Саха омук былыр-былыргыттан дириҥ историялаах, күүстээх итэҕэллээх буолан күн бүгүнүгэр диэри киһи үөйбэтэх-ахтыбатах дьикти түбэлтэлэрэ буолуталыыллар. Өбүгэлэрбит туохтааҕар даҕаны иэстээх сылдьалларыттан куттаналлара. Ордук өлбүт киһи иннигэр төлөрүйбэккэ хаалбыт иэстээх хаалыы дьиксиннэрэрэ. Ити туохтан үөкээбитэй? Тоҕо былыр дуулаҕа баайдар өлөллөрүгэр миинэр миҥэлэрин, кулут-чаҕар дьоннорун илдьэ бараллара буолуой? Ол кинилэр анараа дойдуга салгыы олох баарыгар итэҕэйэр муҥкук өйдөрүттэн эбитэ дуу, эбэтэр чахчы, тугу эрэ билэлэриттэн дуу…
Чаҕаан Өттүк
Маннык ааттаах-суоллаах сүрдээх баай киһи былыр Дьүлэй сиригэр-уотугар олоро сылдьыбыт. Бу киһи аһары байан, хороҕор муостааҕа тыһыынчаттан тахсыбытыгар тоҕус ураҕастаах дьонунан олорор үрэҕин баһынан кыйдата үүрдэрбитэ үһү. Чаҕаан Өттүк олоҕун устатыгар сүөһүтүн үстэ маннык кыйдаппыта үһү. Бу киһи өлүөн балайда иннинэ бэркэ сөбүлүүр улгум хамначчыт уолугар маннык эппит: «Мин өллөхпүнэ ат ыҥыырдааччы буолуоҥ, миигин кытта тэҥҥэ өлсүөҥ буоллаҕа. Онон мин баайбыттан сөбүлүүргүнэн тутун, көҥүл аһаа-сиэ», — диэбит. Хамначчыт уол бэркэ сөбүлүү истибит, ылыммыт. Дьэ, итини «Сүҥкэн сүдү сөбүлэҥ» диэн ааттаан алгыс тыллары этэ-этэ, аал уокка ас биэрэн андаҕаппыттар. Дьэ, ол күнтэн уол талбытынан таалалаан, айбардаан сылдьыбыт. Күн-дьыл биллибэккэ ааспыт. Өлүү да өр кэтэһиннэрбэккэ Чаҕаан Өттүгү илдьэ барбыт. Оҕонньор ыалдьа сытан хамначчыт уолун ыҥыттарбыт. Онуоха уол өлүүттэн, били сүдү сөбүлэҥиттэн куттанан атах балай барбыт. Онуоха оҕонньор өлөрүгэр: «Ханна да тэскилээтэр уолбун бэйэбин кытта илдьэ барабын», — диэт өлбүт. Ол түүн били андаҕар эппит, сөбүлэҥ түһэрсибит хамначчыт уол эрэйдээх хоно сытар ыалыгар соһуччу өлөн хаалбыт. Оннук күүстээх тыллаах-өстөөх сүҥкэн сүдү сөбүлэҥ диэн ааттаах, анараа дойдуну кытта ыкса ситимнээх андаҕар тыллара киһи кутун-сүрүн тоһутар, дууһатын илдьэр кистэлэҥнээх эбит.
Итинник түбэлтэлэр былыр эрэ буолбакка, билигин даҕаны күннээҕи олохпутугар дьулаан, ынырык кэпсээн, үһүйээн буолан уостан-уоска кэпсэниллэн иһиллэллэр.
«Эһээ, өллөххүнэ мин эйигинниин барсыам…»
диэн эһээтигэр олус убаммыт кыракый кыысчаан кэлиҥҥи кэмҥэ саҥарар буолбут. Ол маннык эбит. Эһэтэ оҕонньор киһи өллөҕүнэ дууһата кый ыраах кыйданарын, киһи сатаан тиийбэт улуу дойдутугар тиийэрин туһунан куруук кэпсиир эбит. Биирдэ кыысчаан эһэтэ кэпсиирин истэн: «Эһээ ол ыраах дойдуга мин эйигинниин барсыам», — диэбит. Онуоха дьиэлээхтэр соһуйан эрэ хаалбыттар. «Бу оҕо тылластаҕа тугун толооһой» эрэ дэспиттэр. Оҕонньор улаханнык ыалдьан уһугулаан сытан сиэнэ кыыһын харыстаан ыҥыртарбатах. Кыысчаан эһээтин тыыннааҕар көрсүбэккэ бэркэ аймаммыт. Эһэлэрин көмтөхтөрүн киэһэ арай күүлэ аанын ким эрэ тардыалыыр дуу, тарбыыр дуу тыас иһиллибит. Онто суох санааҕа ылларан олорор дьиэлээхтэртэн арай сиэн кыыстара бэрт чобуотук сүүрэн тахсан көрөөччү буолбут. Кини төттөрү киирэн: «Эһээм кэлбит, барсаҕын дуо?», — диэн ыйытар диэн дьонун куттаабыт. Эбэлэрэ эмээхсин таҥкычахтанан тахсан сиппиир талах минньиги аан боруогар туора быраҕан, оҕонньорун үүрбүт. Оттон бэйэтэ да билбэтинэн итинник сүҥкэн сүдү сөбүлэҥи түһэрсибит сиэн кыысчаан аҕыйах хонон баран таарымталанан өлөөхтөөбүт.
Кэлтэгэй Хаймыык диэн кимий?
Киһи этин сааһын иһинэн киирэн тахсар дьикти аат өбүгэлэрбит саҕаттан кэлбитэ. Кэлтэгэй Хаймыык – диэн өлүүнү ааттыыллар. Былыр өбүгэлэрбит өлүү иннинээҕи дьикти туруктан, дууһа ылааччыттан куттаналлара үһү. Өлөөрү гыммыт киһи күлүгүрэр диэн мээнэҕэ эппэттэр. Кэлтэгэй Хаймыык бэлиэтээбит киһитэ уһуннук барбат дииллэр. Оттон сүдү сүҥкэн сөбүлэҥ уонна өлүү туох ситимнээхтэрий. Баҕар, анараа дойдуттан кэлэн кут ирдэһээччи, куһаҕан тыын тэҥсигэ бу сөбүлэҥи кытта ситимнээх буолаарай? Тоҕо, айыы дьоно тыыннаахтарына түһэрсибит сөбүлэҥнэрэ киһи дууһатын илдьэр эбитий? Төһө даҕаны наука муҥутаан сайыннар, киһи үөйбэтэх-ахтыбатах, таайбатах соһуччу түбэлтэлэрэ бу олоххо буолуталыыллар. Өлбүт киһи иэһин ирдээн киһи түүлүгэр киирэр. Оттон киһи утуйа сытан өлүүнү кытта силбэһэр үһү. Ол утуйар, түлэкэдийэр кэмигэр кини өлбүт дьон дууһатын кытта көрсөн ким туох иэстээҕин быһаарсар буоллаҕа.
Абааһыга андаҕар
Саха эрэ итэҕэлигэр буолбакка, арҕаа омуктарга эмиэ маннык сүдү сүҥкэн сөбүлэҥ курдук дуогабар түһэрсии баар эбит. Ол эрээри, кинилэр итэҕэллэринэн маннык дуогабары абааһыга андаҕар курдук эбэтэр дьаабалы кытта сөбүлэҥ түһэрсии быһыытынан өйдүөххэ сөп. Кэлиҥҥи сабаҕалааһыннар, чинчийиилэр бигэргэтэллэринэн, маннык сөбүлэҥи арай Наполеон, Гитлер дьаабалы кытта түһэрсибиттэрэ дииллэр. Дьаабалы кытта дуогабар түһэрсибит киһи дууһатын атыылыыр эбит. Билиҥҥи өйдөбүлүнэн, итинник дуогабары түһэрсии үрдүк бырыһыаннаах кирэдьиит курдук эбит. Оттон айыы аймаҕар арыый ночооттоох, ол эбэтэр эбиллиэхтээх бырыһыан оннугар кини бэйэтин дууһатын, кутун-сүрүн бас билбэт буолар эбит.
Аатырбыт скрипач Паганини маннык дуогабары түһэрсиэҕиттэн талаана арыллан, аар саарга киэҥник биллэн барбыта диэн сабаҕалааһын эмиэ баар. Ити курдук, бүтүн историяҕа хаалбыт, олоҕу уларыппыт сүдү, билиилээх дьону тоҕо эрэ анараа дойдуну кытта ыкса ситимнээн суруйалларын кэлин наукаҕа дакаастыы сатыыр буоллулар. Аныгы да үйэҕэ итинник тосту туора толкуйдаах, дууһаларын абааһыга ууран биэрэр айылгылаах дьон баар үһү. Хаартынан сэрэбиэйдээһин, ол-бу кармаҕа итэҕэйии, дьон аатыттан сурук суруйуу, бу үксүн дьоло суох дьон бэйэлэрин муммут-тэммит санааларын сирдэтинэллэригэр көмөлөөх курдук эрээри, киһи ис эйгэтин алдьатар, быһаччы эттэххэ, уйулҕатын ыһар куһаҕан көстүү буоларын үгүс киһи өйдөөбөт эбит.
Босхолонуу эбэтэр быыһаныы
Саха итэҕэлинэн, абааһы суолун тутуспут айыы киһитин ханнык даҕаны күүс быыһаабат, босхолообот эбит. Арай, былыргы баайдар кытаанах тыл-өс, алгыс сиэрэ-туома оҥоһуллар сүҥкэн сүдү сөбүлэҥнэригэр баайыллыбыт буруйа суох киһини идэлээх эрэ киһи босхолуур кыахтаах эбит. Доҕуурга иҥнибит, өлүөхтээх киһини кытта бииргэ баайыллыбыт киһи дууһатын кини эрэ босхолуур кыахтаах эбит. Ол эмиэ уот оттуллан, алгыс тыла этиллэн, анал сиэр-туом оҥоһулуннаҕына эрэ ситиһиллэр эбит. Оттон былыр, дьадаҥы киһи ханнааҕы аһынан-үөлүнэн, үбүнэн-харчытынан ойууну дуу удаҕаны дуу көрдөһөн бу сиэри-туому толотторуой. Өскө, сөбүлэҥ түһэрсэн аал уот иннигэр андаҕар эппит буоллаҕына, ол булгуччу толоруллуохтааҕа.
Өлөөрү сытар киһи аҥар атаҕынан анараа дойдуга, биир атаҕынан бу олоххо баар буолан, кинини кытта кэпсэтии сэрэҕи ирдиир эбит. Этиллибит кэриэс тыл этириэс толоруллуохтааҕын туһунан, ол толоруллубакка хаалан сэтэ-сэлээнэ ситэрин туһунан саха номохторо үгүстэр.