Эһиилгиттэн эконолуок киириэҕэ

11.11.2016
Бөлөххө киир:

Билигин Госдумаҕа дьокутааттар кэмитиэттэринэн эһиилги сыллаах бүддьүөтү үөрэтэ сылдьаллар. Былаан быһыытынан, сэтинньи 18 күнүнээҕи мунньахтарыгар сокуон барылын бастакы ааҕыытын көрүөхтээхтэр.

Санатан эттэххэ, РФ бырабыыталыстыбата алтынньы 28 күнүгэр Госдумаҕа үп сүрүн докумуонун оҥорон киллэрбитэ. Эһиилги бүддьүөтү тыырыыга биир баррель ньиэби 40 долларынан быһан сыаналаатылар (биһиги сир баайын хостоон, атыылаан харчыланан олорорбутунан, ньиэп сыанатыттан быһаччы тутулуктаахпыт). Премьер-миниистир Дмитрий Медведев эппитинии, өскөтүн бу ыйыллыбыт сыанаттан үрдээтэҕинэ, биһиги дохуоппут эбиллэн, кыахпыт биирдэ үллэ түһүөхтээх. Оттон быһыллыбыт сыанатынан хааллаҕына, быйылгы курдук сыл ортотуттан ороскуоту сарбыйыы барыа суоҕа этэ. Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, алтынньы түмүгүнэн, биир баррель ньиэп ортотунан 48 долларга тэҥнэспитэ.

Дойду президенэ Владимир Путин эрдэ бэлиэтээн эппитинэн, социальнай хайысха ороскуота сарбыллыбата. Ол эбэтэр оскуолалар, оҕо саадтара салгыы да тутуллуохтара, биэнсийэ, социальнай төлөбүрдэр сыана үрдээһинин батыһа эмиэ эбиллэн иһиэхтэрэ. Ону сэргэ ыам ыйынааҕы ыйаахтары толорууга, предпринимательствоҕа, тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлээһин улаханнык сарбыллыбата.

РФ бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа – 13,4 трлн. солк.

Ороскуота — 16,2 трлн солк.

дефицитэ — 2,7 трлн солк.

2017 сыл тулалыыр эйгэни харыстааһын сылынан биллэриллэн турар. Онон бу эйгэҕэ үбүлээһин намтаабата. Өскөтүн быйыл манна 59,4 млрд солк. көрүллүбүт буоллаҕына, эһиил 76,5 млрд солк. барыахтаах. Манна даҕатан эттэххэ, эһиилгиттэн тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа оҥорон таһаарааччылар нолуок төлүүр буолуохтара. Онон хааһынаҕа эбии харчы киирэрэ былааннанар.

Нолуок чааһыгар эбэн эттэххэ, эһиилгиттэн ньиэби уонна гааһы хостооһун нолуога үрдүөхтээх. Ол түмүгэр гаастан эбии – 170, (2018 с. — 100, 2019 с. — 114 млрд солк.), ньиэптэн — 140 млрд солк. (2018 с. — 176, 2019 с. — 208 млрд солк.) киириэхтээх. Ону сэргэ сэлээркэҕэ, бэһис кылаастаах бензиҥҥэ, арыгыга, табахха нолуок эмиэ үрдүөхтээх. Бу үрдээһинтэн судаарыстыба аны үс сылынан 300 млрд солк. тиийэ нолуогу хомуйуохтаах.

Оттон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн туһунан эттэххэ, бырабыыталыстыба сокуон барылын Ил Түмэҥҥэ алтынньы 31 күнүгэр киллэрбитэ. Билигин кэмитиэттэринэн ырыта сылдьаллар. Сэтинньи 15 күнүгэр үс чаастан бүддьүөт сокуонун барылыгар уопсастыбаннай истии буолуоҕа. Ким баҕалаах кэлэн истиэххитин, санааҕытын этиэххитин сөп.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0