Дзюдо — доҕордоһуу суола

Ааптар: 
24.04.2018
Бөлөххө киир:

Муус устар 21 күнүгэр киин куоракка «Кыайыы 50 сыла» Спорт дыбарыаһыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга Япония, Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөй ырыалара ньиргитэ толорулуннулар. Манна Дьокуускай итиэннэ Япония Мураяматын доҕордуу сыһыаннарын 25 сылыгар анаммыт бу куораттар сүүмэрдэммит хамаандаларын икки ардыларыгар дзюдоҕа матчевай көрсүһүү буолла.


Сонун күрэхтэһиини үөрүүлээхтик арыйыыга Мураяма куорат Ямагата префектуратын дзюдоҕа ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Каномата Осамудзюдо өйү-санааны, эти-сиини сайыннарар туспа ускуустуба буоларынан, дьону түмэр күүстээҕин ыйан туран, бүгүҥҥү тэрээһин Дьокуускай, Мураяма доҕордоһуу сыһыаннарын салгыы бөҕөргөтүүгэ биир дьоһун хардыынан буолуоҕар эрэнэрин эттэ.

«Россия-Арассыыйа» уопсастыба Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Николай Барамыгин 2018 сыл Арасыыйаҕа Япония, Японияҕа Арассыыйа сылларынан биллэриллибиттэрин санатан туран, ол чэрчитинэн Япония Хабаровскайдааҕы генконсульствотын быһаччы көмөтүнэн ыытыллар бу бастакы тэрээһиммит буолар диэтэ.

Көрсүһүү уон ыйааһынынан барда. Бастакынан татамига 63 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа кыргыттарга Сасаки Хикару уонна Надежда Татарченко таҕыстылар. Манна Олимпийскай эрэл училищетын иитиллээччитэ утарылаһааччытыгар дьиэк биэрбэккэ, ыга сырытта итиэннэ сатабыллаахтык көмүскэннэ. Тиһэххэ албаска түбэһиннэрэн, кыайыылаах таҕыста. Салгыы Хасео Чинатсу эчэйии ылыбытынан, Карина Ефимова быһа кыайыыны сурунна.

Дьэ ол кэнниттэн, эр дьон киирсиилэригэр Такая Эйдзи (66 кг), Сасахара Хаяки (73 кг), Кобаяши Кенго (73 кг), Иноуэ Дайсуке (100 кг), Нагаока Такуто (100 кг+) утуу-субуу хапсыһыыларын кыайыынан түмүктээтилэр, дзюдо төрүт тустуулара буоларын, хааннарыгар баарын итэҕэттилэр. Күппүлүү барыах дьону, 81 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Абдыкаров Акжол Катагири Юйдайы хотон, итиэннэ эмиэ 100 киилэлээхтэргэ Замонов Шохрух Эндо Хирокины кытта хапсыһыылара тэҥнэһиинэн түмүктэнэн, харахпыт уутун сотуннубут. Онон уопсай ахсаан 6,5:3,5 ыалдьыттарбыт туһаларыгар буолла.

Дзюдо́  (дьоппуоннууттан тылыттан тылыгар тылбаастаатахха «Сымнаҕас суол» диэн, Арассыыйаҕа «Имигэс суол» диэнинэн биллэр) —

Япония бойобуой искусствота, саата-саадаҕа суох күөн көрсүү көрүҥэ. Күөн көрсүү маастара Дзигоро Кано XIX үйэ бүтүүтэ джиу-джитсуга олоҕуран айан таһаарбыта, сүрүн быраабылаларын, дьарыгы, күрэхтэһиилэри тэрийии бириинсиптэрин чопчулаабыта.

Күрэхтэһии кэнниттэн Роман Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищетын тириэньэрэ Дамдиндорж Гомбодоржтан матчевай көрсүһүү туһунан санаатын үллэстэригэр көрдөстүм. Саха сиригэр дзюдо сайдыытын устуоруйатыгар норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах бастакы күрэхтэһиигэ, буолаары буолан дзюдо төрүттээччилэрин кытары күөн көрсүһүүгэ Надежда Татарченко куһаҕана суох тустууну көрдөрбүтүн бэлиэтээтэ, уолаттарбыт даҕаны кыахтарынан киирсибиттэрин эттэ. Матчевай күөн көрсүү тыына көннөрү күрэхтэһиилэртэн чыҥха атын буоларын, үгүстэр ону тулуйбатахтарын ыйда. Ыалдьыттарбыт дириҥ үгэстэрдээх анал спорт оскуолалар иитиллээччилэрэ буолаллара харахха быраҕыллар, биһиги кинилэртэн үөрэнэрбит элбэх диэтэ.

— Ол эрээри бу күрэхтэһииттэн биир бэйэм астынным — диэтэ Дамдиндорж Гомбодорж. — Бастатан туран көрөөччүлэр дзюдо култууратын кытта билистилэр, бу көннөрү спорт көрүҥэ эрэ буолбатаҕын, бу олох философията буоларын уу харахтарынан көрөн итэҕэйдилэр. Оттон култуура нөҥүө  норуоттар ыкса билсэллэр, бэйэ-бэйэлэрин байытыһаллар, доҕордоһоллор.

Уонна кэпсэтиибит бүтэһигэр, дьиҥнээх спортсмен быһыытынан, реванш ыларга баҕалааҕын быктарда, уолаттар, кыргыттар миигин өйүөхтэрэ дии саныыбын диэтэ.

Роман ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0