Идэтинэн саха тылын учуутала, Бүлүү улууһун Халбаакы нэһилиэгин олохтооҕо Алексей Васильев күнү-дьылы билгэлииргэ оҕо эрдэҕиттэн үөрэммит. 15 сааһыттан саҕалаан күн-дьыл туругун күннэтэ бэлиэтэнэр буолбут, сылык кырдьаҕастары кытары кэпсэтэн-ипсэтэн, кинилэртэн элбэҕи билбит. Бүгүн кини биһиги ааҕааччыларбытыгар анаан маннык этэр:
edersaas.ru
Бэртээхэй сайын ааһан эрэр
Төhө да от үлэтин атахтыыр ардахтар кэлэн аасталлар, дьэ, үтүөкэн сайын түмүктэнэн эрэр. Быйыл итинник улахан ардахтар кэлиэхтээхтэр этэ, ол былырыын күhүҥҥү сибикинэн биллибитэ уонна уон сыллаах цикл, ол эбэтэр угут дьыл хатыланар сыла буоларын умнуо суохтаахпыт. 1997-1998, 2008 сыллар алдьатыылаах уулара өссө билигин улаханнык биллэрбэккэ турар, ити тула өттүбүтүгэр буола турар баhаардартан буолуон сөп. Онон мантан инньэ халлаан сөрүүдүйэн, ойуур уота хаптайа быhыытыйдаҕына, ардах хатыланыан сөп. Ньурба, Мииринэй улуустарыгар улахан баhаардар мэhэйдээннэр, курааннаата, бэл, бу кэлиҥҥи ардахтар Бүлүү улууһун хотугу нэhилиэктэрин таарыйбакка аастылар. Онон айылҕа барытын тэҥниир буолуохтаах, итиннэ баhаары умулларар ардаҕы аҕалаары халлааны тэhитэ ытыалааhын оруолу оонньообот.
Сайын ардахтаах уонна бу кэлиҥҥи кэмҥэ түүнүн сылаас буолан, баччааҥҥа диэри от-мас күөх чээлин ыhыктыбата. Кэнники алта сылга быйыл эрэ хортуоппуй уга хаhыҥтан айгыраабакка турар. Бүлүү эргин биллэр хаhыҥ быйыл балаҕан ыйын саҕаланыыта түhүөҕэ, билигин да нэдиэлэ кэриҥэ сылаас күннэр туруохтара, быстах ардахтар баар буолуохтара, киин улуустарга циклон кэлэн турара хайаан да биллиэхтээх. Ол эрээри, айылҕа аата айылҕа, мөккүспэккин.
Хаhыҥ түhэрин хайдах билиэххэ сөбүй?
Түүнүгэр хаһыҥ түһэр күҥҥэ хотуттан, хотугулуу-арҕааттан, арҕааттан түhэр олооhун тыала сөрүүн салгыны аҕалар, күнүhүн былыттаах туран баран, киэhэтигэр, чуумпурдаҕына, 10 чаас иннинэ халлаан +7; +9 кыраадыс сылаас буоллаҕына, түүн муҥутаан 0-1 кыраадыска тиийиэн сөп. Ол эбэтэр, күнүс +15; +17 кыр. сылаас буоллаҕына, түүнүн эмиэ баччаларга хаhыҥныан сөп. 2016 сыллаахха баччаларга хаар кыыдамнаабыттаах, түүнүн —4 кыраадыска тиийэ тоҥоро сылдьыбыта.
Хаһыҥ үксүгэр атырдьах ыйыгар, Бастакы Ыспааhап ардаҕын кэнниттэн түhээччи. Быйыл сааскы бүтэhик хаhыҥ бэс ыйын 2-с күнэ үүнэр түүнүгэр түспүтэ, ити Ньукуолун кэнниттэн биир тоҥоруу этэ. Онон, күhүнүн хойутуу хаhыҥныан сөп. Үгүс киhи бастакы хаhыҥтан суоттаан, биир ыйынан кыстык хаар кэлэр дии саныыр. Дьиҥинэн, бастакы хаары хаhыҥтан биир ыйга суоттаныллар. Холобур, былырыын атырдьах ыйын 24 түүнүгэр улаханнык тоҥорбута уонна балаҕан ыйын 25 түспүт хаар ууллубатаҕа. Үксүн хаhыҥа суох сайыҥҥа күhүнэ сыыйа сөрүүтүйэр үгэстээх, онон эмискэ улахан тымныылар буолуохтара суоҕа, сыыйа сөрүүтүйэн барыа. Ол эрэээри, ити үөhэ этиллибит кыраадыс ыйынньыгын кэтээн көрө сылдьаргытыгар сүбэлиибин.
Бэчээккэ Раиса Сибирякова бэлэмнээтэ, «Саха сирэ» edersaas.ru