ДЖАМИЛЯ

Ааптар: 
07.08.2017
Бөлөххө киир:

Джамиля дьүһүнүнэн үчүгэй этэ. Курбуу курдук көнө уҥуохтааҕа, кытаанах уһун хара баттахтааҕа, онтун икки аҥы суһуохтуу өрүнэтэлээн түһэртиирэ уонна, сүүһүн аҥар эрэ кырыытын бэрт кыратык саба түһэрэн, бэйэтигэр сөп баҕайытык маҥан былаатынан баанан кэбиһэрэ. Инньэ гыннаҕына, кини толору эттээх хара бараан сирэйэ өссө ордук тупсара. Күллэҕинэ, күөхтүҥү хара төгүрүк харахтара мэник тэбэнэттээх уотунан чаҕылыһаллара, оттон аил иһинээҕи дьээбэлээх ырыалары ыллаан бардаҕына, ол кэрэ харахтара кыыс киэнигэр маарыннаабат атын уоттаналлара.

Эдэр дьон, ордук сэрииттэн эргиллэн кэлбиттэр, Джамиляҕа сыста сатыылларын мин үгүстүк көрөрүм. Джамиля бэйэтэ да дьону кытта күлэрин-оонньуурун сөбүлүүрэ гынан баран, наһаалааччы баар буоллаҕына, кырдьыга, ону тута чаҕытара.

Ол да буоллар итини мин сөбүлээбэт этим. Сурус аҕаһын туора дьонтон көҥүүрүн кэриэтэ мин Джамиляны дьонтон көҥүүрүм. Ол иһин кини аттыгар оннук туора дьон баалларын көрдөрбүн эрэ, тугунан эмэ мэһэйдэһэ сатыырым. Дэлби кыыһыран буугунуурум уонна: «Бэйи, эһиги тохтооҥ! Манна наһаа күннүөххүт суоҕа. Кини мин убайым кэргэнэ уонна ол кинини харыһыйыах ким да суох буолуо дии санаамаҥ!» — диэн эрэрдии өһүөннээх үлүгэрдик көрүтэлиирим.

Оннук кэмнэргэ мин тоҕоостоох буоллун, тоҕооһо суох буоллун, туох да кэрээнэ суох кэпсэтиилэригэр кыбыллан иһэрим, күлүү гыныталыы сатыырым. Онтум табыллыбатаҕына, наһаа кыһыйан, күрдьүөттэһэ-күрдьүөттэһэ сыҥырҕаан барарым. Оччоҕо уолаттар күлсэн быардарын тарбыыллара:

-Оо, көрбөккүт да, ити уолу! Бу кини саҥаһа быһылаах эбит дии! Биһиги олох да билбэтэхпит. Дьэ, көрүдьүөс! — диэн буолара.

Мин туттуна сатыырым, ол гынан баран, кыһыйыан иһин, кулгаахтарым итийэ-итийэ кытаран эрэллэрин өйдүүрүм уонна абабыттан харахпыттан уу-хаар баһарым. Оттон саҥаһым Джамиля миигин өйдүүрэ. Күлэн тоҕо барыан араччы кыатана-кыатана, кырдьыктаммыт хаанын киллэрбитэ буолан, дьиппиэрэ түһэн, уолаттарга:

-Эһиги саҥас сыыска сытара буолуо дии санаабыккыт дуо? Баҕар эһиэхэ буолуо, биһиэхэ оннук буолбатах! Барыах, уолум, бу дьонтон! — диэн баран, уолаттар көрөллөрүгэр төбөтүн өрө туттан, икки эҥил баһынан хайыаланан ылара уонна миигин кытта баран иһэн саҥата суох мичээрдиир буолара.

Ол мичээригэр мин абарыы да, үөрүү да тэҥҥэ баалларын көрөрүм. Оччолорго, баҕар, кини: «Ээй, акаарычаан уол! Мин бэйэм баҕардарбын эрэ, миигин ким тутуой? Дьиэ кэргэн бары да манааҥ — кыайан тутуоххут суоҕа!» — дии саныыра эбитэ буолуо.

Итинник түбэлтэлэргэ мин бэйэбин буруйданан тугу да саҥарбат буоларым. Мин кырдьык, Джамиляны дьонтон көҥүүрүм, кинини таҥара курдук саныырым. Кини мин саҥаһым диэн киэн туттарым, киэн туттарым кини кэрэтинэн, кини иҥнигэһэ-толлугаһа суох күүстээх характерынан. Биһиги кинини кытта истиҥ доҕордуу уонна бэйэ-бэйэбититтэн тугу да кистэспэт этибит.

Ол бириэмэҕэ аилга эр киһи аҕыйах этэ. Онон туһанан сорох уолаттар: «Кинилэри кытта эмиэ тугу элбэҕи кэпсэтэн, тарбаххынан имнэниэҥ кэрэх — хайдахтаах да бэйэлээх батыһыа», — диэн дьахталларга саата суох быһыыланар уонна атаҕастаан сыһыаннаһар этилэр.

Биирдэ, окко сылдьан, Джамиляттан Осмон диэн биһиги ырааҕынан аймахпыт киһи арахпатаҕа. Кини эмиэ ол «биһигини хайа дьахтар киэр диэҕэй?» дии санааччылартан биирдэстэрэ этэ. Джамиля кини илиитин киэр аспыта уонна, сынньана сытар отун күлүгүттэн тура-тура, өлө абааһы көрбүттүү:

-Киэр буол! – диэбитэ уонна киэр хайыспыта. – Ол эрэн эһигиттэн, үөр атыырдарыттан, итинтэн ордук тугу эрэйиэҥ баарай?

Осмон, от анныгар сыппытын курдук сытан эрэ, кыһыйбыттыы сиигирбит уостарын ханньаччы туттан:

-Куоска үөһэ ыйанан турар эт сытын абааһы көрөрүгэр дылы… Бэйэҥ өлөрдүү баҕара сылдьарыҥ буолуо уонна ол-бу буолан мунньаҥныыгын, — диэбитэ.

Джамиля эргиллэ түспүтэ:

-Баҕар, баҕарар да буолуум! Биһиэхэ оннук оҥоһуу тирээтэҕэ дии. Ону эн, акаары, күлээри гынаҕын. Ол гынан баран, сүүс да сыл маннык саллаат кэргэнинэн хаалбытым иһин, бу эн курдуктарга силлиэхпин да баҕарыам суоҕа, сиргэнэбин! Сэрии буолбатаҕа буоллар, ким баран эйигин кытта кэпсэтэр этээ.

-Этэбин ээ оттон мин׃ сэрии диэн! Сэрии буолан, эриҥ кымньыытын суохтааҥҥын киҥиҥ алдьанар буоллаҕа дии, — Осмон үөннээхтик ымаҥнаан ылбыта. — Дьэ, миэхэ ойох буолбутуҥ буоллар итинник буолуоҥ суох этэ эбээт.

Джамиля Осмон диэки ыстанан испитэ, тугу эрэ хардарыан баҕарбыта, ол гынан баран тугу да саҥарбатаҕа, «кинини да кытта аахсыбыт диэн» диэтэ быһыылааҕа. Бэрт куһаҕаннык кинини өр батары көрөн турбута, онтон сиргэммит курдук силлээн баран, атырдьаҕын ылан, киэр хаампыта.

Мин от кэннигэр тэлиэгэ үрдүгэр турбутум. Миигин көрөөт, Джамиля туора хаампыта. Кини мин испэр хайдахтаах буһан буугунуу турарбын таайбыта. Мин буоллаҕына, кинини буолбакка, миигин бэйэбин үөхпүттэрин, тус бэйэбин сааттаахтык атаҕастаабыттарын курдук санаан турбутум. Ыалдьа турар ис дууһам кинини:

-Итинник дьоҥҥо эн тоҕо чугаһыыгын, тоҕо кинилэри кытта кэпсэтэҕин? — диэн сэмэлиирэ.

Олох киэһээҥэ диэри Джамиля кыыһырбыт курдук туттан, умса көрө сылдьыбыта уонна уруккутунуу күлүөхтээҕэр буолуох биир да тылы саҥарбатаҕа. Мин киниэхэ тэлиэгэлээх аттарбын аҕаллахпына, кини бэйэтэ иһигэр саныыр ынырык атаҕастаныытын туһунан саҥарарга миэхэ бокуой биэримээри, атырдьаҕын бугулга батары биэрэн, бүтүннүү ылан, сирэйин хаххалатар курдук иннин диэки тутан аҕалан, тэлиэгэҕэ быраҕаат атыҥҥа барара. Тэлиэгэ өр буолбакка туолан хаалара. Баран иһэн эргиллэн көрдөхпүнэ, Джамиля, атырдьаҕар өйөнөн, бүк түһэн турбахтыыра, тугу эрэ саныыра, онтон эмискэ өйдөөн кэлбит курдук эмиэ үлэлээн барара.

