Өксүүнньэ оҕонньорун былырыын харайбыта. Сааһыран баран куоракка дьиэ ылан олорбуттара. Хас да сыл хабалаҕа киирэн, нэһиилэ төлөөн бүтэрбиттэрэ. Соҕотох уоллара Москубаҕа көспүтэ ыраатта. Уонча сыллааҕыта оҕолорун аҕалан көрдөрө сылдьыбыта, ол кэннэ сүттүлэр. Иитиэх кыыстара Аана улууска олорор. Куоракка наадатыгар кэллэҕинэ сылдьар. Быйыл үөрэххэ киирбит кыыстарын эбэтигэр Өксүүнньэҕэ олохсуттулар.
Кини кэлиэҕиттэн эбэ чуумпу олоҕун уйгууртулар. Сиэнэ кыыс Надя түүннэри сылдьан баран, сарсыарда эрэйинэн турар. «Үөрэххэр барбаккын дуо тукаам, бириэмэ ыраатта, тур» диэн эмээхсин нэһиилэ туруорар. Түүнү быһа утуйбакка гынан баран, дьэ итинник. Кэлин Өксүүнньэ тылын истибэт буолла. Уолу, кыыһы мунньар буолан барда. Эбэтиттэн биэнсийэтин эрэ көрдөөрү гыннаҕына ымманыйар. Эбэтиттэн ыйыппакка эрэ хайа эрэ дьүөгэтин төрөөбүт күнүн бэлиэтээтилэр. Эбэтин дьүлэй, кырдьан бокоорбут диэн өйдөбүллээх, ол иһин аанньа ахтыбат. Түүннэри айманан эмээхсини утуппатылар.
— Надя, наһаа айманымыаҕыҥ, эбэҥ истиэҕэ — диэн хайа эрэ кыыс этэн көрдө. Өксүүнньэ, сиэним кыысчаан туох диир эбит диэн иһиллээтэ. Хомойуох иһин:
— Ээ, она глухая… спит. Она мне не родная бабушка, — Надя холуочуйбут саҥата иһиллэр. Сарсыарданан тарҕастылар.
Өксүүнньэ туран аһаабыт иһиттэрин хомуйда.
Надя күн ортотугар диэри утуйда. Туран дууштанан баран, үчүгэмсийэн олорон кырааскаланна. Кимниин эрэ төлөпүөнүнэн кэпсэтэр, бэрт улаханнык күлэн чачыгырыыр. Өксүүнньэ түүн аанньа утуйбатах буолан, күнүс утуйан ылаары уһуктан кэллэ.
Өксүүнньэ “оҕонньорум баара буоллар, оннуларын буллартыа этэ…, кырдьар диэн кырыыс да буолар эбит, киһи тылын истибэттэр!” оҕонньорун санаан ытыы сытта. Онуоха Надя кэлэн өҥөс гынан көрдө. Сотору ийэтигэр эрийэн кэпсэтэрэ иһилиннэ.
«Маама, эбэ ыалдьыбыт быһыылаах… хайдах дуо? Оттон ытыы сытар дии” — Өксүүнньэ дьэ аһынаары гыннылар диэн өндөйөн иһиллээтэ.
— Маамуо, мин эбэни кыайан көрбөппүн. Кинини кырдьаҕастар дьиэлэригэр биэрбэппит дуо? — диэни истэн Өксүүнньэ тыына хаайтарар курдук буолла. Ээл-дээл курдук “кини квартиратын биһиги» диэни эрэ иһиттэ.
Өксүүнньэ сиэнэ кинини кырдьаҕастар дьиэлэригэр илдьэр санаалааҕын хомойо иһиттэ. Ол эрээри, таһыгар таһаарбата. Кэпсэппэккэ оргууй аҕай сырытта. Кыыс эбэтин түөһэйэн киһи баарыгар да кыһаммат дии саныыр. Ол иһин бэйэтэ билэринэн дьиэҕэ хаһаайка курдук туттар. Сотору Өксүүнньэ эмээхсин иитиэх кыыһа Аана кэллэ.
— Дорообо ийээ. Дьэ хайдах олордугут? Доруобуйаҥ хайдаҕый? Ыарытыйар буоллуҥ дуо?
— Үчүгэйбин, өлүөрбүн — Өксүүнньэ хата саҥарара сэниэлээх.
— Оттон ыалдьыбыт диэбиттэригэр кэллим ээ. Балыыһаҕа эҥин киллэриллиэ этэ буоллаҕа.
