Сунтаар улууһун Хоротугар өрдөөҕүтэ абааһыны-таҥараны итэҕэйбэт Сөдүөт (араспаанньата умнуллубут) диэн киһи олорбута.
Ол саҕана Хороҕо нуучча сиэринэн кириэстээн, уҥуох тутан көмүллүбүт, кыыра сытар ойуун баара үһү. Биир киэһэ күн киириитэ дүҥүр тыаһа ньиргийэ турдаҕына, Сөдүөт туох бэйэлээх дүҥүрү тыаһатарын көрөөрү, ойуун уҥуоҕар барбыт. Күнүс даҕаны киһи дьулайа көрөр, дүлүҥтэн үмүрүк төбөлөөх гынан охсуллубут икки туорайдаах уһун кириэстээх күтүр улахан уҥуох лиҥкинэс тииттэр быыстарынан бэрийэн турара киэһээҥҥи боруорга ордук сүрдэнэн-кэптэнэн көстүбүт.
Уҥуох диэкиттэн ойуун уутугар-хаарыгар киирэн кыыра турарын курдук дүҥүр дарбаанын ортотугар кыаһаан кыыгыныыра кытта иһиллибит. Сөдүөт төһө да дьулайа санаатар, эр хаанын ылынан уонна билиэн-көрүөн баҕарара бэрдиттэн тыаһаабакка, сэрэнэн үктэнэн уҥуохха чугаһаабыт. Кини дүҥүр тыаһа хантан кэлэрин билбэккэ, уҥуоҕу эргийэн көрөөрү, чугаһаан иһэн кириэс туорайыгар солоҥдо титирээн илигирии олорорун көрбүт. Дүлүҥ кини илигириирэ түргэтээтэҕинэ түргэтээн, бытаардаҕына бытааран доҕуһуоллуур эбит. Сөдүөт үөйбэтэҕин көрөн, сөҕө саныы турдаҕына, солоҥдо сиргэ дэлби кэлэн түспүт уонна кур сылгы төбөтө буолан ойуоккалаан барбыт. Кини ойуоккалыырын үтүктэн эмиэ дүҥүр тыаһа доҕуһуоллаабыт. Сөдүөт төбө туох буолан кубулуйарын күүппэккэ, түбэлтэни бэйэтэ түргэтэтэн, ыстанан тиийэн төбөнү тэппитэ ойуун уҥуоҕун нөҥүө баран түспүт. Сонно тута уҥуох кэнниттэн, уоттаах чох курдук, сирэлийбит харахтаах улахан баҕайы хап-хара күтүр туран кэлбит. Сөдүөт ол хара күтүрдүүн уҥуор-маҥаар туран уолук-уолуктарыттан хапсан ылан, тардыалаһан барбыттар. Хайалара да кыайбакка туран, били күтүр дьаардаах сытынан саба тунуйаат, мүлчү көтөн, сүтэн хаалбыт. Сөдүөт кэлин «абааһы куһаҕан сыттаах дииллэрэ кырдьык эбит, сыта илиибиттэн үс хонугу быһа сүппэтэҕэ» диирэ үһү.
Сорох дьон кэпсииринэн, ойуун уҥуоҕун кириэһин устун муруку өрө-таҥнары сүүрэкэлээтэҕинэ, дүҥүр тыаһыыр эбит. Сунтаар улууһун Түбэйигэр Мэлэкэ диэн сиргэ улуу ойууттар уҥуохтара баар. Кинилэр кыыралларыгар туттубут көтөр ньэмиэтэ эмэгэттэрэ тоҥхоҥноотоҕуна, дүҥүр тыаһыыра диэн кэпсииллэрэ.
Борис Максимов, Сунтаар, Кутана.
1994 сыллаах «Эдэр саас» хаһыаттан.