Тиһэх тэлиэгэбитин тиэйбиппит кэннэ кини, тугу барытын умнубут курдук, өр баҕайы киэһээҥҥи саһарҕаны көрөн турбута. Өрүс уҥуор, ханна эрэ ыраах Казахстан стебин улаҕатыгар, тандыр* уотун курдук буолан көстөр от саҕанааҕы киирэн эрэр алаадыйбыт күн аргыый аҕай саҕах кэннигэр түһэн иһэрэ, кини тиһэх сардаҥалара үөһэ, халлааҥҥа, үрүҥ түүтэх былыттарга охсуллан кыыһаллара, оттон аллара хотоол-хотооллорунан хайыы-үйэ хараҥа түһэн эрэр күөх унаар степь ньууругар сараадыччы тыгаллара. Күн киирэрин Джамиля остуоруйа дьикти көстүүтэ арыллыбытын курдук ис-иһиттэн иэйэн, иһийэн туран көрбүтэ. Сирэйэ нарын, уйаҕас дьүһүннэммитэ, оҕолуу бэрт сайаҕас мичээринэн мичээрдээбитэ. Ол туран, эргиллэ түһэн, мин өссө да сатаан түгэн булан эппэккэ турар сэмэлээһиммэр хардаран эрэрдии, өртөн кэпсэтэ турбут киһи куолаһынан эппитэ:

-Эн кини туһунан санаама, кичине бала! Баҕайыны баҕаран! Ити диэн киһи үһү дуо?.. — Джамиля, ах баран, умуллан сүтэн эрэр күн кырыытын батыһа көрөн хаалбыта уонна үөһэ тыынан кэбиһэн баран, эбэн эппитэ: — Ити Осмон курдук дьон киһи ис дууһатыгар тугу саныырын хантан билиэхтэрэй? Ону ким да билбэт. Оннук эр дьон, баҕар, аан дойдуга суохтара буолуо…

Мин аттарбын эргилиннэриэм икки ардыгар кини биһигиттэн ойуччу үлэлии сылдьар дьахталларга сүүрэн тиийэ охсубута, онтон кинилэр күлсэр, кэпсэтэр саҥалара дуораһыйан иһиллибитэ. Джамиля туохтан итинник буолбутун этэр күчүмэҕэй: баҕар, саһарҕаны көрөн туран дууһата сырдаабыта буолуо, баҕар, көннөрү үчүгэйдик үлэлээбититтэн үөрбүтэ буолуо. Мин тэлиэгэлээх оппор үөһэ олорон иһэн Джамиляны одууласпытым. Кини төбөтүттэн маҥан былаатын ньылбы охсон ылаат, икки илиитин быластыы туттубутунан боруоран эрэр хадьымал устун доҕор дьахтарын сырсыбытынан барбыта. Тыалга ырбаахытын тэллэҕэ тэлээрэ тэлибириирэ. Ону көрөн олорон, мин эмиэ хараастыбытым ааһан хаалбыта. Осмон лахсыырын өйдүү сылдьар наада үһү дуо!

-Ээй, һ-а-ат? – диэн аттарбын кымньыылаан биэрбитим. Ол күн мин, биригэдьиир эппитин курдук, аҕабын күүтэн төбөбүн бириэйдэтэргэ быһаарыммытым. Онуоха диэри Садык суругар харда суруйан барбытым. Манна эмиэ биһиги бэйэбит быраабылалаах этибит: убайдарым суруктарын аҕабар аадырыстыыллара, сурук таһааччы ону ийэбэр туттарара, оттон ол суруктары ааҕан иһитиннэрии уонна харда суруйуута мин эбээһинэһим этэ. Садык тугу суруйбутун мин ааҕыам инниттэн таайарым. Кини суруктара, үөр бараан оҕолоро бары биир курдук буолалларын кэриэтэ, бэйэ-бэйэлэриттэн туох да атына суох буолаллара. Садык куруук «Үтүө доруобуйаны» диэн тылларынан саҕалыыра, ол кэнниттэн хайаан да: «Мин бу суругу почтанан мүөттээх сыттаах-сымардаах, чэчирии силигилиир Таласка олорор төрөппүттэрбэр, улахан тапталлаах күндү аҕабар Джолчубайга ыытабын…»        — диэн этэрэ. Онтон салгыы мин ийэм, бэйэтин ийэтэ ааттаналлара, кинилэр кэннилэриттэн уларыйбат биир бэрээдэгинэн биһиги, атыттар кэлэрбит. Итинтэн салгыы хайаан да аҕа ууһун ытык кырдьаҕастарын уонна аймахтарбыт доруобуйаларын, төһө этэҥҥэ олороллорун туһунан ыйытыллара. Дьэ ол эрэ кэнниттэн, суругун саамай бүтүүтүгэр тиэтэйбит курдук Садык суруйара: «Ону тэҥэ кэргэммэр Джамиляҕа эмиэ эҕэрдэ ыытабын…».

*Тандыр — лэппиэскэ, бэрэски буһарар төгүрүк айахтаах оһох

Чингиз Айтматов айымньыта, П. Афанасьев тылбааһа

* * *

Сэһэн салгыытын Чингиз Айтматов “Илгэлээх ардах” кинигэтигэр ааҕыҥ.

Бу кинигэҕэ улуу суруйааччы алта сэһэнэ киирдэ. Олор истэригэр «Муора кытылынан сүүрэр эриэн ыт», «Тэбиэн хараҕа» айымньылар бааллар. Кинигэги «Бичик» кинигэ кыһатыттан атыылаһыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0