— Суох балыыһаламмаппын, — диэн эмээхсин эппитигэр, соруктаах аҕайдык кэлбит Аана тылыттан матта. Хайдах эмит гынан иитиэх ийэтин кырдьаҕастар дьиэлэригэр биэриэн саныыр. Өксүүнньэ сиэниттэн истибит буолан барытын билэн олорор.
Аананы — дьүөгэтин оҕотун иитэ ылбыта. Дьүөгэтэ ыараханнык ыалдьа сытан: «Аксинья, чугас киһим эн эрэ бааргын, ити киһим буолуохсут арыгыны эрэ батыһар, оҕобун, бука диэн, ылан киһи гынаар” — диэн кэриэһин эппитэ. Өксүүнньэ ол кэннэ Аананы бэйэтин оҕотун курдук маанылаан ииппитэ. Эдэр сылдьан учууталлаан, үлэлээн сүктэн барарын тиийэ тэрийбиттэрэ. Дьиэ ылалларыгар эмиэ күтүөт уол дьонунуун кыттыһан өйөөбүттэрэ. Көһөн барбыттара да уонча сылынан биирдэ билиннилэр.
Билигин кырдьар сааһыгар иитиэн оннугар тиэрэ хайыһан, кырдьаҕастар дьиэлэригэр биэрээри оҥостоллор, Өксүүнньэ бөтөн ылла.
— Хайа ийээ, туох буоллуҥ, ыарыйдыҥ дуо? — Аана кыһаммыт киһилии ыйытар.
— Суох. Үчүгэйбин. Сыта түһэн ылыам, — диэхтээтэ Өксүүнньэ.
Өксүүнньэ өйүн сүтэрэ түһэн ылбыта. Онон-манан өйдүүрүнэн, маҥан халааттаах дьон көстөрө, балаатаҕа сытар курдук этэ. Билигин кырдьаҕастар дьиэлэригэр аҕалбыттар. Аана кыыһыныын Надялыын син биир санааларын сиппиттэр.
Өксүүнньэ дьүөгэтэ күн сириттэн күрэнээри сытан: «Бука диэн оҕобун киһи гынаар» — диэн көрдөһөн, кэриэһин этэн барбыта. Өксүүнньэ кэргэниниин кыыстара суох буолан, бэйэлэрин оҕолорун курдук ииппиттэрэ, бу оҕо улаатан иитиэн оннугар пансионакка биэриэ диэн хантан билиэхтэрэй. Ким киһи буолара, ким кии буолара биллибэт түгэнэ үөскээтэ.
Биирдэ Аана оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ытаан кэлбитэ: “Эһиги миэхэ дьиҥнээх мама, папа буолбатах эбиккит».
— Ким эттэ тоойуом?
— Оҕолор эттилэр.
— Санааҕын түһэримэ, биһиги эйигин бэйэбит оҕобут курдук саныыбыт.
Өксүүнньэ кырдьаҕастар дьиэлэригэр тэһийбэтэ, кими да билбэт. Ама да дьиэтигэр соҕотох олордор, көҥүл тыынар этэ буоллаҕа. Хайа уонна хам-түм да буоллар дьүөгэлэрэ кэлэллэрэ. Хаһан эмэ Москваттан уол сиэнэ Сандал эрийээччи. Сандалы оҕо сырыттаҕына көрбүт буолан, уол эбэтигэр санаата чугас, эмээхсин сиэнин санаан, хараҕын уута таҕыста. Билигин кини кими да күүппэт, киниэхэ ким да кыһаммат диэн санаатаҕына куһааҕан буолар, туоххаһыйар. Манна эмиэ кини курдук оҕолоро аккаастаммыт кырдьаҕастар элбэхтэр. Үксүлэрэ санаалара түспүт дьон. Дьиэҕэ бокуонньук сытарын курдук, дьэки-курус. Өксүүнньэ тыына-быара хаайтарда.
— Привет! Бүгүн малааһын курдук оҥороору гынабыт, — Надя кимниин эрэ төлөпүөнүнэн кэпсэтэр.
— Туох малааһына?
— Куоракка квартираланным.
— Дьиэ атыыластыҥ дуо?
— Суох, эбэм хаалларда.
— Ол аата? Ханна эрэ көстө дуо? Олохтон туораата дуу?
— Ээ суох, кырдьаҕастар дьиэлэригэр илтим.
— Бэйэтэ сөбүлэстэ дуу?
— Кини тугун сөбүлэҥэ кэлиэй. Бэйэтин олоҕун олордоҕо дии. Онно кинини бэрийэллэр буоллаҕа дии.
— Кыыс обургу бэйэҥ илдьэн биэрдиҥ дуо? Атын оҕолоро, сиэннэрэ суохтар дуо?
— Москваҕа бааллар, киниэхэ эрэ наадыйбаттар. Биллибэтэхтэрэ ыраатта.
— Квартиратын докумуоннастыҥ дуу?
— Арба даҕаны, көрдүү сатаабыппыт. Ханна эрэ кистээбит. Эбэбэр бара сылдьан ыйытыллыа этэ, — Надя тугу да хоҥоруутугар хоҥнорботтуу тыллаһар.
— Дьэ хобдох соҕус малааһын буолсу.
— Тоҕо инньэ диэтиҥ?!
— Оттон бэйэҥ да дьиэҥ буола илик эбит дии. Баҕар, уола быһаарара буолуо дии. Баҕар, атын сиэнигэр аныан син.
— Инньэ диир буоллаххына кэлимэ ээ!!! Мин көннөрү доҕотторбун ыҥыртаан бэлиэтээри гыннаҕым эбээт, — Надя кыыһыран охсурҕаланан төлөпүөнүн арааран кэбистэ.
Сандал Москваттан Дьокуускайга кэллэ. Билэр доҕотторугар сылдьан баран, эбэтин дьиэтигэр тиийдэ. Киирэн кэлбитэ эдэр ыччат бөҕө мустубут. «Ураа с новосельем!” — диэн хаһыы доҕуһуоллаах, кыынньыбыт сампаан үрүҥ күүгэнинэн аллан, төлүтэ тэптэ.
Сандал бастаан атын дьиэҕэ киирдим дуу, дии санаата. Кини эбэтин көрбөтөҕө да ыраатта. Оҕо сылдьан эбэлээх эһэтигэр олоро сылдьыбыта. Эбэтигэр эрийэн бырааһынньыгынан эҕэрдэлээччи, кэпсэтэр этэ.
“Эбээ? — диэн саҥа таһаарбытын, аймалҕаннарыгар буолан ким да көрбөтө, истибэтэ.
Киһи мутугунан быраҕар муҥур үйэтэ, түннүгүнэн чыычаах көтөн ааһарыныы элэс гынан хаалар. Өксүүнньэ кэргэниниин уруу тэринэн ыал буолбуттара бу баардыы хараҕар көстөр. Хас эмит сыл көһүттэрэн баран уол оҕоломмуттара, күннэрэ киниттэн тахсара, ыйдара кининэн киирэрэ. Кыыс оҕолонуохтарын баҕараллара да, уол кэннэ оҕоломмотохторо. Оҕо күүтэ сатаан иккиэн эмтэнэ да сатаабыттара. Ол кэннэ ити Аананы иитэ ылбыттара. Кып-кыракый эмиий көрдөөн уоһун чомурҕатар кыысчааны кэргэнэ аһынан даҕаны сөбүлэспитэ. Кэлин кыыска убанан барбыттара.
Ол аһынан иитэ ылбыт оҕолоро иитиэх ийэтин, баҕадьыанньаҕа аҕалбыта бу ороҥҥо харбыллан сытаахтыыр. Ама да ааспытын иһин, оҕонньорунаан дьоллоохтук да олорбуттар эбит. «Киһим баара буоллар бу курдук дьиэбин апчарыйан, манна аҕалан быраҕыа суох этилэр» — Өксүүнньэ оҕонньорун санаан ытамньыйар. Бу дьиэҕэ эн ытаа да ыллаа ким да кыһаммат.
— Саҥа дьыл бырааһынньыгар кыттыһаҕын дуу суох дуу? — диэн хаххан курдук эмээхсин өҥөйөн туран эмискэ ыйыппытыгар соһуйда. Саҥа дьыллыыр санаата да суох. Ол даҕаны буоллар саҥа-иҥэ буолуохтара диэн сөбүлэстэ.
— Аксинья Григорьевна, эйиэхэ кэллилээр, — диэн ыҥырбыттарыгар, бастаан өйдөөбөтө. «Киниэхэ ким кэлиэн сөбүй? Умнубуттара ыраатта дии» — диэн мунааран олордоҕуна:
— Истэҕин дуу, суох дуу?! Эйиэхэ кэллилэр диибин ээ! — диэн дьүлэй киһиэхэ этэрдии көбүө быластаан иккиһин эппиттэригэр, айалаан-дьойолоон туран, аан диэки үнүөхтээтэ.
