Эһээ Дьыл: «Сайын бүттэ, көмүс күһүн саҕаланна»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, атырдьах ыйын 19 күнэ, норуот Кэрдииһинньигинэн, Саха сиригэр сайыммыт бүтэн, күһүммүт бастакы түһүмэҕэ — көмүс күһүн саҕаланар күнэ буолар. Онтон алтан күһүн, ол кэнниттэн тимир күһүн кэлэн, күһүҥҥү кэм түмүктэниэҕэ.

Бүгүҥҥүттэн от-мас үүнүүтэ сыыйа тохтоон, сэбирдэх саһаран, тыа саҕата көмүс өҥүнэн күлүмүрдүүр. Ходуһа ото куурар, хагдарыйан барар, хаачыстыбата арыый мөлтүүр. Отчуттар бүгүн хотуур ортотун бэлиэтииллэр, ол аата окко киириэхтэн (Бөтүрүөп — от ыйын 12 күнүттэн), оттоон бүтүөххэ диэри (хотуур хаалыыта, Кыс Сэмэн күнэ — балаҕан ыйын 14 күнэ) кэм ортото буолар. Онон билигин да ый кэриҥэ оттуур бириэмэ баар. Үчүгэйдик дьаһанан, турунан туран оттоотоххо, баһаам оту бэлэмниэххэ сөп.

Халлаан ардыыр, тыалырар, лаппа сөрүүдүйэр. Этиҥ этэн бүтэр. Оттон салгыы эттэҕинэ, күһүммүт уһуур дииллэр. Күһүн кэлбитэ биллэн барар. Ый быыһа ытыс таһынар хараҥа түүннэр үүнэллэр. Ыраас халлааннаах түүн сулус «ардаҕын» түбэһэн көрүөххэ сөп.

Алаастарга, хочолорго түүнү хараҥардар чаҕылҕаннар чаҕылыһаллара — күһүҥҥү кэм биир бэлиэ, олус кэрэ көстүүтэ.

Кус уойар, балык өллөнөр.

Сайыммыт илгэтэ барыта буһан, ситэн өлүмнэһэн хомуйарга, хаһаанарга саамай табыгастаах кэмэ кэлэр. Отон буһан отоннуурга сөп буолла. Ол эрэн сатаан харайбатахха, кууран уолан хаалыан сөп. Онон билигин сииргэ эрэ уонна барыанньалаан хаһаанарга анаан хомуйар ордук.

Ардах кэнниттэн тэллэй өлгөмнүк үүнүөҕэ. Ол гынан баран тэллэйи хомуйарынан оччо үлүһүйбэккитигэр сүбэлиибит. Тэллэй сүлүһүннэри оборор, мунньунар үгэстээх. Оттон быйыл салгынынан, ардаҕынан араас кир-хох элбэх түстэ.

Онон күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн дэнэр кэм саҕаланна. Күн уота мөлтөөн, буортулаах ультрафиолет аҕыйаан, куттаммакка эрэ күнү быһа да таһырдьа сыгынньах сылдьыахха сөп. Ол доруобуйаҕа улахан туһалаах буолуоҕа.

Куйааһа, кумаара суох элбэх ылааҥы күннээх, чэпчэкитик үлэлии-үлэлии, туругу тупсарынарга бэртээхэй кэм үүннэ.

Көмүс күһүн саҕаламмытынан барыгытын истиҥник эҕэрдэлиибин! Айыы Таҥара көмөтүнэн чэгиэн-чиргэл буолуҥ!

Гаврил Угаров-Эһээ Дьыл.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0