Эһэтэ суох буолбут Вероника ханна тиийдэй?

09.09.2016
Бөлөххө киир:
2014 сыллаахха эһээтин кытта куорат биир уһугар олорор кырачаан Вероника туһунан сурах социальнай ситимҥэ киэҥник тарҕаммыта. Кыысчаан эһээтэ оччолорго 74 саастаах Спиридон Монастырев идэтинэн география учуутала, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, аҕыс саастаах сиэнин көрөн Дьокуускай куоракка ДСК оройуонун саамай уһугар кыракый чааһынай дьиэҕэ олорорун туһунан суруллубута. Кини гаас ситимин киллэртэрээри 60 тыһыынча солк. кирэдьиит ылан төлөһө сылдьарын туһунан баара. Сиэнин иитэригэр биэнсийэтин сыыһа тиийбэтин, ону ол диэбэккэ санаатын түһэрбэккэ олоххо тардыһыытын, сиэнин иннигэр сүүрэр-көтөр кырдьаҕас үгүс дьоҥҥо холобур эрэ буолуох тустааҕа. Вероникаҕа уонна кини эһээтигэр анаан аһымал ааксыйа тэриллибитэ. Ким баҕалаах кырачаан кыыска уонна кини эһээтигэр көмөлөспүттэрэ.
veronika-10
Сиэнин атаҕар туруорар баҕа санаалаах эһээ барахсан, хомойуох иһин, бу ааспыт сайын ыалдьан олохтон туораабыта. Вероника дьылҕата хайдах салаллыбытын туһунан боппуруос үгүс киһини долгутар. Кини билигин ханна олорор, ким кинини көрөрүй?
veronika
Төлөпүөн ситимин нөҥүө кыыс ийэтэ Ульяна Монастыреваны кытта кэпсэттибит. Этэҥҥэ үөрэнэ сылдьар дуо, туох кыһалҕалааҕый, — диэн ыйыппыппар, ийэтэ маннык кэпсээтэ:
Биһиги Мэҥэ Хаҥалас улууһун Павловскай нэһилиэгэр олоробут. Мин кэргэннээхпин Вероника аннынан икки кыыс оҕолоохпут. Вероника билигин уон саастаах. 4-с кылааска үөрэнэ сылдьар. Кылаастарыгар 18-лар. Биллэн турар, эһээтэ суох буолбутун кэннэ улаханнык суохтаабыта. Ол эрээри манна оскуолаҕа киирэн саҥа доҕоттордонно. Мин оҕолорбун, дьиэбин-уоппун көрөн үлэлээбэккэ олоробун, аҕабыт суоппарынан үлэлиир. Вероникабыт билиҥҥи кыһалҕатынан кыһын кэтэр пуховига уонна бэргэһэтэ суох. Онтон атына барыта баар. Кыыс билигин үөрэнэ сылдьар, оскуолаттан кэллэҕинэ кэпсэтээриҥ ээ, — диэтэ.

Валерий Монастырев, Вероника аҕа саастаах убайа:

Вероника эһээтэ мин ийэм бииргэ төрөөбүт быраата буолар. Мин билигин Чурапчыга олоробун. Убайбыт оҕонньор суох буолтун кэннэ сиэн кыыһы Верониканы ийэтин бииргэ төрөөбүт убайа аах иитэ ылыах крдук кэпсэппиттэрэ. Кэлин хайдах туох буолбутун билбэппин. Арааһа ийэтэ кыыһыгар кииртэ дуу, кыыс ийэтигэр тахсыбыта эбитэ дуу. Туох да диэн этэрим суох курдук.

Вероника оскуолаттан кэлбитин истэн киниэхэ сибээскэ таҕыстыбыт. Төлөпүөн нөҥүө Вероника чаҕаархай куолаһа иһилиннэ.

veronika2

Вероника Монастырева, Павловскай орто оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ:

— Мин Павловскайга ийэбэр олоробун. Оскуолабыт сабыс-саҥа. Кылааһым салайааччыта Александра Руслановна диэн. Ордук нуучча тылын уонна технология уруоктарын сөбүлүүбүн. Оскуолаттан кэллэхпинэ ийэбэр иһит сууйсан, дьиэ хомуйсан көмөлөһөбүн.

Биһиги Вероника этэҥҥэ ийэтигэр төннөн, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьарын истэн бэркэ үөрдүбүт. Вероника үөрэхтээх, дьоһуннаах киһи буола улаат диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит! Оттон Вероникаҕа көмөлөһүөн баҕалаахтар биһиги сайпыт нөҥүө сибээскэ тахсыҥ.

Ульяна ЗАХАРОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0