Эбэҥки тылын күнэ ураты сэргэхтик ааста

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бэһис төгүлүн эбэҥки тылын күнэ буолла. Тэрээһин Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн ыытылынна. Бу күн хоһоон ааҕыытыгар, ырыаҕа-тойукка күрэхтэстилэр, кинигэ арааһын аҕалан билиһиннэрдилэр. Тэрээһин туһунан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспатыттан иһитиннэрдилэр.


—Тэрээһин эбэҥки бэйиэттэрэ: Алитет Немтушкин (Красноярскай кыраай) төрөөбүтэ 80,  Дмитрий Апросимов (Саха сирэ) — 90 сылларыгар ананна.

Александр Апросимов аҕатын үлэтин-хамнаһын туһунан маннык ахтан-санаан ааста:

Аҕам эбэҥки бэйиэтэ, худуоһунньук, фольклорист Дмитрий Апросимов 1929 сыллаахха Уус Маайаҕа төрөөбүтэ. Кини баара-суоҕа 53 сааһыгар эрэ диэри олорбута. Аҕабар Таҥара талааны хатаҕалаабыт. Олус үчүгэйдик уруһуйдуура, художественнай училищены үөрэнэн бүтэрбитэ. Ис сүрэҕиттэн иэйэн хоһоон суруйара. Бастакы кинигэтэ суруйарынан утумнаахтык дьарыктаммыта 15 сыл буолбутун кэннэ, доҕотторо, саха дьонугар-сэргэтигэр биллэр ытык дьон: Николай Габышев, Семен Руфов, Николай Босиков, Василий Гольдеров, Степан Дадаскинов көмөлөрүнэн, өйөбүллэринэн тахсыбыта. Аҕам уран тылынан оҕолорго, үлэ дьонугар, булчуттарга анаабыт хоһоонноро элбэхтэр. Тыыннааҕар сахалыы тылынан «Дьүүктэ», «Үс дьүүктэ» диэн кинигэлэрэ бэчээттэнэн тахсыбыттара.

Куонкуруска кыттааччылар эбэҥки бэйиэттэрин айымньыларын уонна эбэҥки тылыгар тылбаастаммыт айымньылары аахтылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ филология наукатын кандидата Мария Дьяконова, эбэҥки норуотун түмсүүтүттэн Галина Керегяева, эбэҥки култууратын уонна тылын үөрэтэр, тарҕатар Семен Саканин үлэлээтилэр. Толорооччу тылын-өһүн чуолкайын, ааҕар маастарыстыбатын, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдиитин, тиэкиһи билиитин сыаналаатылар.

Хоһоону, айымньыттан быһа тардыыны ааҕыы күөн күрэһин кыайыылаахтарынан Николай Яковлев, Настя Апросимова, Мария Васильева, Долгуяна Алексеева ааттаннылар.

Дьону-сэргэни түмэ тардан ыллааһыҥҥа: 1 миэстэ – Айсена Борисова,  2 миэстэ – Борис Куличкин, 3 миэстэ Николай Яковлев буоллулар. Улахан дьоҥҥо Валентина Николаева бастаата.

Эбэҥки тылын күнүн тэрийиини көҕүлээбит, иилээбит-саҕалаабыт Августа Марфусалова тэрээһин суолтатын бэлиэтээтэ: «Биэс сыллааҕыта эбэҥкилии тылы билэр киһи олус аҕыйах этэ. Оттон бүгүн оҕолор госигор үҥкүүлээтилэр, хоһоон аахтылар! Эдэр ыччат, оҕолор кытталлара, төрөөбүт тылларынан киэн туттан, үөрэн-көтөн туран кэпсэтэллэрэ, саҥараллара, билэргэ-көрөргө дьулуһаллара олус кэрэхсэбиллээх«.

Тэрээһини Анастасия Куличкина салайааччылаах «Гиркилэн» ансаамбыл үҥкүүтүнэн, ырыатынан киэргэтэн, ситэрэ-хоторон биэрдэ.

Хаартыскалар: А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0