Мирнэйтэн Таалакааҥҥа диэри бөртөлүөтүнэн үс чаастан ордук көтөҕүн. Ол иһин, үөрүйэх вахтовиктар сылаас сонноругар кумуччу туттан сууланан баран, утуйан хаалаллар. Биинтэлэр салгыны хайытан күпсүйэллэр, мотуор тыаһа биир кэм куугунуур, онон аттыгар олорор киһини кытта ыһыытаһан эрэ кэпсэтэҕин. Сотору сылайан, күөмэйиҥ бүтэн иллюминатор нөҥүө сүүһүнэн биэрэстэҕэ тайаан сытар тайҕаны одуулаһаҕын. Бу диэки киэҥ өрүстэр тардыылара даҕаны, аҥаат-муҥаат байҕаллыы бидилийбит күөллэр даҕаны суохтар. Биирдэ эмэ оҕус ииктээбитин курдук эрийэ-буруйа сытар сис үрэхтэрэ көстөн ааһаллар. Харах ыларын тухары тайҕа барахсан нэлэһийэ сытар.
Николай КРЫЛОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Мин бу сырыыбар итинник муоралыы долгуйар тайҕа ортотугар ньиэптээх саҥа сиргэ үлэлээн эрэр дьоҕус партияҕа тиийэн түстүм. Бу ”Сургутнефтегаз” Витимнээҕи ДРСУ-тун геологияҕа партията эбит. Манна икки биригээдэ үлэтэ күөстүү оргуйар. Түөрт танкетка үлэлиир, эмиэ да улахан лабораториялаахтар эбит. Онон барыта 25 буолан аар тайҕа ортотугар Таалакаантан 800-1000 биэрэстэ ыраах сирдэринэн арҕаран сылдьан үлэлээн, улахан тутуу акылаатын уурар чинчийиилэри ыыталлар. Тутуу матырыйаалларын элбэҕи, үчүгэйи, чугаһы булан, ханнык баҕарар улахан эбийиэктэр сыанатыгар да кэмчилэнэр, болдьоҕор да түргэтиир, судургутуйар усулуобуйатын быһаараллар.
Тутууну ыытарга кутуллар буор, гравий, онтон да атын матырыйааллары табыгастаах сиргэ булан бэлэмнииллэр. Полевой лаборатория матырыйаал хаачыстыбатын суһаллык быһааран, урут чинчийии докумуоннарын ыйы быһа соһон-сыһан биэрэр буоллахтарына, билигин партия икки-үс хонукка докумуон биэрэн тутуу түргэтииригэр, бэлэмнэммит матырыйааллар хаачыстыбалара олус үчүгэй буолан, тиэйии-таһыы үлэлэрэ аҕыйааннар, үбү туһаныыга улахан кэмчилээһини таһаарар буолбут. Ол иһин, улахан салалта дэлэҕэ да “палочка-выручалочка” диэн махтанан ааттыа дуо?
Урукку өттүгэр бу партия эбээһинэстэрин араас куораттартан бэдэрээтчиттэр кэлэн толоро сылдьыбыттар. Ол дьон бэрт элбэхтик отоойкоҕо олордубуттар, тутуу сыаната наһаа үрдээн тахсарыгар тириэрдибиттэр этэ. Сороҕор чинчийии (изыскание) матырыйаалын туттаран бараннар дойдуларыгар баран хааллахтарына, сыыһалар-халтылар бөҕө арыллан тахсан кэлэллэр. Ночоот бөҕөҕө тэптэрэн баран, кинилэри булан ылан эппиэттэтэр, хат оҥорторор кыах суох буолар. Ардыгар биэрбит объемнара олох да суох буолан хаалыан эмиэ сөп этэ. Оттон ол докумуоҥҥа киллэрбит матырыйааллара (по запасам) Госкомгеологияҕа учуокка киирэн баран, тутуу ыытарыгар туох да суох буолар.
Киэһэлик партия начаалынньыга кэлэр үһү диэн сурах тарҕанна, дьон ону-маны хомунан, бэрээдэктии түһэн, бэйэ бодолорун тардынан бэлэмнэнэллэрин бэлиэтии көрдүм. Ханна да салалта, тойон иһэрин иһиттэхтэринэ, итинник тэринэллэрин билэбин. Санаабар начаалынньыктара модьу-таҕа, толуу көрүҥнээх, үрдүк уҥуохтаах, хайаан да сулардыы хойуу бытыктаах, киэҥ баҕайы күөх харахтарынан дьаһалымсыйа көрөр, саҥатын аҥаара маатыра бөҕөтө буолуо диэн оҥорон көрөбүн.
Мастар үрдүлэринэн дьоҕус бөртөлүөт тэлибирээн иһэрэ ыраахтан көһүннэ. Сотору анал былаһааккаҕа түһэн, аанын аһан дьоннору түһэрдэ уонна таһаҕастары сүөкүүллэр. Кэтэһэн турбут дьон саба сүүрэн киирэннэр өр гымматылар, барытын сүгэн кэлэннэр тустаах миэстэлэрин булларан сабан, дьаһайан кэбистилэр. Мин сосуһар-сысыһар кыаҕа суох киһи быһыытынан, ыраах төттөрү-таары хаамыталыы сырыттахпына, уһун курбуу уҥуохтаах саха уола кэлэн дорооболосто уонна хаһааҥҥыттан эрэ билэр киһитин көрсүбүттүү чугас турар балокка ыҥыран, дьиэтигэр киирбит киһилии сыгынньахтанан, остуолун тарпытынан барда. Сотору кимнээх эрэ оргуйбут чаанньыгы, туох эрэ суулаах, иһиттээх аһылык арааһын киллэрэн биэрдилэр.
Чэйдии-чэйдии сэһэргэһии түмүгэр билсиһэн, партия начаалынньыгын остуолугар күндүлэтэ-маанылата олорорбун дьэ өйдөөтүм. Онуоха эбии иитиллибит, үөскээбит сэлиэнньэбэр тулаайах киһи убай туттубут улахан уолаттарбыттан биирдэстэрэ Егор Дмитриевич Иванов сиэнэ буоларын истэммин, олоппоспуттан суулла сыстым.
… Дьөгүөр саастыылаахтарыттан лаппа кыра уҥуохтаах, хаһан да кими да кытта өрөлөһө сатыы сылдьыбат, чуумпу, сэмэй бэйэлээх уолчаан этэ. Туруорбах балаҕаҥҥа турар остуол таракааннарын кыйдаан кэбиһэн бараммыт хаамыскалыыр, хабылыктыыр, күөх кырыстаах уулуссаҕа тахсаммыт лапталыыр, мохсуо быраҕар буоларбыт. Кэлин кини учууталлаан, оскуолаҕа дириэктэрдээн, Аллайыаханан, оччотооҕу Орджоникидзе оройуонунан, Үөһээ Бүлүү Намынан, кэлин кэргэниниин Матрена Павловна Харлампьевалыын эдэрдэригэр үлэлээбит Хаҥалас Уулаах Ааныгар олохсуйбуттара. Көр, бу Покровскайга төрөөбүт сиэннэрэ дойду улахан хампаанньатын суолун солуур партия начаалынньыга буолан кэлэн олорор эбит.
— Саҥа саҕалааһын, саҥаны тэрийии хаһан баҕарар ыарахаттардаах. Партияны бэйэм тэрийбит буоламмын, үлэбин олус сөбүлүүбүн. Барытын тоһоҕотугар тиийэ, исписэлиистэрбин анаан сыымайдаан ыламмын, оҕо курдук бүөбэйдээн, сүһүөҕэр туруорбут кэлэктиибим буолан олус тардыһабын. Сургуттан, Новосибирскайтан, Иркутскайтан, Уфаттан эҥин кэлэн вахта быһыытынан үлэлииллэр, сөмөлүөтүнэн тиэрдэллэр. Икки саха уоллаахпын, кинилэр Дьокуускайтан Ленскэйгэ диэри бэйэлэрин харчыларынан тиийэллэр. Дьиҥинэн, Сургут араас тэрилтэлэригэр Саха сириттэн элбэх киһи үлэлиир, онон вахтаны Дьокуускайтан баран ылар бэрээдэк олохтонорун туһугар туруорсууну саҕалаатыбыт. Санаан да көрдөххө, оччоҕуна элбэх саха ыччата компанияҕа хото ылыллар усулуобуйата үөскүө этэ. Вахтаны Дьокуускайтан таһарбыт эбитэ буоллар, сахалары бырамыысыланнаска өссө тардыам этэ. Холобур, мин партиям кэҥээтэ, өссө икки саҥа биригээдэни тэрийиэхтээхпин ээ.
