«Дьиэ кэргэн тыйаатыра» диэн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник тарҕана илик өйдөбүл.
edersaas.ru
Онон Таатта улууһун Туора Күөл нэһилиэгэр олорор Куһумууннар дьиэ кэргэттэрин тыйаатыра өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох диэтэхпинэ, арааһа, сыыспатым буолуо.
Анна уонна Николай Кузьминнар оҕолуун-сиэнниин түөрт уончаҕа чугаһыыр ыччаттардаахтар. Дьиэ кэргэнэ кинини таптаан: «Эбээ Аана» диэн ыҥырар буолан, ити Анна Ивановна норуокка биллэр аата.
— Мин ырыаһыт буолар баҕа санаам, ырам эрдэ тулаайах хаалан, туолбатаҕа. Ийэм алта оҕону аҕам илиитигэр хаалларан, уһуннук ыалдьан бараахтаабыта. Мин 14 сааспар тулаайах хаалбытым. Кыра быраатым 1,5 саастааҕа. Бэйэм көрүүгэ наадыйар оҕо этим буоллаҕа. Ону ол диэбэккэ, саҥа улаатан эрэр обургу кыысчаан бырааттарбар уонна балтыбар ийэлэрин солбуйбутум. Сарсыарда алтаҕа туран, ынахтарбын ыы тахсарым. Оскуолаҕа барыам иннинэ оскуолаҕа хотон сытын биллэримээри, күн аайы баттахпын суунарым. Аҕам барахсан биһигини иитээри икки үлэҕэ сылдьара. Оскуоланы бүтэрбитим кэннэ, аҕам олох модьуйан, Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэ киирбитим. Сыл аҥарын нэһиилэ тулуйбутум. Кэлбитим, дьонум кыайан бэйэлэрэ олорор кыахтарыттан тахсыбыттар. Кырачааннар суумматахтара ырааппыт. Аҕам барахсан үлэтиттэн олох соло булбат эбит. Оҕолорбун ахтыбытым бэрт буолан, кинилэри көрөөрү-истээри, аҕабар өйөбүл буолаары салгыы үөрэнэ барартан аккаастаммытым. Билигин алта оҕотун соҕотоҕун иитэн таһаарбыт аҥаардас аҕа Иван Петрович Щукин ыччаттара сүүстэн тахса киһи буола тэнийдибит. Мин кэлин оҕолорум арыый улааппыттарын кэннэ кэтэхтэн университекка тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үөрэнэн, зооинженер идэтин баһылаабытым. Үөрэхпин бүтэриэхпиттэн идэбинэн үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбытым, — диэн кэпсиир Эбээ Аана.
Дьиэ кэргэн тыйаатырын 2003 сыллаахха Куһумууннар ийэлэрэ, эбээлэрэ Анна Кузьмина бэйэтэ көҕүлээн тэрийбит. Артыыстар — кини биэс төрөппүт оҕото уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ.
— Тыйаатырбыт хантан да үбүлэммэт, барыта бэйэбит кыахпытынан. Ол курдук көстүүмнэрбитин ийэбит тигэр, атрибуттарбытын уолаттар оҥороллор, гастролга айаммытыгар бастаан массыына арендалаһан сылдьар этибит. Араас таһымнаах көр-күлүү куонкурустарыгар кыттан, сороҕор мэлийэн, сороҕор кыайыы көтөллөнөн кэлэрбит. Убайбынаан Афанасийдыын хаста да айан суолугар туран, ааһар массыыналарга «куоластаан», өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга кыттан кэлбиппитин билигин саныы-саныы саллабыт эрэ.
