Эбээ дьыссааты солбуйар

16.06.2016
Бөлөххө киир:

Сайын буолла, оскуолалар, оҕо саадтара сабылыннылар. Куорат уулуссаларыгар оҕо ахсаана аҕыйаабыт. Биллэн турар, куорат оҕотун улахан аҥара дэриэбинэҕэ, “эбээ лааҕырыгар” сынньана тахсыбыт. Онон дэриэбинэҕэ олох сэргэхсийэ, киһи ахсаана эбиллэ түстэ. Хас тэлгэһэ аайы кэриэтэ оҕо саҥата чаҕаарар, кыра атахтар тыастара тибигириир. Ону тэҥэ эбэлэр, эһэлэр түбүктэрэ икки төгүл эбиллэ түстэҕэ…

“Эбээ лааҕырын” үчүгэй өрүттэрэ

Тыа сиригэр сынньанар үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Быыллаах куоракка, өҥүрүк куйааска таас дьиэҕэ симиллэн, киһи сайыны билбэккэ да хаалар. Дьиэҕэ олорон оҕо олус хаайтарар, тэһийбэт, чуҥкуйар. Тэлэбииһэр, көмпүүтэр, төлөпүөн үрдүгэр түһэр, күнү быһа онно хараҕаланан баран олорор. Ол, саамай кылаабынайа, доруобуйатыгар охсуулаах. Кытаата илик сиһэ токуруйуон, хараҕа мөлтүөн сөп.

Оттон дэриэбинэҕэ оҕо төһө баҕарар утуйара, оонньуура көҥүл. Ыраас салгыҥҥа, тэлгэһэҕэ атах сыгынньах, көҥүл сылдьар. Сөтүөлүүр, сибиэһэй аһы – үүтү, сүөгэйи, оҕуруот аһын, эти, сир аһын тото-хана мотуйар. Таһынааҕы ыаллар оҕолорун кытары билсэн, доҕордоһор, киэһэ хараҥарыар диэри үлүһүйэн туран оонньуур. Атын оҕолордуун уопсай тыл буларга, бэл, сахалыы ыраастык кэпсэтэргэ дьоҕурун сайыннарар, быһата, олох оскуолатын ааһар.

Манна тахсан кини хаһааҥҥытааҕар да эбээ сылаас тапталыгар угуттанар, атаахтыыр. Эбэтэ була сатыы-сатыы ас бөҕөтүн астаан хадаҕалыыр, сыры-сыллаччы сыллыы сылдьар, тугу барытын көҥүллүүр… Кыһын устата көрсүбэккэ, ахтыспыт дьон аанньа буолуохтара дуо? Ол эрээри, манна оҕо ийэттэн-аҕаттан туспа баран, бэйэтин харанарга, дьаһанарга үөрэнэр. Эһэлэрэ уолаттары окко, булка, балыкка илдьэ сылдьан, эр киһи дьарыгар үөрэтэр. Оҕо айылҕалыын алтыһарга, сиэри-туому тутуһарга, ону тэҥэ үлэлииргэ үөрэнэр. Кэлин оҕо саас бу дьоллоох түгэннэрэ кини өйүгэр-санаатыгар умнуллубаттык иҥэн хаалыахтара буоллаҕа. Туох да кыһалҕата суох, көҥүл, оҕо саас кэмнэрэ…

Онон тыа сиригэр “эбээ, эһээ оскуолата” оҕо доруобуйатыгар даҕаны, билиитигэр-көрүүтүгэр, инники олоҕор олус туһалаах.

Таарыччы лааҕырга сынньаныы

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 680 оҕо сынньанар лааҕырдара аһыллан үлэлии тураллар. Барыта 62 тыһыынча оҕо лааҕырынан хабыллар. Бу – үөрэнээччи 75,5%-на. Куоракка 62, улуус аайы 20-30-туу лааҕыр үлэлиир. Саамай элбэх – 39 лааҕыр Сунтаар улууһугар баар. Онон нэһилиэк ахсын лааҕыр баар диэн этиэххэ сөп.

Куорат лааҕырдарын ылан көрдөххө, сыаналара ыарахан. Үс нэдиэлэҕэ 18-20 тыһыынча солк. Төрөппүт эрэ барыта маны уйунар кыаҕа суох. Аны туран, лааҕырга баран араас куһаҕан дьаллыкка ымньаныа, оҕолору кытары тапсыа суоҕа диэн төрөппүт долгуйар. Кистэл буолбатах, куорат лааҕырдарыгар араас дьарыктаах, таһымнаах омук оҕолоро бары бииргэ булкуһан сылдьаллар.

Оттон дэриэбинэ лааҕырыгар сыаната чэпчэки – 1 тыһ. солк. саҕалаан, 5 тыһ. солк. диэри. Син биир күҥҥэ иккитэ аһаталлар, дьарыктыыллар, сөтүөлэтэллэр. Онон төрөппүттэргэ бу олус табыгастаах, икки куобаҕы биирдэ өлөрөллөр.

Сүмэлээх сүбэлэр

Оҕону ыытан кэбиһэн баран, туохха болҕомтону ууруохха нааданый? Бастатан туран, ыалдьар түгэнигэр иһиэн сөптөөх эмтээх аптечканы, күнтэн харыстанар кириэми, сэлээппэни, кумаар эмин, тирии бааһын эмтиир мааһы (кумаар сиэбитин кэннэ), итиигэ, сөрүүн кэмҥэ кэтэр таҥаһын, уо.д.а. бэрийэн, тэрийэн ыытыахха наада.

Лааҕырга сылдьар буоллаҕына, педиатртан ыспыраапкатын ылан бэйэтин кытта ыытаҕыт. Сыаналаах төлөпүөнүн илдьэ барбата ордук.

Төһө да төрөппүттэргит буоллар, оҕо көрүүтүн толору сэлээннээн кэбиһэр сыыһа. Онон оҕону харчылаан ыытар ордук. Күн аайы кэпсэтэ, оҕо хайдах сылдьарын, тугу гыммытын ыйыталаһа туруҥ. Нэһилиэктэргэ үксүлэригэр “Билайн” суотабай оператор эрэ үлэлиир. Онон саҥа симка ылан биэриэххэ сөп, “ватсабынан” кэпсэтэргэ табыгастаах. Ону тэҥэ аймахтарга кэһиилээн ыытаргытын умнумаҥ.

Октябрина Аммосова,  Уус Алдан:

  • Сайын аайы миэхэ биэс-алта сиэним кэлэн сынньанар. Кэлэллэрэ үчүгэй буоллаҕа, дьиэм иһэ биирдэ тигинии түһэр. Чугастааҕы ыаллар оҕолорун мунньан, күн аайы киэһэ уон чааска диэри сүүрэн-көтөн оонньууллар. Төһө да сүөһү туппатарбын, кыаҕым баарынан сибиэһэй аһынан – сүөгэйинэн, этинэн, үүтүнэн, барыанньанан, оөурсуунан-помидорунан маанылыы сатыыбын. Куоракка таас дьиэҕэ хаайтаран олорор курдук буолуо дуо, дэриэбинэҕэ быдан үчүгэй, киэҥ, холку буоллаҕа. Доруобуйаларын да бөҕөргөтөллөр. Онон оҕо тыа сиригэр хайаан да сылдьыахтаах. Сиэннэрим номнуо улаатан, туһа дьоно буолан эрэллэр. Күөлтэн уу баһан таһааран, оҕуруокка куталлар. Тэлгэһэ отун охсон мунньарга көмөлөһөллөр, иһит сууйаллар. Улахаттар маннааҕы физико-математическай, чэбдигирдэр лааҕырга сылдьан эрэллэр.

Ньургуйаана Стручкова, Дьокуускай:

  • Мин оҕолорум төрүөхтэриттэн эбээ аттыгар улааппыт буоланнар, эбээтэ суох сайыны билиммэттэр. Үөрэх бүттэ эрэ, тута дэриэбинэҕэ, эбээҕэ барабыт диэн сээкэйдэрин хомунан, хайаан да кэһии ыллаттаран, ахтан, тиэтэйэн аҕай илин эҥэри булаллар. Оҕо саас уонна эбээҕэ, дэриэбинэҕэ атаарыллыбыт сайын диэн киһи олоҕор үйэтин-сааһын тухары сүрэҕэр тута сылдьар дьикти бэлэх дии саныыбын. Эбээ сылаас, муударай сыһыана олоххо элбэххэ үөрэтэр. Уонна оттон күөххэ, киэҥҥэ-куоҥҥа бэлэсипиэт тэбэн, үрүҥ аһы аьаан, оҕуруокка көмөлөһөн, айылҕалыын алтыһан, эбээҕэ ачаалаан, дууһалыын, эттиин-сиинниин сынньанан, сайдан кэлэллэр. Хайаан да библиотекаҕа сылдьан кинигэ уларсан ааҕаллар.  Эбээттэн элбэх олох үөрүйэхтэригэр үөрэнэллэр: бэйэни көрүнэргэ, дьоҥҥо сыһыаҥҥа, дьиэҕэ-уокка хаһаайыстыбаннай буоларга… Иккис сылын биһиэхэ “эбээ лааҕыра” диэн тыл көнөтүнэн туттуллар. Ийэм, Мэҥэ-Хаҥалас Төхтүрүн оскуолатын бэтэрээн учуутала, соцпедагога Капиталина Ивановна Макарова оҕолорго остуол тенниһигэр дьарыктыыр лааҕыр үлэлэтэр. Сылы төгүрүччү дьарыктанар, улуус, өрөспүүбүүлүкэ таһымнаах призер оҕолордоох. Бэйэтин баҕатынан, ис сүрэҕиттэн оҕолору дьарыктыыр. Түхтүргэ олус күүтүүлээх лааҕыр. Онно 3-с кылааска тахсыбыт, улахан оҕобут дьарыктанар, эбээ лааҕырыгар олус сөбүлээн сылдьар. Онон мин оҕолорбор “эбээ лааҕыра” диэн улахан суолталаах тыл.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0