«Сургутнефтегаз” биир да, уон да сылга кэлбит тэрилтэ буолбатах, хампаанньа былааннара олус киэҥ, ол иһин биһиги былааннарбыт, баҕабыт эмиэ баһаам, үлэлииргэ, олорорго кэскилэ киэҥ.
Отуттаах эрэ эдэр салайааччы хайдах маннык улахан хампаанньаҕа миэстэтин булбутун, өссө салайааччы буолан улаханнык сыаналана сылдьарын өйдүү сатыы олорор буоламмын, оскуола саҕаттан хайдах үөрэнэн, сыалын-соругун ситиһэр дьоҕурдаммытын билээри ыйыталаһан бэрт элбэҕи иһиттим.
Гоша эһээтин Егор Дмитриевич курдук эппит тылын энчирэппэт, саҕалаан баран хайаан да тиһэҕэр тириэрдэн тэйэр, мээнэ күдээринэ көччүйэргэ кыһаммат буола иитиллибит эбит. Өссө ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан “Диафантовы уравнения” (суоттаммат уравнениелар) диэн научнай үлэни суруйа сылдьыбыт. Онуска сылдьан “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэҕэ “Способы очистки воды замораживанием” диэн тиэмэнэн кыттыбыт. Ол иһин сир аннынааҕы уулар тустарынан эмиэ үөрэтэр соругу туруоруммут. Биирдэ онус кылаас кэнниттэн куоракка киирэ сылдьан, сэттис кылааска үөрэппит учууталын Надежда Николаевна Иванованы көрсөн, Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияҕа киир диэн ыҥырбытын ылынан, үөрэнэ киирбит. Гоша оҕо сылдьан араас киинэлэргэ оҕолор балаакканан хонон-өрөөн айылҕаҕа сылдьалларын көрөн олус ымсыырар эбит. Ол иһин, бииргэ үөрэнэр оҕолорунуун устудьуоннары кытары быраактыкаларыгар сылдьыһар буолбуттар. Онно физик Алексей Климентьевич Семенов быраатын курдук илдьэ сылдьыбыт. Онон ити икки учууталлара кини дьылҕатыгар бигэ суолунан сирдээн киллэрбиттэригэр олус махтанар.
2003 сыллаахха гимназиятын бүтэрэн, СГУ ирбэт тоҥу үөрэтэр кафедратыгар үөрэнэ киирэр. Оччолорго биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) саҥа киирэр буолан, бутуллуу бөҕө этэ, олимпиадниктар да кыайбат садаачаларын суоттаталлара. Ол саҕана докумуоннары элбэх факультеттарга туттаран кэбиһэр этилэр. Туттарбыт факультеттарыгар барыларыгар баала хапсыбыта эрээри, «мерзлоткаҕа» киирбитэ. Онно бииргэ быраактыкаҕа сылдьыбыт оҕолорун кытта үөрэнэн, бары доҕордуу буолбуттара. Үһүс кууруска сылдьан өссө ставка аҥаарыгар үлэ киниискэтэ арыйаннар, Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт инженерэ буолбута. Ол иннинэ да кинилэргэ кэлэн, интэриэһиргээн, отчуоттарын суруйсан эҥин булкуһа-орооһо сылдьыбыт буолан, үлэҕэ үөрүүнэн ылбыттара. Истипиэндьийэлээх, өссө эбиитин хамнастанан, үһүс кууруска сылдьыаҕыттан бэйэтин ииттинэр киһи буолбута.
Сыл аайы производственнай быраактыкатыгар Төмтөөн каскадтарынан сылдьан айылҕаҕа инженернэй чинчийиилэри (инженерно-экологические изыскания) оҥорбуттара. Старшай научнай сотрудник Павел Яковлевиһы кытта тыбыс тымныы уулаах Төмтөөн өрүс устун хайалар быыстарынан хонон-өрөөн сылдьыбыттара. Ол аата 1995 сыллаахтан полеҕа үлэлээбит ыстаастаах. Оччолорго аан маҥнай бөртөлүөтүнэн көппүтэ, танкетканан айаннаабыта, сөҕүү-махтайыы бөҕө буолан кэлбитэ. Икки аҥаар ый үлэлээн, аан маҥнай улахан хамнас диэн тугун билбитэ. Экспедицияттан кэлэн баран полевой үлэ отчуотугар, камералкатыгар, хара үлэтигэр эмиэ үөрүүнү кытта кыһыны быһа институттан арахпакка үлэлэспитэ. Исписэлиистэргэ барыларыгар көмөлөһө сатыыр буолан сөбүлүүр этилэр. Бэйэтэ кинилэртэн эмиэ элбэҕи билбитэ.
Кэнники быраактыкаларыгар Саха сирин соҕуруу өттүн барытын кэриэтэ кэрийэ сылдьан үлэлээбитэ. Улууттан саҕалаан сир температуратын (геотермия) үөрэтэн, мээрэйдээн. матырыйаал бөҕөнү хомуйар этилэр. Дипломнай үлэтин Өлүөхүмэҕэ Торго диэн сэлиэнньэ чугаһыгар баар улахан Гортитскайдааҕы тимир рудатын үөрэтиигэ көмүскээбитэ. Онно Мурунскайдааҕы көмүстээх сир диэн эмиэ баар. Тимир суол онно тиийдэҕинэ, хостооһун саҕаланыахтаах.
Оччолорго Саха сирин соҕуруу өттүнээҕи мегапроектарга барыларыгар инженернэй-геокриологическай чинчийиилэргэ кыттыбыта. 2010 сылга диэри ВСТО-ҕа, Эльконнааҕы ураннаах сиргэ, саамай элбэх чохтоох Эльгаҕа хоздоговорной үлэлэргэ сылдьыспыта. Кэлин онно устудьуоннар быраактыкаларын салайааччытынан эмиэ анаабыттара. Ол эрээри, хаһан баҕарар бу сиргэ үтүрүһүү хабыр буолар, ыйы быһа Чульмаҥҥа олордон кэтэһиннэрэн баран, саҥа кэлэн үлэлиир партияҕа кини миэстэтэ суох буолан хаалбыт этэ. Ити Егор Прокопьевич Сургутка көһөр төрүөтүнэн буолбута…
— «Сургутнефтегазка» үлэҕэ киирии төһө уустугуй?
— Үлэҕэ киирэр тэрилтэҥ кылаабынай инженериттэн, дириэктэриттэн саҕалаан управление, холбоһук дуу салайааччытын, онтон трест начаалынньыгар ыҥырыллаҥҥын, улахан сиидэлээһини ааһаҕын. Дипломҥун тутан олорон ханнык биридимиэккэ хайдах сыаналааххын кытта ырытааччылар баар буолаллар. Биһигини, эдэрбит бэрт буолан, олох кыраттан саҕалаан билиибитин тургуталлар, онтон киэҥ сиринэн экспедицияларга сылдьыбыппытын, полевой ыстаастаахпытын истэн баран, олус дьиктиргииллэр уонна сыаналыыллар. Онтон быраактыкаларбын, Саха сирин соҕуруу өттүгэр мегапроектарга үлэлээбиппин, оннооҕор хаста да Норильскайга командировкаҕа тиийэн ньиэптээх сирдэри дириҥник дьөлө үүттээн ирбэт тоҥҥо чинчийиилэргэ кыттыбыппын иһиттэхтэринэ, атыннык кэпсэтэн барааччылар.
