык, олус кэрэ сэбэрэлээх. Кыттааччы кыргыттар бары даҕаны олус кыраһыабайдар. Тус бэйэм Сахабыт сирин ааттата сылдьабын диэн киэн туттубутум. Оттон, киэһээҥи былаачыйалаах бастыҥ куону биллэрэн, мин ааппын ааттаабыттарыгар соһуйан уонна долгуйан хаалбытым.
— Имана, киһи дууһата арылларыгар кини тас көрүҥэ туох оруоллааҕый?
— Дууһа арыллыыта диэн уустук. Киһини сүрүннээн ис туруга тупсарар. Киһи төрөппүттэриттэн кэрэ сэбэрэни утумнуура баар суол. Ол эрээри, ис санааҕыттан, дьоҥҥо сыһыаҥҥыттан тас көстүүҥ уонна тулалыыр эйгэҥ эмиэ тутулуктаах. Мэлдьи күлэ, мичээрдии уонна үтүөну оҥоро сылдьыахха наада. Ис санааҥ сырдык буолуохтаах.
— Спорт ханнык көрүҥүнэн дьарыктанаҕын?
— Спордунан сөбүлээн дьарыктанабын. Оскуолаҕа сылдьан чэпчэки атлетика спринтера этим. Хотугу многоборьенан эмиэ дьарыктанарым. 2013 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи «Манчаары» күөн күрэскэ кыттан, иккис миэстэни ылан турардаахпын. Уонна сайыҥҥы спартакиадаҕа бастаабытым, бириистээх миэстэлэргэ тиксээччибин.

«Арай биирдэ Нөлтэк (эбээннииттэн – Күн) диэн ааттаах кэрэттэн-кэрэ кыыс, арылхай сырдык Күннүүн хайалара түргэнник таҥас тигэригэр күрэхтэспиттэр. Кыыс кыайтардаҕына, Күнү кытта барсыахтаах, оттон Күн кыайтарар түгэнигэр, сиргэ хаалыахтаах эбит. Нөлтэк барахсан Күҥҥэ баһыйтарбыт. Ол иһин дойдутун аны кыырай халлааҥҥа солбуйбут. Билбэт сирин атыҥыраан, Нөлтэк күн бүгүнүгэр диэри үөһэттэн бэйэтин дууһатын сылааһын бүтүннүү сиригэр-дойдутугар ыытан, ититэ турар үһү». Бу эбээн былыргы үһүйээниттэн холобурдаатым…
Оттон мин бүгүҥҥү дьоруойум, аныгы номох буолан, ханна да барбакка, баҕа санаата олоххо киирэн, норуотун култууратын сайыннара турарыгар алгыспын аныыбын.

Утум ЗАХАРОВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0