Бүгүн Эһээ Дьыл уотун бэһис сылын Гаврил Угаров төрөөбүт дойдутугар Үөһээ Бүлүү улууһун Сургуулук нэһилиэгэр уматтылар.
edersaas.ru
Бастаан 2012 сыллаахха биллиилээх учуонай Гаврил Угаров бэйэтэ анаан-минээн көҕүлээн тиийэн умаппыта. Үс тэрээһини бэйэтэ тэрийбитэ.
Былырыын Сургуулук олохтоохторо бэйэлэрэ тэрийэн ыыппыттара. Быйылгыны эмиэ бэйэлэрэ иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Санатар буоллахха, Гаврил Угаров бүгүн төрөөбүт күнэ, түгэнинэн туһанан, ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит.
«Ахсынньы 21 күнүгэр күн саамай кылгыыр күнэ буолар. Ол аата эргэ сыл бүтэр, саҥа саҕаланар кэмэ. Онон сарсыҥҥыттан кыра-кыралаан уһаабытынан барар. Үс-түөрт күн уһаабакка, кылгаабакка турар дииллэрин кытта сөпсөспөппүн,тоҕо диэтэххэ, сир эргийэр буоллаҕа», — диэн Гаврил Угаров Дьокуускайтан санаатын үллэһиннэ.
Салгыы Сургуулук нэһилиэгин сынньалаҥ киинигэр «Тыалчаан» оскуола оҕолоругар куонкурус буолла. Куонкурска Үөһээ Бүлүү 2 нүөмэрдээх , Оҥхой, Боотулуу, Сургуулук оскуолаларын үөрэнээччилэрэ кытыннылар.
Бу тэрээһини Сургуулук дьаһалтата, оскуола учууталлара, сынньалаҥ киинэ уонна нэһилиэк библиотеката тэрийдилэр.
Сургуулук нэһилиэгин баһылыга Юрий Филиппов:
— Эһээ Дьыл Гаврил Угаров күн сирин көрбүт төрөөбүт күнүнэн ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин. Эһээ дьыл уотун ахсынньыга уматыы биһиги нэһилиэккэ үтүө үгэскэ кубулуйда. Хас тэрээһин аайы оҕолорго анаан куонкурус ыытабыт.
Эһээ Дьыл Гаврил Угаровы күн сирин көрбүт төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлиибит.
Александр Тарасов, edersaas.ru сайтка анаан