Көрүдүөргэ тахсыбыта, сиэнэ Сандал турар.
— Тыый тукаам эн кэлбит эбиккин дии — эмээхсин үөрэн сирэйэ сырдаата.
— Эбээ, дорообо. Эн манна баар эбиккин дии. Мин дьиэҕэр сылдьыбытым, кэһиибин онно хаалларбытым.
— Манна баарбын…, — Өксүүнньэ куолаһа кэһиэҕирэн ылла, — эн оттон Москваттан кэлэн баран ханна түстүҥ?
— Оттон эбээ, эйиэхэ кэлбитим дии. Уонна билэр дьонум суох.
— Хайа тоойуом оччоҕо ханна хоннуҥ, дьиэҕэ били кыыс…
— Онно олус элбэх киһи. Ол иһин гостиницаҕа төлөөн хоннум, — Сандал эппитигэр эбэтэ санааҕа ылларда. Сиэним миэхэ ыалдьыттыы кэлбитигэр, манна баарым абатын. Саатар хоннорбокко ыыппыттар.
— Эбээ, бу пансионакка эн бэйэҥ кэлбитиҥ дуо? — Сандал ыйытар.
— Өйбүн сүтэрэн ыалдьа сылдьыбытым, онтон манна баар буолбуппун .
— Оччоҕо эн манна баҕа өттүгүнэн кэлбэтэх буоллаҕыҥ дии?
— Суох, тоойуом.
— Эбээ, чэ мин бардым. Сарсын кэлэ сылдьыам, — Сандал тугу эрэ толкуйдаабыттыы туттан таҕыста.
Бу туһунан аҕатыгар эрийэн эппитигэр, Москваттан тигинээн кэлбитэ. Надя куолутунан дьон бөҕөнү мунньан Саҥа дьыллаары сылдьыбыта. Москваттан дьээдьэтэ кэлэн, былаана түөрэ уларыйда. Ытаан туран мөккүһэн көрдө, ийэтигэр эрийэн да туһа суох буолла. Өксүүнньэ уола, ийэтин күүстэринэн баҕадьыанньаҕа илдьибиттэрин эппиэттэтиэх буолан үүртэлээтэ.
Өксүүнньэ кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорон сиэнин туһугар ыалдьар. Үс хонуктааҕыта кэлэ сылдьыбыта даҕаны биллибэтэ. “Ханна хоно сылдьара буолла?”, — диэн өйө-санаата сиэнигэр эрэ.
— Харыйа ыларга эбии кыттыһар буоллубут — хаххан курдук харахтаах нүксүччү түспүт эмээхсин, тугу эрэ кытаахтаары гыммыт курдук дэгиэ тыҥырахтаах көтөрдүү, такыр тарбахтарын ууммахтыыр.
— Уонна харчым суох ээ, — Өксүүнньэ саҥата нэһиилэ кыыкынаата.
— Бары суоҕунан эрэ суланаҕыт! — диэн кыйаханыах курдук буолан эрдэҕинэ, сиэнэ Сандал киирэн кэллэ.
— Эбээ, бардыбыт дьиэбитигэр. Аҕам кэлбит, — диэн баран эбэтэ итэҕэйбэтэхтии туттар кэмигэр, таҥаһын ылан кэтэрдэн барда. Атын кырдьаҕастар сайыспыттыы көрөн хааллылар.
Өксүүнньэ дьиэтигэр тахсыбыта уола кэлбит. Өссө биир кыыс сиэнэ кэлсибит.
— Ийээ, бука диэн бырастыы гын. Өр кэмҥэ сүтэ сылдьыбыппар. Син түспэтийбит киһи быһыытынан, бу сураххын истэммин соһуйдум ээ, — уола ийэтин кууспутугар ийэ барахсан хараҕын уута сүүрдэ. Көр, киһиэхэ үөрэригэр кыра да наада эбит. Өксүүнньэ туттардыын сыыдамсыйда. Маҕаһыыҥҥа эҥин тахса сырытта. Кыыс сиэнэ хата элэккэйэ сүрдээх эбит, хаартыскатын көрөн эрэ билэр эбэтин бэрийэр. Баттаҕын краскалаан кэбистэ. “Оо дьэ, бүт эрэ тоойуом, — да диэтэр, сиэммин хомотуом диэн мээнэ утарбата.
Саҥа дьыллааҕы елка туруоран дьэргэттилэр. Араас өҥнөөх гирлянда уотугар Өксүүнньэ үөрбүт хараҕын уота тырымныыр.
edersaas.ru саайтка анаан Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан.