Джулия сахалары аатырдар

Бөлөххө киир:

…Австрия. Вена барахсан килбэйэр киинэ. Аар-саарга аатырбыт Венатааҕы консерватория муусукалыыр анал саалата. Үрдүк бэйэлээх төгүрүтүллүбүт үрүттэрдээх киэҥ-куоҥ түннүктэр нөҥүө сайыҥҥы күөҕүнэн чэлгийэн суугунуу турар баай киистэлээх лабаалар сиккиэр тыалга намылдьыһа тураллар. Судургу оҥоһуулаах, үрдүк өйөнөрдөөх, тэбис-тэҥ эрээттэринэн кэккэлэспит олоппосторго аан дойду муусука эйгэтигэр аатырбыт ааттаах-суоллаах дьоннор мустан олороллор. Үрдүк өһүөлэртэн тыгар, ырай арыллыбытын курдук, сырдык уоттаах-күөстээх сценаҕа күөнтээн турар фортепианаҕа, үрдүү сатаан уһун хобулуктарга дугуммут, саха кыысчаана тахсан олорунан кэбистэ…

Дууһаҕа сөҥөр дорҕооннор

Алыптаах дорҕооннор лыҥкынаһа көтөннөр, курустаал люстралар эгэлгэ кырыыларыттан тэйэннэр, саалаҕа олорор дьон уу дьулайдарынан киирэн нохтолоох сүрэхтэригэр кутулларга дылы гыналлар… Бу Бүтүн Европа муусукаҕа култууратын биһигэ буолан үйэлэргэ аатырбыт куорат консерваториятыгар Аан дойдутааҕы муусука бэстибээлин биир чаҕылхай түгэнэ этэ… Кыысчаан оонньоон бүтэн саалаҕа туһаайан бокулуон биэрэригэр, мустубут дьон дохсуннук ытыс таһына­таһына олоппосторуттан ойон турбуттара, онтон-­мантан күргүөмнээх «Браво!» хаһыылар иһиллибиттэрэ. Пианистканы сыанаттан таһаарбакка, хаста да төттөрү ыҥыран уруйдаабыттара. Ити үлүгэр долгуйуулаах түгэн кэнниттэн Джулия сынньанар хоһугар уоскуйа сатыы олордоҕуна, Арассыыйаттан кэлэ сылдьар дьахтар киирбитэ уонна:

«Тыыннаах сибэкки курдук сырдыыгын! Эн ыытар дьикти дорҕоонноруҥ киһи сүрэҕэр тута киирэн иҥэллэр, ураты иэйиини үөскэтэллэр, дьоллоох долгуйууну саҕаллар! Саалаҕа элбэх киһи долгуйан ытамньыйан ыллылар», — дии­дии иэдэһин сыһыаран истиҥник эҕэрдэлээбитэ. Вена консерваториятын бүтэрээччилэртэн саамай бастыҥынан буолбут Джулия Слепцованы ити аан дойдутааҕы бэстибээлгэ кытыннарарга быһаарбыт тэрийэр хамыыһыйа ураты кыһамньытын уурбута. Киниэхэ аналлаах үчүгэйкээн буклеты бэчээттээбиттэрэ. Онно консерватория үс уһулуччулаах композитордарын айар үлэлэрин кэпсээн туран, кинилэр маастарыстыбаларын Джулия толорууларыгар дьүөрэлээн киэн туттан кэпсээн суруйбуттара.

Пианистка ыраах Саха сиригэр төрөөбүтүн, Москватааҕы П.И. Чайковскай аатынан судаарыстыбаннай консерватория кэнниттэн Венатааҕы консерваторияны сабыс-­саҥа ситиһиилээхтик бүтэрэн, консерватория үөрэтэр бырагырааматыгар сөп түбэһиннэриллэн бу үрдүк таһымнаах бэстибээлгэ кытыннаралларын туһунан, киэн туттуулаахтык сиһилии суруйбуттара. Ону таһынан, олорор көстүүнэйин, аһын­үөлүн, айанныыр массыынатыгар тиийэ хааччыйбыттара.

Муусука чараас эйгэтигэр хардыы

Кырачаан Джулияны эбээтэ Александра Ильинична сиэтэн илдьэн Саха омук аан бастакы профессиональнай композитора Марк Жирков аатын сүгэр Бүлүүтээҕи муусука оскуолатын боруогун атыллаппыта. Кыысчаан сэттэ эрэ саастааҕа. Нөҥүө сылыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи Муусука Үрдүкү оскуолатыгар аҕалбыттара.

Сүрэхпинэн истиҥник ылыммыт күндү киһим, учууталым Альбина Ильинична Герасимованы кытта оҕо сааһым дьоллоох кэмнэрэ ааспыттара. Мин үөрүүбүн тэҥҥэ үллэстэрэ, кыайбатахпына тэҥҥэ ытаһара, бастакы ситиһиилэрбиттэн миигиннээҕэр ордук үөрэрэ… Олоҕум киэҥ аартыгар үктэннэрбит үтүө, дьикти киһи кини буолар, — диир Джулия.

Джулия ити кэмҥэ хайаан да Москватааҕы судаарыстыбаннай консерваторияҕа үөрэнэр бигэ соругу туруоруммута. Муусука Үрдүкү оскуолатын кыһатыттан 18 сааһыгар арахсан олох уустук суолун бэйэтэ эрэ муннунан тыырарга күһэллибитэ. Төгүрүк тулаайах, инсультаабыт эбээлээх эрэ кыысчаан Москваҕа тиийэн кафеларга, эрэстэрээннэргэ иһит сууйара, официанкалыыра, биир эмит детсаадка миэстэ булан фортепианаҕа оонньоон оҕолору үҥкүүгэ, ырыаҕа үөрэтэрэ… уонна үөрэҕин салҕаабыта. Маҥнай Чайковскай аатынан консерватория иһинэн үлэлиир академическай кэллиэскэ үөрэммитэ. Онтон Гнесиннэр ааттарынан Арассыыйа Муусукаҕа академиятыгар үөрэммитэ. Онтон иһит сууйааччы кыысчаан Москватааҕы П.И. Чайковскай аатынан судаарыстыбаннай консерватория устудьуона буолбута! Джулия Слепцова консерваторияҕа, чахчы да, улуу мусукаан Виктор Карпович Мержанов кылааһыгар үөрэммитэ. Ити, кырдьыга да, ураты дьол этэ, диэн сыаналыыр билигин Джулия. Кини саха кыысчаанын тута таба көрбүтэ, ураты болҕомтотун уурбута уонна улахан мусукаан буолуоҥ диэн итэҕэли иҥэрбитэ! Виктор Карповичка үөрэнэр сылларыгар күнү быһа дьүккүөрдээх эрчиллии, онтон аһыыр, олох олорор туһугар өссө сылаалаах араас кафеларга иһит сууйар, ас тарҕатар үлэ Джулияны киһи быһыытынан, өй­-санаа өттүнэн ситэригэр, буһарыгар­-хатарыгар тириэрдибиттэрэ.

Ситиһииттэн кынат үүннэрэн

Вена. Бу аан дойду муусукатын биһигэ. Европа муусукаҕа култууратын киинэ. Манна Бетховен, Моцарт, Шуман, Шопен хаампыт уулуссалара, тыыммыт салгыннара кытта баарга дылы… Бу норуот туох өйдөөх­санаалаах, туох дьикти иэйиилээх муусуканы айар дьоҕурдаах эйгэний диэн санаалар Джулияны өрүү сэҥээрдэллэрэ. Онон Венатааҕы консерваторияҕа үөрэнии ханнык баҕарар мусукааҥҥа  бэйэтэ туһугар туспа дьол. Джулия «Эмоции и структура: о музыкальном и формальном изображении межличностных романтических отношений в фортепианной музыке Роберта и Клары Шуман и Ребеки Кларк» диэн дипломнай үлэни туйгуннук көмүскээбитэ. Профессордар Джулиана мусукаан быһыытынан киэҥ билиилээҕин уонна ньиэмэс тылын олус үчүгэйдик баһылаабытын тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэрэ.

Джулия Слепцова былырыын ахсынньыга дойдутугар кэлэн Муусука Үрдүкү оскуолатыгар маастар­кылаастары ыытан, оҕолору кытта дьарыктанан, кинилэри муусука алыптаах эйгэтигэр бэйэтин холобурунан сиэтэн киллэрэн, сүрэхтэригэр сөҕүрүйбэт кыымы саҕан барда.

— Мин дойдубар, үөрэммит кыһабар оҕолору кытта алтыһар профессиональнай үөрүйэхтэрбиттэн үллэстэр түгэн тиксибититтэн наһаа дьоллоохпун. Оҕолор олус сэргээн истэллэрэ уонна хас биирдии түгэни сүрэхтэригэр иҥэрэн иһэллэр. Дьиҥнээхтик муусуканы толоруу таһымын үрдэтии билигин кинилэр саастарыгар эрэ ситиһиллиэн сөбүн өйдөтө сатаатым. Улуу мусукааннар түүннэри-күнүстэри аҕыстыы-тоҕустуу чааһы быһа эрчиллэннэр, баҕарбыт таһымнарын ситиһэллэр диэн, дьулуурдаах, үлэһит буоларга ыҥырабын. Джулия кэнэҕэһин Дьокуускайга үөрэммит оскуолатыгар, кынат үүннэрбит кыһатыгар кэлэн оҕолору кытары үлэлиэн баҕарарын этэр. Оҕолор элбэхтик муусуканы истиэхтэрин, искусство араас көрүҥнэрин туһунан, элбэхтик ааҕан билиэхтэрин, эпохалар уратыларын билэр буолуохтарын, араас кэмҥэ туох­ханнык муусуканы толоруу стилэ үөскүү сылдьыбытын билэр­-көрөр буолаллара наада. Итини оҕо сааска иҥэринэр булгуччу наадалаах. Оччоҕуна эрэ бэйэҥ үлэҕиттэн дуоһуйууну ыларыҥ уонна тус бэйэҕинэн астынар буоларыҥ ситиһиллиэн сөп, — диир мусукаан.

Ааптар туспа санаата

“Мин сахабын!”, “Сахам сирин таптыыбын, кининэн киэн туттабын!», «Сахам сирэ аан дойдуга биллэр­көстөр буолуон баҕарабын, ол туһугар туохпун да харыстаабаппын», «Саха, омук быһыытынан, дириҥ силистээх-­мутуктаах, былыр-былыргыттан улуу омуктар төрүттэрэ буоларбыт туһунан наука араас салаалара бигэргэтэр буолан эрэллэр» диэн эмиэ киэн туттабыт… Тулаайах саха кыысчааныгар, инсультаан олорор эбээлээх эрэ, хантан да көмө-­өйөбүл кэтэһэр киһитэ суох эрээри, бэйэтин дьулуурунан, модун санаатынан аан дойдуга биллэн-­көстөн эрэр мусукаан кыыспытыгар көмөлөһүөх, эрэллээх илиилэрин уунуох биирдиилээн дьоннор, кыаҕырбыт урбаанньыттар САХАЛАРГА бааллара буолуо дуо?..

Николай КРЫЛОВ, суруналыыс.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0