Дьыл оҕуһун муоһа хаһан түһэр? (100-тээх оҕонньор кэпсээнэ)
Дьыл оҕуһун муоһа хаһан түһэригэр мөккүөр тохтообот. Кимиэхэ, туохха олоҕурабыт диэн ыйытыы үөскүүр. Эрэдээксийэҕэ биир ааҕааччыбыт кэлэн, Манчаарыны көрсүбүт хос эһэтин кэпсээнин тиэртэ.
Аатырбыт хапсаҕайдьыт, сэрии бэтэрээнэ, “Ворошиловский стрелок” Никита Константинович Докторов-Бычырдаан кыыһа — Яна Никитична Докторова. Кини аҕатын эһэтэ кэпсээбитин дьоҥҥо тиэртэ.
Аҕата Бычырдаан 1913 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕар төрөөбүт, 94-гэр өлбүт. Никита Константинович 190 см үрдүктээх, быыппастыгас былчыҥнаах, лаппа кыанар киһи этэ. Кини оҕо сылдьан эһэтин Дьыл Оҕуһун туһунан кэпсээнин истибитин, кыыһыгар тиэрдибит. Бычырдаан өлүөр диэри олоҕун устата алтыспыт дьонун ааттарын, туох баар дааталары, оннооҕор суотабай төлөппүөн нүөмэрдэрин өйүгэр тута сылдьыбытын дьон сөҕөрө.
Үөһээ Бүлүүгэ Н.К. Докторов-Бычырдаан пааматынньыга
Бычырдаан эһэтэ – Маанньа оҕонньор сүүһүн ааһан баран, өлбүт. Эдэр сылдьан, Манчаары Баһылай Ньурбаҕа олордоҕуна, анаан тиийэ сылдьыбыт. “Эн ороспуойдуур идэҕэр миигин үөрэт”, — диэн. Онуоха Манчаары: “Мин ороспуой буолбатахпын, үөрэтэр санаам суох, эн оннугунан дьарыктаныма”, — диэн батынан кэбиспит. Ол аата, Маанньа XIX үйэ (1800-с сыллар) киһитэ буолар, оччолорго сир түннүгэ, Сээркээн Сэһэн оҕонньоттор саха историятын, төрүттэрин өйдөрүгэр хатаан, уос номоҕо оҥостон кэпсииллэрэ. Онон бу кэпсээнин икки үйэ анараатыгар олорбут сахалартан быһаччы кэлбит үһүйээн курдук ылыныахха сөп.
Бу Маанньа оҕонньор күүстээх-уохтаах, кыанар киһи эбит. 100 сааһыгар тиийэн баран, эдэр оҕолордуун тэҥҥэ сырсан, холоһон көрөр идэлээҕэ үһү. Киэһэ аайы остуоруйалыыра, уос номоҕор хаалбыт үһүйээннэри кэпсиирэ, мындыр толкуйдаах, уус тыллаах киһи этэ.
Дьыл Оҕуһа ирбэт тоҥҥо иҥэр
Дьэ, кини кэпсииринэн, сахалар дьылы олохторун укулаатыттан ааҕан таһаарбыттар. Алтынньыга уонна ыам ыйыгар эмиэ сүөһүнү аһаталлар. Сүөһү кыстыга – дьыл диэн ааттанар. Дьыл оройо – тохсунньу 31 күнэ, бастакы Охонооһойоп. Бу күн астарын-үөллэрин, хаһаастарын, отторун көрүнэллэр, лоп курдук аҥаара хаалбыт буолуохтаах. Бу күн сүөһү төбөтүн кыйахаан сииллэрэ, саламаат буһараллара, дьэдьэннээх арыыны амсайаллара. Дьыл оройугар тымныы уҕарыйбат, муҥутаан сэтэрээн турар. Билиҥҥи курдук сылаас буолуо дуо, урут -50-60 кыраадыска тиийэ тымныйарын саастаах дьон син өйдүүллэрэ буолуо. Оннооҕор олунньу бастакы күннэригэр тымныы буолара.
Дьыл оҕуһун бастакы муоһа олунньу 12 күнүгэр, иккис муоһа 24 күнүгэр түһэр, онтон моонньоох баһа, көҥдөй көхсө “күр” гыналлар. Ол эрээри, Өлүөнэнэн Хотугу Муустаах муораҕа устубат, ирбэт тоҥҥо киирэн иҥэн хаалар. Ол да буоллар, улуу дьаалы тыына дьыбарга, чысхааҥҥа, хаһыҥҥа, тобурахха биллэн ааһар.
Саха бастаан олоҕун-дьаһаҕын, хаһаайыстыбатын укулаатыттан күнү-дьылы аттарар. Оттон ити христианство таҥараларын күннэрэ кэлин киирбиттэр, хоһулаһар бырааһынньыктары онно сөп түбэһиннэрбиттэр. Онон тоҕо, хайдах дьаһанан олорбуттарын иҥэн-тоҥон, сахалыы толкуйдаатахха, барыта орун-оннутугар түһэр диэн Бычырдаан оҕонньор кэпсиирэ.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru