Эһиил Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сыла буолар

26.07.2018
Бөлөххө киир:

Илиибэр эн илииҥ баар курдук

Сүрэхпэр – сүрэҕиҥ сылааһа.

Өрүүтүн биллиэхтин бу курдук

Үйэлээх тапталыҥ былааһа…” –

Эһиил, 2019 сылга, саха норуодунай бэйиэтэ, талааннаах суруйааччы Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сыла буолар.

Бу бэлиэ, үбүлүөйдээх даатаны көрсө, Сунтаар улууһа өссө былырыын, 2017 сылга, Леонид Попов аатынан “Сунтаар миигин ыҥырар” диэн ырыа-хоһоон түһүлгэтин тэрийбитэ. Манна суруйааччылар, бэйиэттэр, литератураны сэҥээрээччилэр, айар куттаах дьон бары түмсэннэр, литературнай куонкуруска кыттыбыттара, норуот бэйиэтэ Леонид Андреевич Попов туһунан иһирэх ахтыылары оҥорбуттара, кини айымньыларын аахпыттара, хоһоонноругар суруллубут ылбаҕай ырыаларын ыллаабыттара.

Быйыл, атырдьах ыйын 24 күнүгэр Леонид Попов аатынан “Сунтаар миигин ыҥырар”  ырыа-хоһоон түһүлгэтэ эмиэ ыалдьыттарын күүтэр. Онон, бу тэрээһин үтүө үгэскэ кубулуйан эрэр.

Кэпсиир Мария КОБЕЛЬЯНОВА, Сунтаар улууһун Култууратын управлениетын салайааччы :

— Соторутааҕыта Уһун-Күөлгэ, Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сылын көрсө, кини  аатынан «Сунтаар миигин ыҥырар» диэн атырдьах ыйын 24 күнүгэр буолар ырыа-хоһоон түһүлгэтин тэрийэр хамыыһыйата бигэргэннэ. Манна баһылык И.Н.Игнатьев, Уһун Күөл, Тойбохойдооҕу кулууп, билитиэкэ үлэһиттэрэ култуура салалтатын, кииннэммит билитиэкэ салайааччыларын кытта көрсөн, тэрээһини торумнаатыбыт. Мунньах быһаарыытынан, быйылгы, эһиилги үбүлүөйдээх тэрээһиннэр Леонид Попов төрөөбүт дойдутугар, Уһун Күөлгэ ыытыллыахтара.

Нэһилиэккэ саҥа оскуола тутуутун «Сунтарцеолит» ХЭТ күргүөмнээхтик ыыта сылдьарын көрөн олус үөрдүбүт. Сатаннаҕына, быйыл үлэҕэ киириэхтээх эбит. Бу оскуола аттыгар Леонид Поповка — Сунтаартан соҕотох норуодунай бэйиэккэ анаан сквер оҥоһуллуохтаах, ол эһиилги 100 сыллаах үбүлүөйүгэр тоҕоостоох  буолуоҕа. Маны таһынан, Култуура миниистирэ В.И.Тихоновтыын кэпсэтиһэн, Саха тыйаатыра суруйааччы  «Улуу Туймаада», о.э. «Тоҕой Сэлэ», «Күндэли» айымньыларын туруорара буоллар диэн санаабытын тиэртибит. Онон, атырдьах ыйын 24 күнүгэр улууспут бары айар-суруйар дьоҕурдаахтарын ырыа-хоһоон түһүлгэтигэр ыҥырабыт. Бу тэрээһин чэрчитинэн улууспут култууратын салалтата проза, поэзия хайысхатыгар кинигэ таһаартарыан баҕалаахтарга  куонкурус биллэрэр. Онон, айымньылар  Сунтаардааҕы кииннэммит билитиэкэҕэ электроннай уонна  А4 бэчээттэммит варианнарынан тиксэриллэллэрин күүтэбит.

Ити курдук, сунтаардар биир дойдулаахтара, саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар бэрт көхтөөхтүк бэлэмнэнэ сылдьаллар.

 

Татьяна МАРКОВА.

 

Ыспыраапка

Попов Леонид Андреевич (1919-1990)

Сунтаар улууһугар 1919 сыл атырдьах ыйын 14 күнүгэр төрөөбүтэ.

Саха  норуодунай бэйиэтэ. 1944 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

Дьокуускайдааҕы педагогическай институту, А.М.Горькай аатынан Литературнай институт Үрдүкү  литературнай куурустарын бүтэрбитэ. Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар ст. эрэдээктэринэн, “Хотугу сулус” сурунаал эрэдээксийэтигэр отдел сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

Лирическэй хоһооннорун уонна поэмаларын бастакы хомуурунньуга 1943 с. бэчээккэ тахсыбыта. Кини хоһоонноро, кэпсээннэрэ, поэмалара, сэһэннэрэ, арамааннара, драмалара киэҥ ааҕааччы  сэҥээриитин ылбыттара. Үгүс айымньылара нууччалыы уонна ССРС норуоттарын тылларыгар тылбаастаммыттара. Бэйэтэ эмиэ нууччалыыттан сахалыы тылбаастыыра – Б.Полевой “Повесть о настоящем человеке”, Н.Гоголь  “Тарас Бульба”, А.Фадеев “Молодая гвардия”.

Үлэ Кыһыл Знамята,  “Бочуот знага” уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

Сүрүн айымньылара: “Күүтэбин көрсүһэр күннэри”. Ырыа-хоһоон. Дьокуускай. Кинигэ изд-вота, 1943 с., “Советскай Союз Геройа Федор Кузьмич Попов”. Очерк. Л.Попов, Софр. Данилов. 1944 с., “Ыраах тыаҕа”. 1947 с.,  “Истиҥ сүрэхтэн”. Хоһооннор, поэма. 1950 с.,  “Хоптолор”. Ырыалар-хоһооннор. 1958 с.,  “Отуу уота”. Ырыалар, хоһооннор. 1966 с.,  “Талыллыбыт айымньылар”. 1969 с.,  “Тоҕой сэлэ”. Арамаан. 1-гы кинигэтэ. 1976 с.,  “Мэйи сирэ”. Арамаан. 2-с кинигэтэ. 1978 с.,   “Уот буол, сүрэҕим”. Хоһооннор, поэмалар. 1979 с.,  “Күннээх таас” . Кэпсээннэр, сэһэн. 1982 с., “Аман аатталым”. Хоһооннор. 1983 с.,  “Кынаккын уун миэхэ, кыталык”. 1989 с., “Улуу Туймаада”. Драма. — Дьокуускай. “Бичик”.  1995 с. о.д.а.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0