Ийэбит тыйаатыр төрүттээччитин, салаайааччытын, режиссерун быһыытынан Култуура министиэристибэтиттэн «Норуот уус-уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин», Дьиэ кэргэн уонна ыччат министиэристибэтиттэн «Дьиэ кэргэн бэлиитикэтэ сайдыытыгар кылаатын иһин», «СӨ Бочуоттаах үлэ бэтэрээнэ» бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта, спорт бэтэрээнэ. Аҕабыт —тыйаатыр көстүбэт тыыла. Күүс-көмө, өйөбүл буолар үтүө киһи. Ийэлээх, аҕабыт 2008 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ кэргэн уонна демографическай бэлиитикэ сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын иһин «Үтүө санаа уонна дьыала иһин» диэн анал бэлиэнэн наҕараадаламмыттара, — диэн санаатын үллэстэр дьиэ кэргэн тыйаатырын туллар тутааҕа, ыал соҕотох кыыһа Варвара Максимова.
15 сыл устата тохтоло суох Куһумууннар араас таһымнаах куонкурустарга, бэстибээллэргэ кыттан, улуустарын иһинэн-таһынан гастроллаан нэһилиэк уонна улуус култуурата сайдарын туһугар сүҥкэн кылааттарын киллэрдилэр.
— 2008 сыллаахха тыйаатырбыт 5 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн региональнай көр-күлүү куонкуруһун олохтоох дьаһалтаны кытта үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыппыппыт. 2013 сыллаахха ийэбит бырайыагынан «Күллэрикчээн» улуустааҕы оҕолорго аналлаах күрэҕи тэрийбиппит. Эмиэ бу сыл улууспут киинигэр тыйаатырбыт 10 сыллаах үбүлүөйүн көрсө илин эҥэртэн көр-күлүү тыйаатырдара кыттыылаах улахан кэнсиэринэн бэлиэтээн турабыт. Бу сыллар тухары бэйэбит айан таһаарбыт «тохтобулга», «Лыллыйаана Монастырева», «Кыһамньылаах аҕа», «Саханы элбэтиэххэ», «Кутуйахтар» сценкаларбытын, «Биэс саастаах кыыс оҕо монолога», «Нечего делать» монологтарбытын,
«Быттык Машута супер звезда» көрдөөх ырыабытынан көрөөччүнү сэргэхситэбит. Араас ааптардар «Гастролга», «Репка», «Дьээдьэ кыталык», «Боруоста Балбаара», «Курусуобаһыт Куонаан дьиэ кэргэнэ» о.д.а. сценкаларга оонньообут уобарастарбыт дьоммут-сэргэбит өйүгэр-санаатыгар үтүө өйдөбүл буолан хааллаҕа диэн эрэнэбит.
Маны сэргэ ийэбит Анна Ивановна сиэннэрин ырыа-тойук алыптаах эйгэтигэр уһуйан, «Куһумууннар» вокальнай ансамбль, үс сиэн уолаттарыгар трионан бөлөх, игирэ кыргыттар дуэтынан, биирдиилээн ыллыыр оҕолорбут дьоҕурдарын сайыннаран дьарыктыыр. Араас таһымнаах ырыа конкурстарыгар тиһигин быспакка кытталлар, нэһилиэктэрин аатын ааттаталлар, — диэн дьиэ кэргэн тыйаатырын туһунан Варвара Максимова салгыы билиһиннэрэр.
Куһумууннар дьиэ кэргэн тыйаатырдарын ситиһиитэ сөҕүмэр:
- Кыйы Тааттатыгар буолбут «Онно элэкис, манна мэлэкис — 2003» улуустааҕы көр-күлүү куонкуруһугар Гран при.
- Уус Алдан Суоттутугар ыытыллыбыт «Дьээбэрэҥ — 2003» өрөспүүбүлүкэтээҕи көр-күлүү куонкуруһугар ll ст. лауреат, «Чаҕылыс» бастыҥ дебют номинация.
- Горнай Бэрдьигэстээҕэр ыытыллыбыт «Дьээбэрэҥ — 2005» өрөспүүбүлүкэтээҕи көр-күлүү куонкуруһугар l ст. лауреат.
- Таатта Чөркөөҕөр буолбут «Дьээбэрэҥ — 2006» өрөспүүбүлүкэтээҕи көр-күлүү куонкуруһугар Гран при.
- Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар ыытыллыбыт Аркадий Новиков үбүлүөйүн көрсө «Көөчөөн көрө — 2007» норуот көрүн-күлүүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар Гран при, Аркадий Новиков анал бирииһэ.
- 2008 с. Уус Алдан Суоттутугар ыытыллыбыт эдэр ыаллар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарыгар 1 миэстэ, Саха сирин бэрэсидьиэнин Гранын хаһаайыттара.
- Дьокуускайга ыытыллыбыт «Дьээбэрэҥ — 2010» өрөспүүбүлүкэтээҕи көр-күлүү куонкуруһугар l ст. лауреат.
- Дьокуускайга ыытыллыбыт «Күлүүк Куо – 2012» Валентина Чиркова өрөспүүбүлүкэтээҕи көр-күлүү куонкуруһугар дипломант.
- Дьокуускайга ыытыллыбыт «Дьээбэрэҥ — 2012» өрөспүүбүлүкэтээҕи көр-күлүү куонкуруһугар Гран при.
- Таатта улууһа тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах «Саха талба мааны таҥаһа — 2012» өрөспүүбүлүкэтээҕи көр-күлүү куонкуруһугар 1 миэстэ.
- Дьокуускайга ыытыллыбыт «Ответственное родительство — 2013» өрөспүүбүлүкэтээҕи көр-күлүү куонкуруһугар дьиэ кэргэттэр күрэхтэригэр 4 миэстэ.
Соторутааҕыта Куһумууннар дьиэ кэргэн тыйаатыра Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр 15 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир дьоһун тэрээһин буолан ааста. Онно сценаҕа оҕолорун, сиэннэрин уонна хос сиэннэрин таһааран туран Анна Ивановна киэн тутта: «Мин баайым диэн бу — эһиги иннигитигэр турар дьон!», — диэн эппитигэр саала дохсун ытыс тыаһынан көрсүбүтэ.
Кырачаан сиэннэр улахан сценаҕа тахсан, эбээлээх эһээлэрин ааттатар дьоһуннаах дьон быһыытынан ырыаларын тардан кэбистилэр. «Оҕолорбун, сиэннэрбин киһи саҥатын үтүктэр буоллулар да үөрэтэбин. Ол аата 3-4 саастарыттан», — диэн Анна Ивановна айар куттаах дьону иитэр ньыматын кытта үллэстэр.
Куһумууннар оҕолорун ситиһиилэрин сурукка тиһэн харайа сылдьаллар. Биллэн турар, бу дьиэ кэргэн историята буолара чахчы:
- Улуустааҕы, илин эҥэрдээҕи, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Хотугу сулус» күөн-күрэс элбэх төгүллээх лауреаттара.
- Улуустааҕы, илин эҥээрдээҕи, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ыллаа-туой, уол оҕо» күрэх элбэх төгүллээх лауреаттара, Гран при хаһаайыттара.
- Коля, Гоша Кузьминнар, Родимир Максимов триолара «Бриллиантовай ноткалар» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» куонкурус Гран при хаһаайыттара. Уолаттар Турция Анталия куоратыгар ыытыллыбыт «Искусство бриллианнара» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл Гран при хаһаайыннара.
- Егор Кузьмин – балалаечник. «Саҥа ааттар» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонукурус 2 ст. лауреата, «Норуот талааннара» 4 өрөспүүбүлүкэтээҕи куонукурус 1 ст. лауреата, «Искусство улуу ааттара» норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт «Аптаах дорҕоон» 4-с Бүтүн Арассыыйатааҕы көрүү куонкурус 2 ст лауреата, «2018 сыл бастыҥ устудьуона» анал аат хаһаайына, СӨ култуура үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын рескомун стипендиата.
- Мария Кузьмина — Варвара Аманатова бырайыагынан ыытыллар «Ай-ыллаа» регионнааҕы куонкурус кыайыылааҕа, 2016 с. Аммаҕа ыытыллыбыт Саха Күөрэгэйэ — Екатерина Захарова аатыгар ыытыллыбыт академическай ырыа өрөспүүбүлүкэтээҕи куонукуруһун Гран при хаһаайката, 2017 с. Чурапчыга Анастасия Лыткина аатыгар ыытыллыбыт академическай ырыа өрөспүүбүлүкэтээҕи куонукурус лауреата. 2018 с. Мирнэй куоракка ыытыллыбыт «Туой Хайа» эстраднай ырыаны толорор эдэр ырыаһыттар куонкурустарын 2-с степеннээх лауреата.
- Кузьма Кузьмин – 2018 с. «Бриллиантовай ноткалар» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт регионнааҕы «Бастакы хардыы» куонкурус Гран При хаһаайына.
Куһумууннар иллээх дьиэ кэргэн барыга бары сиэттиспитинэн сылдьар дьон. Кинилэри хаста да араас куонкурустарга Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин методиһа Любовь Шишигина бэлиэтии көрбүтэ. Кини Куһумууннар дьиэ кэргэни «Ыллаа-туой, тыам сирэ!» ааптарскай бырайыагар кыттарга ыҥырбыта.
— Чаҕылхай талааннар тыаҕа бааллар. Ыллыыр-туойар ырыа куттаах тыа сирин талааннаах дьонун биир түһүлгэҕэ, киин сиргэ айар, түмэр баҕа санааттан «Ыллаа-туой, тыам сирэ!» диэн бырайыагы толкуйдаабытым. Куһумууннары хас да сылы быһа бэйэм хаайан туран сценаҕа таһаардым. Хата 15 сылларын бэлиэтээри сөбүлэспиттэрэ. Тыа сиригэр Куһумууннар курдук талааннаах дьиэ кэргэн үгүс. Урукку сылларга Балыктаахтан Прибылыхтары ыҥыран кытыннарбытым, — диэн кэпсиир «Ыллаа-туой, тыам сирэ!» диэн бэртээхэй бырайыак ааптара ааптара Любовь Шишигина.
Тыа сирин талааннаах дьонун булан, хас биирдиилэрин кытта кэпсэтиэх, сааланы көрөөччүнэн толоруох диэтэххэ, уустуга чахчы. Кыттааччыга — айан ороскуота, тэрийээччигэ — көрөөччү интэриэһин тардыы — икки өттүттэн уустуктардаах боппурос. Ону ол диэбэккэ, уонча сылы быһа кулун тутар саҥатыгар (айан суолун баттаһа) өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан тыа сирин талааннаах дьоно улахан сценаҕа тахсан ыллыыр-туойар чиэскэ тиксэллэр. Ол да иһин көрөөччү сыл аайы «Ыллаа-туой, тыам сирэ!» диэн бырайыагы анаан кэтэһэн сылдьар буолла. Бу бырайыак дьон биһирэбилин ылыан ылла уонна үгэскэ кубулуйбута кэрэхсэбиллээх.
«Ыллаа-туой, тыам сирэ!» бырайыак быйылгы кыттыылаахтара Таатта Туора Күөлүгэр олорор Куһумууннар дьиэ кэргэттэрэ Тыйаатыр сылыгар Дьокуускай куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар бэртээхэй дьоро киэһэни бэлэхтээтилэр. Оттон махталлаах көрөөччүлэр Эбээ Аана оҕолорун уонна сиэннэрин талааннарын кэрэхсээн, кинилэр хас биирдии нүөмэрдэрин дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Дьэ, бу кырдьык, норуот билиниитэ!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — Куһумууннар дьиэ кэргэттэрин архыыбыттан.