Евдокия Васильевна Черкашина, Мэҥэ Хаҥалас, Павловскай олохтооҕо, биэнсийэлээх:
— “Үйэлээх мал” диэн куонкуруска кыттан, астынан дьиэлээн эрэбит. «Саха сирэ» хаһыакка, «Эдэр саас» саайтка махталбыт улахан. Мин үрүҥ көмүс кириэһинэн кытынным. Ону да таһынан атын малынан-салынан эмиэ кыттыбытым. Кириэс тутан көрдөххө тос курдук ыйааһыннаах ээ. Эһэм Егоров Харлампий Дмитриевич диэн Мэҥэ Хаҥалас Харатыттан төрүттээх киһи киэнэ. Ону үйэлээх мал, кэриэс курдук харайа сылдьабыт. Таҥара үөрэхтээҕэ эбитэ дуу дии саныыбыт. Дьиэбит иһиттэн ханна да тахсыбат, өйдөбүнньүк курдук көрө сылдьабыт. Ийэм былыргы суумкатыгар уурабыт. Хата, бу куонкуруска кыттан, эһэбит кириэһэ саха ууһун оҥоһуга эбит диэн биллибит. Мусуой үлэһиттэрэ инньэ диэн быһаарбыттарыттан үөрэбит. Бу кириэһи урукку өттүгэр ханна да көрдөрө илик этибит. Арай, балтым маскараакка аҕабыыт буолбутугар кэтэн турардаах. Арааһа, кыттыбакка хаалбыт дьон элбэх буолуо. Маннык сэргэх тэрээһиннэри куруук ыыта туруҥ.
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Хаартыскаҕа: ааптар түһэриитэ