Бүгүн Б.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыската, СӨ үтүөлээх уонна норуодунай артыыската Прасковья Павловна Адамова-Күн Чүүйэ күн сирин көрбүт күнэ.
edersaas.ru
Кыайыы өрөгөйдөөх күнэ буолбута лоп курдук биир ый ааспытын кэннэ, 1945 сыл бэс ыйын 9 күнүгэр сарсыарда эрдэ, күн тахсыыта күнү көрсө Мэҥэ Хаҥалас улууһун Мэндэ хайатын үрдүгэр турар Майа сэлиэнньэтигэр бу орто дойдуга Прасковья Павловна Адамова кэлбитэ. Кини Чүүйэ эбэҕэ, хатыҥ мастарынан суугунуу оонньуур Хатыҥнаах алааһыгар иитиллэн улааппыта. Төрөөбүт-үөскээбит Чүүйэтигэр начаалынай оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Сэрбэкэчийбит кыра кыысчаан эрдэҕиттэн артыыска буолуон ис-иһиттэн баҕарара. Кыра кылааска дыраама куруһуогар дьарыктанара, хоһоон ааҕара.
Майа начаалынай оскуолатын ханнык эрэ көрүүтүгэр дуу, куонкуруһугар дуу, оскуолаларынан күрэхтэһиилэргэ эбитэ буолуо, күүһүнэн акка олорсон Майаҕа киирсэн, “Кинигэ, харандаас тутаммын…” диэн хоһоон ааҕан хайҕаммыта. Ол этэ – кини аан бастаан сыанаҕа тахсыыта, инники ыра санаатын ыллыгар бастакы хардыытын оҥоруута. Дьэ, онтон ыла сыанаттан түспэтэҕэ. Бу кэмтэн ыла Паша самодеятельноска актыыбынайдык кыттан барбыта: үҥкүүлүүрэ, хоһоон ааҕара, биллэрэрэ, ордук ырыанан үлүһүйэрэ, ыллыыра. “”Бу кыыс үчүгэйдик да ыллыыр ээ” , – диэн сорохтор биир солкуобайы биэрэн туран ыллаталларын өйдүүбүн. Ону наһаа элбэх харчы курдук санаан, өр баҕайы кинигэм быыһыгар илдьэ сылдьан баран, кэлин кэмпиэт атыылаһарым”, – диэн ахтар артыыска.
IV-VI кылаастарга диэри Дьокуускай куоракка базовай оскуолаҕа, онтон 2 нүөмэрдээх оскуолаҕа үөрэнэр. Куоракка киирэн баран, билигин Петровскай уулуссаҕа турар радиоузелга “Пионерскай саһарҕаны” ыытара, хас биэрии аайы “Амма эбэм” диэн ырыаны ыллыыра.
Сэттис кылаастан ыла Майа орто оскуолатыгар үөрэнэ тахсар. Майаҕа тахсан, уус-уран самодеятельноска өссө актыыбынайдык кыттар. Леонид Попов “Патрис Лумумба” диэн хоһоонун ааҕан, оччотооҕуга элбэх киһини ытаппытын сорохтор билиҥҥээҥҥэ диэри өйдүүллэр эбит. Бу кэмҥэ кинини уус-уран самодеятельноска көҕүлээбит, үгүс сыраларын биэрбит дьонунан кылаас салайааччыта Лаврентий Егорович, Николай Михайлович, Валерий Власьевич Ноев буолаллар. Ахсыска үөрэнэр кэмигэр Намҥа көрүүгэ оскуола талааннаах оҕолорун, ол иһигэр Паша Скрябинаны, хоһоон ааҕааччынан илдьэ барбыттара. Онно кэнсиэртээбиттэрин кэнниттэн кыыска биир билбэт киһитэ кэлэн: “Тоойуом, артыыска буолуоххун баҕараҕын дуо?” – диэн ыйыппыта. Кыыс: “Баҕарабын”, – диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалбыта. Ол билбэт киһитэ Дмитрий Федорович Ходулов этэ. Ити дьылҕа көрсүһүннэриитэ эбитэ буолуо.
Москватааҕы Щепкин аатынан тыйаатыр училищетыгар, хомуур ситэтэ суоҕунан сибээстээн, эһиилигэр үс киһиэхэ куонкурус биллэрбиттэригэр, биир кыыс миэстэтигэр куонкуруһу этэҥҥэ туораан, үрдүк үөрэххэ барар үөрүүтүн билбитэ. Устуудьуйа устудьуоннарыттан сааһынан саамай эдэрдэрэ, кыралара кини буолбута. Прасковья Адамова артыыска буоларыгар Дмитрий Федорович Ходулов, Василий Афанасьевич Босиков, Федот Федотович Потапов улахан өҥөлөөхтөр.
1966 сыл устуудьуйа оҕолоро үөрэхтэрин ситиһиилээхтик бүтэрэн, бары Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай тыйаатыры арыйбыттара. Ньурба тыйаатырыгар икки аҥаар сыл кэриҥэ үлэлээбит кэмигэр Прасковья Адамова дипломнай испэктээкиллэргэ, Михаил Шолохов “Тиэриллибит кырыһыгар” Таҥараһыт Филимониха эмээхсини, Лопе де Вега “Булугас өйдөөх кыыһыгар” сибэкки атыылыыр кыыһы, Владимир Маяковскай “Баанньыгар” Победоносиков кэргэнин, муҥкук-тэҥкик көнө майгылаах Поляны, ону сэргэ Суорун Омоллоон “Күкүр Ууһугар” (режиссер С.Федотов) Күннэйи, А.Фадеев “Эдэр гвардиятыгар” (режиссер С.Слепцов) Любовь Шевцованы, Максим Горькай “Түгэҕэр” (режиссер Василий Фомин) Феодосия ньээньэни, Былатыан Ойуунускай “Иирбит Ньукууһугар” (режиссер С. Слепцов) Натааһа оруолларыгар оонньообута. Онтон кыра кыыһын Айталинаны оҕолонон, кэргэнэ Савва Алексеевич Адамов дойдутугар Алтаҥҥа кыстаабыттара. Онно да баран кулууптан тэйбэтэҕэ: олохтоохтор олус көрдөһөннөр, кулууп дириэктэринэн үлэлээбитэ. Алтаҥҥа аан маҥнайгы дыраама куруһуогун тэрийэн, испэктээкиллэри, сценкалары туруорбута. Онтон тирэхтэнэн, Алтаҥҥа норуот тыйаатыра аһыллыбыта.
Салгыы сэттэ сыл Майатааҕы норуот тыйаатырыгар режиссер, сценарист быһыытынан айымньылаахтык үлэлээн, сүүрбэттэн тахса улахан уонна кыра кээмэйдээх испэктээкили туруорбута.
Онон, 1977 сыллаахха “Якуттеатр” холбоһукка тыл жанрыгар үлэлии киирбитэ. Кэнсиэртэргэ биллэрээччи, хоһоон ааҕааччы быһыытынан сылдьыбыта.
1980 сыл Прасковья Адамоваҕа умнуллубат, долгутуулаах сылынан буолар. Кини бу сыл Саха тыйаатырын алыптаах сыанатыгар күүстээх эрэллээх, ыра санаалаах кэлбитэ. Төһөлөөх элбэх араас майгылаах, төлкөлөөх дьахталлар, кыргыттар оруолларын киһи өйүгэр хатанар курдук оонньоото!
Манна бааллар: тэбэнэттээх кыргыттар Буойа, Оля, Күндү Күлүүк, соҕотохтор – төһө да кэргэннээх киһини таптаан, ыал олоҕун алдьаттар, көнө, ыраас дууһалаах Сусанна Павловна, хара таҥастаах даама, сырдык-ыраас санаалаах Ася, систиэмэ сиэртибэтэ буолбут Ульяна, бэйэмсэхтэр Мотя, Джинни Коуэн, Хаачылаана, хамначчыт Ньургуу, кэргэн дьахтар, мещанка Мадина, карьеристка Раиса Маркова, огдообо Лариса Даниловна, татым өйдөөх, сүрэҕэ суох Дьэбдьиэ, Аллаах Алааппыйа, ийэлэр барахсаттар – Өксүү, Кирис ийэтэ уонна наһаа нарын-кэрэ Таҥара Кийиитэ. Аҥаардас “Танцплощадка” кыыһа уонна да атын ааҕан сиппэт араас элбэх уобарастар…
Прасковья Павловна Адамова – көнө, чиэһинэй, үтүө санаалаах киһи, айылҕаттан бэрдэриилээх артыыска, кыраһыабай дьахтар эрэ буолбатах, кини иллээх дьиэ кэргэн дьоллоох ийэтэ. Үс оҕолоох: улахан кыыһа Саргылана Саввична Саха Өрөспүүбүлэкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ. РФ Тыйаатырдарын диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ, 3 уол ийэтэ, 3 сиэн эбэтэ, икки бэртээхэй уол ийэтэ; кыра кыыһа Айталина – Екатеринбургдааҕы М.Мусоргскай аатынан консерватория устудьуонката. Испанияҕа буолбут аан дойдутааҕы вокалистар куонкурустарын лауреата, Саха сирэ эрэ буолбакка, Бүтүн Арассыыйа кэскил күүтэр талаана. Уола Савва “Толбон” фирмаҕа оператор-программист, Н.Окоемов салайааччылаах ИССО норуодунай тыйаатырын артыыһа, Илин Сибиирдээҕи уонна Уһук Илиҥҥи уус-уран самодеятельность көрүүтүн куонкуруһун дипломана. Кэргэнэ Савва Алексеевич Саха тыйаатырын постановочнай чааһын сэбиэдиссэйэ, ону тэҥэ артыыс быһыытынан хас да испэктээкилгэ оонньообута. Адамовтар бука бары тыйаатыр куттаахтар, тыйаатырдыын сибээстээх дьылҕалаах дьиэ кэргэн.
Онтон бу дьиэ хаһаайката, артыыска Прасковья Павловна Адамова кэмиэдьийэҕэ да, трагедияҕа да оонньуон сөптөөх эрчимнээх, улахан кыахтаах артыыска.
«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Валентина БОЧОНИНА
Хаартыскалар Адамовтар дьиэтээҕи архыыптарыттан