Дьылҕа бэлэҕэ (КЭПСЭЭН)

Ааптар:  Ангелина Васильева-Дайыына
27.03.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Уһун ардахтар кэннилэриттэн кэтэһиилээх ылааҥы күннэр тураннар, дьон барыта уулуссаҕа тахсыбыт курдук. Тиһэх сылаас күннэргэ сыламнаан хаалаары, аргыый аҕай, бытааннык хаамсаллар. Кырдьык да, халлаан өссө ордук көҕөрбүккэ, от-мас аалыы алтан өҥүнэн сандаарбыкка, Ийэ сир уһун уутугар утуйуон иннинэ сынньанар курдук иһийбиккэ дылы.

Валя бүгүн үлэтин кэнниттэн, эрдэ бүппүччэ, дьиэтигэр тиэтэйбэккэ, биэрэк кытыытынааҕы тротуарынан даамба диэки хаамта. Соторутааҥҥа диэри күөх турбут Күөх Хонуу барахсан, көмүс дуйунан бүрүллэн, сиртэн-буортан тэйбиккэ дылы, күн уотугар ыраахтан күлүмүрдээн көстөр. Хайы-үйэ сайыҥҥы сылааһын сүтэрэ охсубут үрүҥ күн Күөх Хонуу үрдүгэр көмүс сардаҥаларын үрүлүйэ кутар. Салгын ырааһыран, мэктиэтигэр курустаал курдук лыҥкыныырга дылы.

Көмүс күһүн төһө да бары кэрэтин арыйан көрдөрдөр, Валя син биир сайынын сайыһар. Күһүн кэллэр эрэ, кини дууһатын туох эрэ туоххаһыйыы үүйэ-хаайа тутар. Айылҕа кэхтэрин, кэрэ күрэнэрин көрөн, тулата тулаайахсыйан хаалар. Оҕо эрдэҕиттэн оннук…

Оо, саатар, ахтар-саныыр, таптыыр киһитэ аттыгар баар буолбатаҕыан! Тапталга суулана, кини сөлөгөй сүмэтинэн угуттана сылдьара буоллар, тулатын букатын атын хараҕынан көрүө этэ. Күһүн да дууһатыгар саас сандаарыа этэ! Ону баара, таптыыр уола билигин ыраах, оо, олус ыраах сиргэ баар. Кыһыйыан иһин, арахсалларын иннинэ түптээн көрсүбэккэ, быһаарсыбакка, кэпсэппэккэ да хаалбыттара.

Кыыс бу куоракка үйэ чиэппэрэ олордо да, бастакы көрүүттэн таптал баара буолуо дии санаабат этэ. Аан маҥнай көрсүһэллэригэр, көрөөт да: «Оо, үчүгэй да уол! Маннык үчүгэй уолаттар бааллар эбит ээ. Хайа дьоллоох кыыс анала сылдьара буолла?» дии санаабыта. Кини көрөрүн сэрэйбит курдук, Степа хайыһа түспүтэ. Уонна, били киинэҕэ курдук, тулаларыгар барытын умнан, утары көрсүһэн турбуттара. Ол утары көрсүүлэрэ, дьиҥинэн, икки-үс мүнүүтэ устата буолуо да, бүтүн олох кэриэтэ, уһун курдуга. Ол кэм устата харахтарынан кэпсэтэ, сүрэхтэрэ тугу этэрин истэ турбуттара.

Ити курдук биир тыла суох өйдөһөн, дьылҕалара маанылаан утары ууммут бэлэҕин киэр илгибэтэхтэрэ. Бэйэ-бэйэлэригэр магнит курдук тардыспыттара. Уол долгуйара биллэр этэ. Кыыс чоруун дьүһүнүн, тупсаҕай быһыытын, нарыннык туттарын барытын сөбүлүү көрөрө. Санаатыгар бу эрэ кыыһы кэтэһэ сылдьыбыт курдуга. Бу эрэ кыыс аттыгар дууһата уоскуйар, нус-хас буолар, оттон бэйэтэ эппэйэ долгуйар, дьоллонор курдуга. Бу хантан кэлбитэ биллибэт ураты күүстээх иэйиигэ куустаран, икки киһи бу маннык биир бүтүн курдук буолан хаалбыттарыттан бэйэлэрэ да соһуйан эрэ хаалбыттара.

