Эһэ оҕотун быыһаатылар

Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ Нерюнгри оройуонугар тыатааҕы оҕото ас көрдөөн тиҥсирийэ сылдьан, төбөтүгэр уматыкка аналлаах бөтүөнү кэтэн кэбиспит видеота киэҥник тарҕанна.

Сатаан төбөтүн хостообокко эрэйдэнэ, маска-окко кэтиллэ сырыттаҕына, хата, ааһан иһэр суоппардар  быаланан-туһахтанан, быһа холоон биир саастаах тыатааҕы оҕотун быыһаатылар. Тыатааҕы оҕото бөтүөнтэн төбөтүн босхолоотун кытта быһааччы суоппардар тута туора ыстаммыттар. Төһө да оҕо буоллар, аар тайҕа маанылаах кыыла көмүскэннэҕэ аатыран,  хайа да тардыан сөбө.
Онон, Саха сиригэр кыылга-сүөлгэ амарах сыһыаннаах дьон баарыгар киһи итэҕэйэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0