71 саастаах булчут Николай Саргыдаев “ЧЫСХААН уонна ДЬЫЛ ОҔУҺУН ахтылҕана” диэн номох суруйбута үс омук тылынан таҕыста. Бу номоҕу кини үүтээнигэр ыалдьан сытан, түүлүгэр дуу, илэ дуу, үрүҥ таба таҥастаах, хойуу хааһа, уһун бытыга кытта муус маҥан, улахан киһиттэн истибит.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Былыыр — былыр биһиги Сахабыт сирэ эргиччи көҕүл күөх, итии дойду эбитэ үһү… Этэргэ дылы, “… хаҥас диэки хайыһан көрдөххө, хайыр таас хайалар халлааҥҥа тиийэ хабырыйса турар дойдулара эбит… иннин диэки илэ көрдөххө, эҥин эгэлгэ көтөр бииһэ көй салгынынан күнү-халлааны бүөлүү куугунуу көппүт, сүһүөхтээх атахтааҕа сири-дойдуну симнэрэр гына сэмсии сүүрбүт… туохха да уолуһуйбаттарынан уу оҕустара ойуччу сураҕырбыттар эбит, эҥин эгэлгэ эриэн дьүһүннээх аттар, ардай аһыылаахтар, ону кытта муннугар муостаахтар, аччыгыйдартан чыс кутуйахтар алыс хойдон аалыҥнас буолбуттар… ”.
Дьэ маннык саҕалаан, олоҥхо тылынан ойуулаан-мандардаан, саха киһитэ Саргыдай диэн ааптар бу олох соторутааҕыта “ЧЫСХААН уонна ДЬЫЛ ОҔУҺУН ахтылҕана” диэн, былыргы номоххо олоҕурбут, бэрт тупсаҕайдык үс омук тылынан суруллубут, ойуулаах-бичиктээх, олус сиэдэрэй оҥоһуулаах кинигэни оҥорон таһаарда.
Номоххо кэпсэнэринэн, ол тыытыллыбатах тыыннаах айылҕаны, кэрэкэ көстүүнү, дьыл-хонук, кэм-кэрдии уодаһыннаах уларыйыытыгар улахан УУ, УЛУУ нуой мотуок кэлэн, Индигир эбэни икки хайатынан мэндээритэн, тыынар-тыыннааҕын ньимси сотон, алдьархайы аҕалан, буордаах дириҥ маҕалайыгар тимирдэн, мэҥиэстэн испит… Дьэ бу үлүгэргэ, үрдүк долгун арҕаһыгар аарыма улахан болуот сүтэ-сүтэ күөрэйэр. Кыыл-сүөл барыта, тыын былдьаһан, болуокка ыттар… Оттон болуот ортотугар, ыал малын тиэммит сыарҕалаах оҕуһугар икки чороччу улаатан эрэр оҕолордоох дьахтардаах эр киһи, ууга былдьатымаары, тула холоруктаһаллар. Бу – ыал аҕата Байанай Тойон, ийэлэрэ Аан Налыйа айылҕа хотун, кыыстара Сайыына, уоллара Чысхаан, итиэннэ, Мааны диэн ынахтарын оҕото – кылбаа маҥан Кырыа диэн ааттаах оҕус борооску. Дьэ бу ыал дьылҕатын уонна Кырыа оҕус борооску ханна-ханна тиийэн, туохха-туохха түбэһэн, кэлин муус булгунньах саҕа Дьыл Оҕуһа буолан тахсыбытын туһунан бу номоххо уустаан-ураннаан кэпсэнэр.
Кинигэ ааптара Саргыдай – Николай Егорович Саргыдаев, кини билигин 71 саастаах, аатырбыт булчут, сылгыһыт, Чурапчы оройуонун Дириҥ сэлиэнньэтигэр олорор, Дьоруой Р.И.Константинов аатынан бириэмийэ лауреата, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, “Барҕа” бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта, Хоптоҕо нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Бу кини иккис кинигэтэ буолар. “Таҥха ыйааҕа” диэн бастакы кинигэтэ 2006 с. күн сирин көрбүтэ.
— Оттон бу Дьыл Оҕуһун туһунан дьикти номоҕу хаһан, ханна истибиккиний?, — ыйытабын мин Николай Егоровичтан.
Онуоха кини:
— Урут Эрилик Эристиин аатынан сопхуоска каадырабай булчуттары атын оройуоннарга дуогабардаһан бултата ыыталлара. Ол курдук, 1970-1971 сыллардаахха кыһын биһигини, 4 киһини, Өймөкөөн оройуонугар түүлээхтэтэ, былаан толорторо ыыппыттара. Барбатаххына, сопхуоска өр үлэлээбиккэр бэриллэр 80 бырыһыаннаах надбавкаҥ быһыллара. Хайыаҥый, ону быстарымаары, кыра оҕолоргун, оһоҕостоох ойоххун хаалларан, бараргар тиийэҕин… Дьэ ол курдук, Өймөкөөн оройуонун Төрүтүгэр бултуу кэллибит. Хоту дойду дьоно барахсаттар ыалдьытымсахтарын онно үчүгэйдик билбитим… Дьэ ол бултуу сылдьан, Улахан Тарыҥнаах, аатын курдук, мууһа хайа баран, кыһыннары уутун муус үрдүнэн сүүрдэн кылыгырата сытарын кэлэ-бара кэһэн туораан, атахпын тымнытан, дэлби ыалдьан, күнүс булчут үүтээнигэр сыттахпына, илэ эбитэ дуу, бит билгэ эбитэ дуу, эбэтэр испэр этэллэрэ эбитэ дуу — арай аан аһылла түстэ да – бүтүннүү баһыттан атаҕар диэри үрүҥ таба таҥастаах, хойуу хааһа, уһун бытыга кытта муус маҥан, улахан киһи киирэн кэллэ.
Оһох таһыгар олох маска олордо, сиэбиттэн саппыйа ылан, табах буоллаҕа, кымаахтаан муннугар сыҥсыйда, ытырдан тоҕу ыстанна уонна: “Дойду оҕотоо, уһун остуоруйалаах улахан дойдуга сылдьаргын билэҕин дуо? Чэ, иһит, кэпсиим…” , — диэтэ. Уонна, сир түгэҕиттэн ньириһийэн иһиллэр хос-хос дорҕоонноох улахан, сөҥ куолаһынан саҥаран, сэһэргээн барда…
Сүүрбэччэ сыл буолла бу номоҕу суруйбутум, уонна дьэ, бу быйыл бэчээттэттим. Үс омук тылынан – сиэннэрим сахалыы, нууччалыы, английскайдыы ааҕаллар, онон, сайдыылаах оҕолор-ыччаттар хайа баҕарар омук тылынан аахтыннар диэн тылбаастаттым, — диэн кэпсээннээх буолла.
Уонна эбэн эттэ: “… Айылҕаны өйдөөбөт көлүөнэ үөскээн эрэр дуу диэн дьиксинэбин… Оҕус муоһун тосту охсобут дии-дии, “хаанын” саккыраппытынан, тоҕута солууллар, онтон моонньоох баһын быһаллар, бэйэтин харса суох үлтү сынньаллар… Ону мин харааста көрөбүн…”.
Дьэ, бу курус да курдук, дьикти да курдук айымньытын Саргыдай аны эһиэхэ, ааҕааччыларыгар, утары уунар.
Ааҕыҥ, билсиҥ, толкуйдааҥ.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/