Дзюдоҕа Арассыыйа чөмпүйүөннэрэ пресс-кэмпириэнсийэҕэ кытыннылар

20.11.2019
Бөлөххө киир:

Бүгүн, сэтинньи 20 күнүгэр, дзюдоҕа юниордарга Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр бастаабыт Аина Моисеева уонна Юлия Аман кыттыылаах пресс-кэмпириэнсийэ буолла. Кыргыттар күрэхтэһиигэ хайдах бэлэмнэммиттэрин, кыттыбыттарын туһунан кэпсээтиилэр, ыйытыыларга хоруйдаатылар.

Аиналаах Юлия Дьокуускайга Олимпийскай эрэллэр училищеларыгар үөрэнэллэр. Онон көрсүһүү училище аактабай саалатыгар ыытылынна. Манна чөмпүйүөннэри кытта тириэньэрдэрэ Дамдиндорж Гомбодорж, Равкат Джабаев, спорт миниистирин солбуйааччы Семен Чердонов, училище дириэктэрин солбуйааччы Александр Контоев, Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандаларын бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи киин дириэктэрэ Леонид Спиридонов уо.д.а. кыттыыны ыллылар.

Санатан суруйдахха, дзюдоҕа юниордарга Арассыыйа чөмпүйэнээтэ Красноярскайга сэтинньи 13-17 күннэригэр ыытыллыбыта. Манна 21 саастарыгар диэри уолаттар уонна кыргыттар кытыннылар. Саха сириттэн дзюдоҕа сүрүн тириэньэр Дамдиндорж Гомбодорж салайааччылаах түөрт спортсмен кытынна. Олортон 70 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Юлия Аман уонна 48 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Аина Моисеева кыһыл көмүс мэтээллэри ылан үөрүүлэрэ үксээтэ.

Юлия Аман финалга Ханты-Мансийскайтан сылдьар Элина Саитованы кытта киирсибитэ. Дзюдоисткалар бэриллибит бириэмэ бүтүөр диэри тэҥ киирсиини көрдөрөннөр «голден скорга» күрэхтэспиттэрэ. Ол аата, эбии бириэмэҕэ бастакы очукуоҕа диэри күрэхтэһэллэр. Манна Саха сириттэн сылдьар Юлия утарылаһааччытын суулларан кыайыы өрөгөйүн билбитэ. Юлия Дьокуускайтан төрүттээх, урут футболунан, волейболунан дьарыктаммыт, онтон 2012 сылтан Равкат Джабаевка дзюдоҕа дьарыктанан саҕалаабыт. Юлия: «Чөмпүйэнээт иннинэ өй-санаа өттүнэн бэлэмнэммитим. Мин онно кыһыл көмүс мэтээли ылабын, хайаатар даҕаны кыайабын диэн толкуйдаах кытта барбытым. Сэрэбиэй кэнниттэн, утарылаһааччыларбын билэн баран, кинилэр күрэхтэһэр ньымаларын, албастарын үөрэппитим. Кыайдым — туруоруммут сыалбын ситистим. Аны өссө даьныардаахтык дьарыктанан, салгыы күрэхтэһиилэргэ кыттарга, кыайарга бэлэммин», — диэн мустубут дьону кытта санаатын үллэһиннэ.

Оттон Аина Моисеева 21 саастаахтарга диэри категорияҕа бу кыһынтан саҥа көһөн күрэхтэһэн саҕалаата, бэйэтэ 17-лээх. Кини ыйааһыныгар чөмпүйэнээккэ 30 кыыс күрэхтэһэ кэлбит. Чөмпүйүөн кыыс: «Мин бастакы эргииргэ Уралтан сылдьар кыыһы кытта күрэхтэспитим. Бу саамай ыарахан киирсии этэ. Уопсайа түөртэ күрэхтэстим. Финалга Рязанскайтан сылдьар кыыһы кытта көрсүбүтүм, кинилиин эрдэ Европа Куубагар күрэхтэһэ сылдьыбыппыт. Күрэхтэһээри сылдьан куруук долгуйабын, онон долгуйуу да баара, ол эрээри испэр уоскуйан хаалбытым. Кыайан бараммын соһуйбутум аҕай, «бүтэ оҕуста дуо?» диэн санаа киирэн ааспыта», — диир.

Ситиһиилээх дзюдоисткалары бииргэ үөрэнэр оҕолоро, учууталлара, куруук өйүүр спонсордара кэлэн эҕэрдэлээтилэр, бэлэхтэрин туттардылар, бу ситиһиинэн муҥурдаммакка, өссө үрдүк чыпчааллары дабайалларыгар баҕардылар.

Айтана Аммосова, edersaas.ru

Хаартыскалар: интэриэттэн уонна ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0