Эбээн Бытантай улууһун дьаһалтата табаҕа улахан болҕомтотун уурар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Тус хоту сытар Эбээн Бытантай улууһа тыа хаһаайыстыбатын үс тутаах салаатынан – таба, ынах сүөһү, сылгы иитиитинэн тэҥҥэ дьарыктанар ураты улуус буолар.

edersaas.ru

Табаны иитии кэнники сылларга кэккэ ыарахаттары көрүстэ. Бөрө элбээбитэ, табаһыт хамнаһа кырата, аһаҕас халлаан аннынан көһө сылдьар олох ыарахан усулуобуйата, эдэр дьон бу салааҕа ылсыбата уо.д.а. кыһалҕалар тирээннэр,  хаһаайыстыбалар  табаларын  ахсаана биллэ аччаата. Ол эрэн, сыыппара барыта эриэ-дэхси буолбатах. Улууска чааһынай дьон табата элбиир, оттон  «Ленинскэй» МУСП табата аччыыр. Соторутааҕыта туох биричиинэттэн маннык балаһыанньа үөскүүрүн, салааны өрө таһаарыыга туох үлэ ирдэнэрин быһаараары улуус баһылыгын кытта табаһыттар мунньахтара буолла. Мунньахха улуус баһылыга Гаврил Горохов, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы Сергей Аликов, «Ленинскэй» МУСП дириэктэрэ Николай Горохов, ыстаада биригэдьиирдэрэ, табаһыттар, бэтэринээрдэр кыттыыны ыллылар.
— «Ленинскэй» МУСП алта ыстаадалаах, олорго отут табаһыт, ол иһигэр чуум үлэһиттэрэ үлэлииллэр, ыстаада ахсын зооветисписэлиис баар. Ол эбэтэр зообэтэринээринэй үлэҕэ ыстаада аайы көрүллэр ыстаапкаҕа биир табаһыкка хамнаһыгар 10 % эбиллэр. Табаһыттар үлэлэрин төлөбүрэ хамнас алын кээмэйинэн төлөнөр, маны таһынан чааһынай табаҕа «Арктика» диэн туспа кэпэрэтиип баара хамнаска эбии буолар, — диэн зоотехник Иннокентий Максимов хаһаайыстыба үлэтин сырдатта.


Субвенция төһө таба баарынан көрүллэр. Былырыын 1 төбө табаҕа 5 тыһ. солк. эбит буоллаҕына, ахсынньы 2018 сылтан 5,5 тыһ. солк. курдук, кыра да буоллар, эбиилээх. Хамнас чааһын мунньахха табаһыттарга быһааран биэрбиппит. Төһөнөн табаҕыт элбиир да соччонон хамнас үрдүүр, хааччыллыы тупсар», — диир тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта Сергей Аликов. — Таба салаатыгар хааччыллыы да өттүнэн, усулуобуйа да тэрийиитигэр кэккэ үлэлэр бараллар. Холобур, 2017-2018 сс. табаһыттарга анаан түөрт олорор дьиэ, 2016-2017 сс. икки таба хараала тутулунна. Манна дьокутаат Иван Андреев өйөбүлэ улахан. Ааспыт сылга «Саханефтегаз» тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсиллэн, ыстаада аайы биирдии туонна уматык көрүллүбүтэ, быйыл 16 туонна уматыкка дуогабар түһэрсилиннэ. Маны таһынан, уопсастыбаннай таба муоһун ыстаада табаһыттара бэйэлэрин көрүүлэринэн тутталлар. Ким уматык ылар, ким тиэхиньикэ, бэйэлэригэр туох наадатынан көрөн. Холобур, ааспыт сылга уопсастыбаннай таба муоһун туһанан үс ыстаада «Буран» ылынна. Судаарыстыба сөптөөх көмөнү оҥорор, күүскэ өйүүр. Биһиги бэрээдэкпитин көрүнүөхпүтүн, үлэҕэ сыһыаммытын уларытыахпытын наада. Табаһыкка, биллэн турар, усулуобуйатын тэрийиэххэ наада. Онно үлэни ыытан саҕалаан эрэбит. Табаһыт дьиэтигэр киирдэ да сылаас, сырдык, сибээс барыта баар буоларын ситиһэргэ болҕомто ууруллар. Биллэн турар, барыта тута баҕардыҥ да кыалла охсубат, сыл аайы үлэ ситимнээхтик барыахтаах. Сибээс өттүнэн күүскэ туһаныахпытын наада. Дьон үлэлиир, олорор усулуобуйатын бары өттүнэн тэрийэ сатыахпыт, ити өттүгэр толкуйдар бааллар. Ол курдук бэйэбит өттүбүтүттэн үчүгэй, таһаарыылаах үлэни табаһыттартан эмиэ ирдиэхпитин наада.
Үйэ сайдан иһэр. Тыа дьонун олоҕун, үлэтин чэпчэтиигэ аныгы тиэхиньикэлэр көмө буолаллар. Улуус баһылыга Гаврил Горохов ааспыт сыллааҕы үлэтин нэһилиэнньэҕэ отчуоттууругар табаҕа чиптээһин, квадрокоптер курдук аныгы технологиялары киллэриигэ, үлэ усулуобуйатын тупсарыыга улахан болҕомто ууруллуоҕун этэн турар. Оччотугар бу салаа иккис тыынын ылан, өрүттэр суолга киириэҕэ диэн көрүүлэрдээх. Биир сытыы боппуруоһунан бөрөнү бултааһын буолла. Быйыл тыа хаһаайыстыбатын салалтата 540 доза «ремифоннаах гранула» диэн бөрө дьаатын сакаастаабытыттан 500 дозаны «Ленинскэй» МУСП ылла, 40 дозаны аҕа ууһун общиналара атыыластылар. Онон бөрөнү бултааһыҥҥа биллэр хамсааһын тахсыаҕар эрэнэбит. Улуус салалтата бөрөһүттэри уматыгынан, хапкаанынан хааччыйар, хас биир бөрө тириитин иһин 20 тыһ. солк. бириэмийэни биэрэр. Быйыл бу сыалга 700 тыһ. солк. көрдө.
Ити курдук таба салаатыгар кэккэ кыһалҕалар даҕаны, былааннар даҕаны бааллар. Тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта Сергей Сергеевич этэринии, бэйэбит кыратык өрө тардына, сааһылана түһүөхпүтүн наада. «Таба салаатыгар үлэлиир дьон баар. Бу дьоҥҥо мин эрэлим улахан, өр сылларга үлэлээбит уопуттаах уолаттар, үлэлиир баҕа санаалаахтар», — диэн хотугу киһи сиэринэн күүстээх санаатын ыһыктыбат.

Эбээн Бытантай дьаһалтатын пресс-киинэ, «Саха сирэ» хаһыат edersaas.ru. сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0