ДЖОН КОХРЕЙН —ТАРТАРИЯҔА

Ааптар: 
18.11.2021
Бөлөххө киир:

Кэнники сылларга Саха сиригэр аан дойду айанньыттара быыстала суох сыбыытыыллар. Массыынанан, матасыыкылынан, бэлисипиэтинэн, оннооҕор сатыы араас харса суох санаалаах дьон “сир ийэ муҥутуур тымныы дойдутун баһылыы” диэн ааттаан бу диэки тиэстэллэр. Бу сорук ылбычча киһиэхэ кыайтарбат, үгүс баламат санаалаах айанньыттар тиэхиньикэлэрэ алдьанан, эттэрин-сииннэрин үлүтэн, куттара тостон төттөрү салалларга күһэллэллэр. Аныгы да кэмҥэ Саха сирин тымныытын, уустук суолларын тулуйуу ордук дьаныардаах, күүстээх санаалаах дьоҥҥо эрэ кыаллар тургутук. Онон суолларын ситиһиилээхтик түмүктээбиттэри дьиҥ-чахчы кыайыылаахтарынан ааҕыахха сөп.

МАҤНАЙГЫ САТЫЫ АЙАННЬЫТ

Тымныы полюһугар дьулуһуу XXI үйэҕэ эрэ үөдүйбэтэх эбит. Баҕа өттүнэн сатыы Өймөкөөҥҥө тиийбит маҥнайгы айанньытынан Великобритания флотун капитана Джон Дандас Кохрейн буолар. Бу киһи Арассыыйа арҕаа кыраныыссатыттан сатыылаан Саха сиринэн Камчаткаҕа диэри 1820-21 сылларга сатыы уонна ат, ыт көлөнөн айаннаан тиийбит!

Киһи итэҕэйиэ суох айана биир судургу мөккүөртэн саҕаламмыт диэн кэпсэнэр. Джон ол кэмҥэ Европа дойдуларын барытын кэриэтэ сатыы кэрийбитинэн биллэр айанньыт эбит. Биирдэ доҕотторун кытта олорон “Англичанин атаҕа үктэммэтэх сирэ аан дойдуга хаалбата” диэн киһиргиир уонна курутуйар икки ардынан саҥа аллайбыт. Онуохаҕа биир атаһа ыйанан турар хаартаҕа Тартария (Арҕаа дойдуларга Сибиир кэннигэр сытар сир оччотооҕу аата) диэки ыйан көрдөрбүт — “Бу диэки сылдьыбыт биир дойдулаахтарбыт суохтар”. Онуохаҕа Джон Кохрейн, “Арассыыйа илин уһугар, Беринг силбэһиитигэр сатыы тиийиэм!” диэччи буолбут. Ити курдук, өһөс майгытыгар тэптэрэн айаҥҥа турбутун туһунан ахтыыларыгар суруйар.

Ол эрэн, ол кэмнээҕи Сибиири чинчийээччи, полковник Эразм Стогов (1797-1880) ити кэпсээни сымыйанан ааҕар, Кохрейны ханнык эрэ эргиэн хампаанньата атыы-тутуу суолларын чинчитэ ыыппыта буолуо диэн сабаҕа­лаан суруйар.

“СИБИИР ДЬОНО УРАТЫЛАР”

1820 с. сайын саҕаланыыта Джон Дандас Кохрейн Петербурга кэлэр, Александр I ыраахтааҕыга аудиенция ситиһэн, Арассыыйа устун айаҥҥа көҥүл ылар. Ыраахтааҕыны кытта илэ көрсөн билсиспитэ улахан өҥөлөөх ­буолбут. Холобур, айана саҥардыы саҕаламмытыгар, киин куораттан бэрт кыра усталаах сири барбытын кэнниттэн халабырдьыттар саба түспүттэр уонна сыгынньахтаан кэбиспиттэр. Чугастааҕы сэлиэнньэҕэ англичанин сэлиэччик эрэ таҥас­таах, кус сыгынньах кэ­­риэтэ тиийбит. Бу быһылаан туһунан сурах ыраахтааҕыга тиийбит, онуохаҕа “булгуччу орос­пуойдары буларга!” диэн кытаанахтык бири­кээстээбит. Таҥаһын уонна малын аҕалбыттарыгар Кохрейн улаханнык соһуйбут, “мин дойдубар халабырдьыттары бу­­луохтара суоҕа этэ!” диэбит. Ол эрэн, Омскай уобаласка ыраахтааҕы күүһэ лаппа кыччаабыта көстөр – Тюкалинскай диэн куоракка айанньыт пааспарын уордарар уонна полиция тойонугар уорбалыыр киһитин ыйан да баран көмөнү көрсүбэт. Кэнники Тобольскай күбүрүнээтэригэр суруйан, докумуоннарын дубликатын оҥорторор. Суолун тухары “ыраахтааҕы ­ыйааҕынан сылдьар” киһини олохтоох салалта көрсөр, көмөлөһөр буолбут, куруутун көлөнөн, сирдээччинэн хааччылла сылдьыбыт быһыылаах. Ол эрэн, ахтыыларыттан көрдөххө, Арассыыйа европейскай чааһын сатыы хааман түмүктээбит.

Урал хайаларын туо­­раан баран Джон, дьон майгыта, быһыыта-таһаата лаппа уларыйбытын бэлиэтээн суру­йар. “Арассыыйа бу өттүгэр олорор дьон биллэрдик уратылар. Дьон манна чэнчис көрүҥнээхтэр, эйэҕэстэр, ыалдьытымсахтар. Бары түспүт ыалларым хонук соболоҥо харчыттан кыккыраччы аккаастаналлар, хамса табах, ыстакаан арыгы эрэ бэлэх ылан сөрү-сөп буолаллар. Манна айанньыты тото аһатан баран, барарыгар хайаан даҕаны ыһыктаах атаарар үгэс баар. Үтүө майгылаах киһи Арассыыйаҕа соххор кэппиэйкэтэ суох биир уһугуттан биир уһугар тиийиэн сөп быһыылаах”.

САХА СИРИГЭР

Иркутскай куоракка диэ­ри айанньыт сатыы хааман тиийбитин туһунан суруйар. Дьокуускайга диэри уунан айаннаабыт, онтон ыла суола ­ыараан, тымныыга баттатан, ат, таба, ыт көлөнөн туһанарга күһэллибит. Дьокуускай уобалаһын тойонугар Михаил Минницкэйгэ ыалдьыттаан ааспыт. Саха сирин устун айаныгар киниэхэ арыаллыыр ха­­һаак биэрбиттэр, олохтоох ки­­нээстэргэ суолун устун көмөлөһөллөрүн туһунан модьу­йуу сурук туттарбыттар быһыылаах.

Дьокуускайтан Кохрейн Верхоянскай тыраагынан Орто Халыманы, Аллараа Халыманы таарыйан Анюй өрүскэ тии­йэр, Өймөкөөҥҥө төннөн хонон өрөөн баран Охотскайга айанныыр, онтон Камчаткаҕа тиийэн Петропавловскай куораты булар. Бу айаныгар Өлүөхүмэ, Алдан, Зашиверскай куораттарга, элбэх атын сэлиэнньэлэргэ сылдьан ааһар. Бэрт элбэх топонимнары бэйэтэ өйдүүрүнэн суруйбут буолан ханна сылдьыбытын сэрэ­йиэххэ эрэ сөп. Холобур, “Варалас” уонна “Табалакъ” диэн “куораттары” суруйар.

ЧАРААС ТАҤАСТААХ АЙАННЬЫТ

Джон Кохрейн суруйууларыгар, “олохтоох нэһилиэнньэ үксүн түүлээх таҥаска, суорҕаҥҥа сууланар, оттон мин Дьокуускайга кэлэн баран аҥаардас нанковай (халыҥ хб таҥас) куурка­лаах уонна ыстааннаах сылдьыбытым, иһинэн фланелевай сэлиэччиктээх этим, саппыкым иһигэр биир чулкулаах этим” диир. “Олохтоохтор миигин куруутун аһыналлар, түүлээх таҥаһынан үллүйэ сатыыллар. Өй уонна эт-­сиин куруутун хамсааһыҥҥа сырыттаҕына, Айылҕа дьайыыта киһи үрдүнэн былааһа суоҕун өйдөөбөттөр”. Бэрт элбэхтэ эрчиллибит этин-сиинин туругунан хайҕанан суруйар, быһыыта, Англияҕа ол кэмҥэ билиҥҥи “чөл олох” идеологиятыгар майгынныыр сүүрээн саҥа үөскээбит быһыылаах. Айаннаан иһэн сотору-сотору сыарҕаттан түһэн сүүрэн ылан ирэр эбит, түүн та­­һырдьа хоннохторуна кутаа аттыгар иттэ олорон эмиэ сүүрэкэлиир үгэстэммит. Биирдэ ытынан ыраах айаҥҥа эһэ суорҕан анныгар тигэн кэбиспиттэригэр “тоҥон уонна тыыным хаайтаран өлө сыспытым” диэн ахтар.

Ол эрэн, төһө даҕаны суругар киһиргээтэр, бүтэр уһугар түүлээх таҥаһы кэтэн быыһаммыта биллэр. Бу туһунан Охотскай куоракка кинини маҥнайгы көрсүбүт Эразм Стогов суруйар: “Биир үтүө күн Кухтуйа кытылынан дьиэбэр сатыы хааман испитим. Өрүс мууһунан билбэт киһим хааман тахсыбыта. Кыра уҥуохтаах, мөкү таба кухлянкалаах, тырыттыбыт этэрбэстээх, мал аатытттан тахсыбыт малахаай бэргэһэлээх. Бастаан дьадаҥы тоҥус дуу дии санаабытым. Ол эрэн, кыһыл бытыктааҕын, сырдык баттах­тааҕын көрөн, хаатырга киһитэ буоллаҕа дуу дии санаабытым. Ол эрэн хандалыта суоҕа…”

ОЛОХТООХТОР ТУҺУНАН

“Алдаҥҥа икки күн аттары күүтэн олорбуппут. Ити кэмҥэ мин олохтоох кинээс нөҥүө Дьокуускайга Минницкэй то­­йоҥҥо махтал сурук ыыппытым. Кинээс миигин үҥсүү сурук ыыппыт дии санаабыт эрээри, суругу аадырыһыгар тиэрдибит. Бу туһунан Минницкэй кэнники күлэн суруйбута. Бу киһини наадата суох долгуппуппуттан кэмсинэбин” диэн ахтар Кохрейн. Суруйууларын түмэн сыаналаатахха, олохтоохторго бэрт үтүө сыһыаннаах киһи эрээри, биллэн турар, “цивилизация киһитин” үгэһинэн “дьикээрдэргэ” сэнэбиллээхтик, уорбалыырдык сыһыаннаһара көстөр. Сахалары “эйэҕэс, ыалдьытымсах, кэччэгэйэ суох” дьон диэн суруйар, ол эрэн сорох ардыгар албыннаары гыммыттарыттан куотуннум диэн суруйар. Холобур, Өймөкөөҥҥө суол уустугуттан төннөн баран, таһаҕаһын сороҕун “соруйан малбар ымсыыран хааллараары айаны тардаллар” диэн уорбалаан көрдөрөн туран уоттаан кэбиһэр.

Ол кэмҥэ бэрт күүскэ тарҕаммыт “сахалар моҕустарын” туһунан үһүйээни “эт харахпынан көрбүтүм” диэн кэпсиир. “Сахалар уонна тоҥустар моҕустарын туһунан элбэҕи кэпсиэхпин, итэҕэ­йиэхтэр суоҕа диэн туттунабын. Элбэхтэ саха киһитэ биир күн иһигэр 40 муунта (18 киилэттэн тахса) кэриҥэ эти сиэн кэбиһэрин көрөн турардаахпын. Ити кэнниттэн истэринэн ончу моһуогурбаттар, кинилэр куртахтара үрүҥ киһи куртаҕыттан атын оҥоһуулаах быһыылаах…”

ТҮМҮККЭ

Кохрейн суруйуута улахан кээмэйдээх айымньы, ол эрэн, нуучча тылыгар кыра кэрчиктэрэ эрэ тылбаастанан сурунаалларга бэчээттэммиттэр. Айанын саҕаланыыта нууччалыы саҥарбат бэйэтэ,

суолун түмүгэр даҕаны аанньа тылламматах эбит, ол иһин суруйуутугар бэрт элбэх өйдөммөт топонимнар, сыыһа өйдөммүт кэпсээннэр, бутуурдар бааллар. Сорох сирдэринэн омуннааһын, ханарытыы да баара сэрэйиллэр. Ол да буоллар, Зашиверскай куоракка атыы-тутуу үгэннээн турбут кэмнэригэр, 1820-с сылларга турист быһыытынан ыалдьыттаан ааспыт харса суох киһи суруйуутун сөҕө-махтайа ааҕаҕын. Хаһан эмэ бу айанньыт уонна да атын былыргы кэмнээҕи чинчийээччилэр суруйуулара тылбаастаналлара буоллар, бэрт элбэх умнуллубуту билиэ этибит.

Егор Карпов.

Хаартыска www.yakutskhistory.net саайтан ылылынна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0