Дьыл кэмэ уларыйарыгар үгүс киһи доруобуйатын туруга уларыйар, мөлтүүр, дьарҕа ыарыылара да көбүөн сөп. Маннык кэмҥэ доруобуйаны харыстыырга сүбэлэри билиһиннэрэбит.
edersaas.ru
Сааскы халлаан албын буолуон сөп. Чаҕылхай уонна сылаас күнү түргэнник хаар уонна тымныы тыал солбуйуон сөп. Температура түһэрэ-тахсара уонна салгын уларыйара ордук оҕолорго, дьахталларга, кырдьаҕастарга уонна дьарҕа ыарыылаах дьоҥҥо дьайар. Тымыр кыарааһына уонна хаан баттааһына үрдээһинэ чуолаан артериальнай гипертензиялаах дьоҥҥо кутталлаах. Тоҕо диэтэххэ, гипертоническай криз, инфаркт эбэтэр инсульт куттала улаатар. Циклон чугаһаатаҕына хааннарын баттааһына намыһах дьон эмсэҕэлиир. Кинилэр туруктара мөлтүөн, хотуолуохтарын, мэйиилэрэ эргийиэн уонна ардыгар уҥан түһүөхтэрин да сөп. Күн-дьыл эмискэ уларыйарыгар ону тэҥэ төбө ыалдьыан, настарыанньа түһүөн, кыыһырымтаҕай уонна туохтан эрэ дьиксинэ сылдьар буолуохха сөп.
Биир кэм туруга суох уларыйа сылдьар күн-дьыл куһаҕан содулуттан хайдах сэрэнэбит?
Хааннарын баттааһына үрдүк дьон сылаастык таҥныахтаахтар, эти-сиини наһаа ноҕуруускалыа, сылайыа суохтаахтар. Үлэлиир уонна сынньанар хоһу элбэхтик салгылатыҥ, туустаах, аһара тумалаах уонна сыалаах-арыылаах аһылыгы, кофеиннаах утаҕы аҕыйатыҥ.
Хааннарын баттааһына намтыыр дьон (гипотония) салгыҥҥа элбэхтик сылдьара, актыыбынай успуордунан дьарыктанара (сүүрүү, бэлэсипиэти тэбии, харбааһын) элбэх ууну иһэрэ туһалаах. Хойуу чэйи эбэтэр кофены иһиэххэ сөп, ол гынан баран күҥҥэ 3 чааскыттан элбэҕэ суоҕу.
Өссө биир киэҥник тарҕаммыт кыһалҕа — саас организмҥа битэмиин тиийбэтэ. Тоҕо диэтэххэ, кыһын устата ас битэмиинэ аҕыйаан иһэр. Кыһыны быһа хараллыбыт фрукталар уонна оҕуруот астара хайыы сах битэмииннэрэ суоҕун кэриэтэ.
Битэмииннэрэ тиийбэт дьоҥҥо «кутталлаах бөлөх» диэн эмиэ баар. Кинилэргэ кыра эбэтэр олус улахан ыйааһыннаах дьон, куртах-оһоҕос дьарҕалаахтар, оҕо күүтэр уонна эмиийдиир дьахталлар, кырдьаҕас дьон киирсэллэр. Битэмиин тиийбэтигэр ордук иммуннай систиэмэ кэбирэх буолар, ол сотору-сотору тымныйан ыалдьарга тириэрдэр. Битэмиин тиийбэт туругун сэрэтэргэ чуолаан сибиэһэй фруктаны, оҕуруот аһын, күөх уонна туорахтаах үүнээйилэри, рафинированнайа суох арыыны сиэҥ. Аскыт арааһыгар эмиэ болҕомтоҕутун ууруҥ: наар биир аһы нэдиэлэҕэ 2-3-тэн ордук сиэмэҥ.
Сааскы кэм, биллэн турар, тымныйан ыалдьыы кэмэ. Бары ОРВИ-ны сэрэтии быраабылаларын олус бэркэ билэр курдукпут. Ол да буоллар, «таҥара сэрэҕи таптыыр» дииллэр:
Дьиэҕит иһин сууйа-сото сылдьыҥ, элбэх киһилээх сиргэ сылдьартан туттунуҥ. Илиигитин куруук сууна сылдьаргыт уонна мааска кэтэргит вирустаах инфекция сыстар кутталын биллэ кыччатыан сөп. COVID-19 ыарахан содулуттан харыстанарга быһыы ылыахха. Бу -– бэйэ доруобуйатын харыстыырга көдьүүстээх уонна куттала суох ньыма.