Чааһынан сүүрэр таксины ыҥыран, куорат устун хатааһылаабыттара, Таптал Мырааныгар тахсан, куустуһан турбуттара. Анныларыгар куорат ытыска уурбут курдук тыһыынчанан уоттарынан чаҕылыйа, күлүмүрдүү сытара. Үрдүлэригэр саҥа түһэр хаар кылбачыйа тохторо, тугу барытын мэлдьэспиттии, сири-дойдуну ып-ыраас суорҕанынан үллүйэрэ. Бу ураты түүн аан дойду үрдүнэн кинилэр эрэ баар курдуктара. Онно туран аан маҥнай уураспыттара. Киһи буолан төрөөн баран, Валя онтон ордук дьол баарын билэ илик.

Аҕыйах хонугунан Степа ыраах хоту үлэлии барыахтааҕа. Онтон Валя түүҥҥү кулуупка дьүөгэтин төрөөбүт күнүн бырааһынньыктыы сылдьан, төлөпүөнүн уордаран ылбыта. Степа нүөмэрэ ол төлөпүөнүгэр баар этэ. Нүөмэрин кумааҕыга сурунан ылбатаҕыттан, саатар, олорор аадырыһын өйдөөн эппэтэҕиттэн олус да хомойдо этэ! Степа булгу эрийэ сатаабыт, көрдөөбүт буолуохтаах. Онтон ыла сыл буолан эрэ. Эттэххэ дөбөҥ! Валя кинини санаабатах күнэ суох. Таптала өссө күүһүрэн иһэргэ дылы. Кинилэри Дьылҕа Хаан иккиһин көрүһүннэриэ дуо?

Итинник курус санааларга куустаран, кыыс балай да хаама түһэн, ыраас салгынынан тыынан баран, автобус тохтобулун диэки барда. Хата, автобуһа күүттэрбэккэ, тута кэллэ. Түннүк аттыгар миэстэ көстүбүтүгэр, онно баран, туохха да аралдьыйбакка, бүгэн олордо. Кэнники кини бу курдук мунчааран, көрдөөх-нардаах дьүөгэлэриттэн тэйэ туттан, бэйэтэ бэйэтигэр бүгэрэ элбээн иһэр.

Эмискэ субу чугас массыына гудоктаабытыгар көрө түспүтэ, автобуһу ойоҕолуу баран иһэр массыына түннүгүттэн… Степа далбаатыыр эбит! Көрбүтүн итэҕэйбэккэ, кип-киэҥинэн диэличчи көрбүтүнэн таалан олордо. Онтон субу сүүрэн тахсыах курдук, ойон турда. Киһи кыһалыннаҕына, автобус бытааннык да айанныыр! Аны светофорга тиийэн иҥнэн хаалла… Оттон Степа массыыната суол быраабылатын кэһэн, уулусса ортотугар тохтоон, атын массыыналары харгыстаата. Онно-манна массыыналар гудоктара бээҕинээтэ.

Уол төлөпүөнүн көрдөрөр. Эрий диир быһыылаах. Нүөмэрин хантан билиэй? Онтон өй ылан, тарбаҕынан көрдөрөн, бэйэтин нүөмэрин этэн биэрдэ. Степа ону өйдүү охсон, эрийэ оҕуста.
«Алло!» Кэри-куру киэһэлэргэ, утуйбатах түүннэригэр өйүгэр эрэ ыралыыр, күүппүт-кэтэспит куолаһа дуорайбытыгар, кыыс туттуммакка, хараҕын уута сүүрэ олордо. Долгуйан, саҥа да таһаарар кыаҕа суох.
— Валя, Валичок, эн дуо? Хата, буллум дии эйигин! Билигин автобус тохтоотоҕуна тахсаар, сөөп? Мин эйигин онно кэтэһиэм!..

Автобус тохтобула бу кэллэ…

Ангелина Васильева-Дайыына, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0