— Оттон бэйэҥ үлэһиттэргин хайдах талаҕыный? Икки эрэ саха уолун үлэлэтэбин диигин дии…
— Уолаттарым үксүлэрэ урут бииргэ үөрэммит, бииргэ үлэлээбит, киһи быһыытынан алтыспыт дьонум. Билиилэрин-көрүүлэрин, туох кыахтаахтарын барытын сыаналаан үлэҕэ ылбытым уонна оннук аттаран үлэҕэ туруорабын. Онон олох чаһы курдук үлэлииллэр.
Мин маҥнай Сургутка тиийэрбэр, сахалартан 36-с киһинэн үлэҕэ ылыллыбытым. Онтон 2014 сыллаахха Таалакааҥҥа кэлэрбэр 150-ча буолбуппут, дойду араас институттарыттан кэлэр этилэр. Саҥа кэлбит оҕолорго туох кыалларынан барытынан көмөлөһөбүт. Бэйэбит Саха диаспоратын тэриниэхпит диэн санаа эмиэ киирэ сылдьыбыта. Ол эрээри, хомойуох иһин, кэнники кэмҥэ олус мөлтөх билиилээх оҕолор кэлэр буоллулар, биллэн турар, ол дьон уһаабаттар. Ол курдук, ГРФ-ны кыһыл дипломунан бүтэрбит, билигин кылаабынай технологка тиийэ үүммүт Иван Спиридоновтыын, билигин “СургутНИПИнефть” институт полевой салаатын начаалынньыгын солбуйааччы Николай Кириллины кытта саҥа кэлээччилэри мэктиэлээн үлэҕэ киллэрэ сатыы сылдьан кыбыстар буоллубут. Билиилэрин таһыма сыллата мөлтөөн иһэр оҕолор кэлэллэр. Киһи хомойоро диэн, билэ-көрө сатаабат, дьыалаҕа улаханнык кыһаммат-мүһэммэт, дьону, кырдьаҕастары кытта алтыһан билэ-көрө сатаабат оҕолор кэлэллэр. Билиҥҥи оҕолор түүннэри аахпаттар, билиилэрин хаҥата сатаабаттар. Билигин оскуолаҕа үөрэтии олус мөлтөөбүт, университет преподавателлэрин хамнаһа устудьуоннарын ахсааныттан тутулуктаах буолбут. Үксүгэр оскуола бырагырааматын хаттаан үөрэтэргэ күһэллэллэр. Онон преподавателлэр ордук бэлэмнээх, билиилээх оҕолору кытта эрэ үлэлэһэргэ дьулуһаллар. Оскуолаҕа самообразование ньымаларын күүскэ киллэрэр эбитэ буоллар ордук буолуо этэ.
— Итиннэ даҕатан ыйыттахха, кэнэҕэһин олоҕум хайдах салаллыа дии саныыгын?
— Бырамыысыланнаска үлэлээһин чэпчэкитэ суох, киһи кырдьан баран тулуйбат усулуобуйатыгар сылдьабыт. Онон син биир төрөөбүт түөлбэбэр кэлэрим биллэр. Мин эһэм Егор Дмитриевич ССРС уонна РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара этэ, онон эһээм кэс тылын толорон, ыччаты үөрэтэр баҕалаахпын. Бырамыысыланнас, геология араас эйгэлэригэр үлэлээбит, науканан дьарыктана сылдьыбыт буоламмын, үүнэр көлүөнэҕэ олоҕум үөрүйэхтэрин иҥэриэхпин баҕарабын. Ол иһин, быйылгыттан саҕалаан, ХИФУ устудьуоннарын быраактыкаларын ыытар баҕалаахпын. Кэнэҕэһин университекка да преподавателлиэхпин сөп. Ол иһин бырамыысыланнаска үлэлиэхтээх оҕолору үөрэтии боппуруостарын ырытан, анаалыстаан көрөбүн.
Николай КРЫЛОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru