Эбэҥки бэйиэтэ Дмитрий Апросимов 90 сылын бэлиэтээтилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл Уус Маайа улууһун олохтооҕо, эбэҥки норуотун уһулуччулаах уола, бэйиэт, ойууһут, сээркээн сэһэнньит Дмитрий  Апросимов төрөөбүтэ 90 сылын биир дойдулаахтара киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээтилэр.

edersaas.ru

Эбэҥки бэйиэтэ үбүлүөйүгэр анаммыт дьоро киэһэ А.С. Пушкин аатынан бибилэтиэкэ историческай саалатыгар саха, эбэҥки дьоно тоҕуоруһа мустан, эдэрдиин-эмэнниин  ахтыы киэһэтин тэрийдилэр.

Эдьээн орто оскуолатын иһинэн тэриллибит «Уоланнар» диэн уолаттар айар бөлөхтөрө Дмитрий Апросимов хоһооннорун аахтылар.

Мустубут дьон уолаттар хоһооннорун олус сэргии ылыннылар.

Ахтыы киэһэҕэ саха суруйааччылара, бэйиэттэрэ, Уус Маайаттан төрүттээх Дмитрий Апросимов биир дойдулаахтара кыттыыны ыллылар.

Эбэҥки норуотун сээркээн сэһэнньитэ Дмитрий Апросимов уонна саха суруйааччыта, бэйиэтэ Василий Гольдеров олус доҕордуулар этэ. Билигин кинилэр оҕолоро бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстэрин быспаттар. Василий Гольдеров кыыһа, бэйиэт Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо соторутааҕыта Эдьээҥҥэ тиийэн, Дмитрий Апросимов үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр кыттыбыта. Национальнай бибилэтиэкэҕэ буолбут үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо:

— Кэрэ киһибит — бэйиэппит Дмитрий Апросимов кэлэр кэмҥэ — билиҥҥигэ кэһии буолан кэлбит хоһооно-тойуга, номоҕо олоҥхото аны да дьоҥҥо-сэргэҕэ, оҕоҕо ыччакка иһиллэ, киниэхэ анаммыт алгыстаах түһүлгэ, анабыл айымньы айылла туруохтун! — диэн алҕаан туран бэйэтин хоһоонунан эҕэрдэтин тиэртэ:

«Сэргэх да сэһэн, кэпсээн эйгэтинэн

Сиэдэрэй да ис хоһооннонон

Айымньы курдук айыллан,

Аман өс алгыһынан саҕыллан,

Сахалыы тылынан тыргыллан, эбэҥкилии кутунан кутулллан

Чулуу киһибит чороон кута чочуллан,

Саҥаттан саҥалыы таҥыллан-арыллан таҕыста!

Сээркээн сэһэн олоҕо сэһэргэнэ турдун!

Үрдүүр, сырдыыр, тэнийэр, чэлгийэр  олох буолан туругуруохтун!

Удьуор утум салҕаннын!

Айар кутун

Куралай кустуга

Далай халлаан иэнин

Далааһыннаахтык куустун!

Киһи аймаҕы

Сирдиин халлаанныын

Айыы ситимниир

Далаһа буолан

Куппут куйаарыгар

Суһумнуу турдун!»

Ити курдук, бэйиэт эппитинии: «Сахалыы тылынан тыргыллан, эбэҥкилии кутунан кутуллан, чулуу киһи чороон кута чочуллан, сээркээн сэһэн олоҕо» үйэлэргэ сэһэргэнэ туруоҕа.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — батсааптан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0