ДЬЫЛҔА (5-с чааһа)

Ааптар: 
22.04.2021
Бөлөххө киир:

(Салгыыта. Иннин манна аах https://edersaas.ru/dyl-a-4-s-chaa-a/)

Мин “Пашка” дии түһээт, бады­баалга ыстанным. Быыл быыһыгар киирии кирилиэскэ ойоҕоһунан сытаахтыыр эбит. Иһин туттан баран, ийэтин ыҥырар. Көмөлөөн таһырдьа таһааран, бушлат тэлгии охсоот, онно сытыардыбыт. Киһи билбэт гына сирэйэ, түөһэ хаан этэ. Ийэтин ыҥырарын быыһыгар “мне холодно” диэн саҥаран баран, оргууй налыйан, күөх дьэҥкир хараҕынан тугу эрэ ырааҕы көрөрдүү, аны хаһан да турбаттыы сытара билигин да харахпар ойууланан көстөр. Мин абарбыт санаабар аптамааппын бэлэм тутан иһирдьэ ойон киирдим. Бадыбаалым хостордоох курдук эбит. Биир эрэ истиэнэ бүтүн хаалбыт. Мин лимонка кыра­наатаны кольцотун бэйэбэр хаалларан баран, ордон хаалбыт истиэнэ кэтэҕэр кыыратан кэбистим. Төбөм иһэ куугунуу тустэ, билигин да контузиям тобоҕо иҥэн хаалбыт эбит дии санаатым. Кыратык кэтэһэ түһэн баран саабын туһаайан истиэнэм кэтэҕэр тиийбитим, биир уһун соҕус киһи тиэрэ түһэн сытара. Оруобуна мин түһээн көрбүт киһим сытара. Саатын ылан сүгэн кэбистим. Оҕолоох дьахтар албыннаан, хаарыан уолбутун өлөттөрдөҕө. Киһибитин хайыахпытый, күлүк сиргэ кистии соҕус хаалларан, салгыы бардыбыт.

Биһигини хас от-мас күлүгүттэн алдьархай күүтэрэ. Хас хардыы аайы иэдээн көстүүлэр. Сыппыттара быданнаабыт, хаар түһэн көмпүт эдэркээн бэйэлээх уолаттар онно-манна ыһыллан сыталлар. Сорохторуттан саппыкыларын, соннорун устан ылаллар эбит. Атах сыгынньах, соно суох сы­­таахтыыллар. Оргууй, сэрэнэн хааман истэхпитинэ, тимир көлөлөрбүт биир дьиэ үһүс этээһин тоҕута ытыа­лаан кэбистилэр. “Гранатомётчик” диэн хаһыытастылар, ол аата, снайпер эмиэ баар буолар. Снайпер, гранатомётчик, пулемётчик үксүн үһүөн куомуннаһан бииргэ сылдьаллара. Биһиги төбөбүт кулахачыҥнас буола түстэ. Хата эдэр харахтар эрдэ көрөн, урутаан ытыалаан, биир быһылаантан мүччү туттардахппыт дии. Мин дьиэлэргэ сыста сатыыбын. Манна маҥнайгы этээһи холку өҥөйөн көрөҕүн. Дьокуускай тутууларын курдук сыбаайаҕа тутуллубут үрдүк дьиэлэр буолбатахтар. Ытыалаһыы буоллаҕына, түннүгүнэн иһирдьэ ыстанар санаалаахпын. Оннук хааман иһэн биир дьиэни өҥөс гыммытым, ороннор кэчигирэһэн тураллар. Мин испэр интэринээт быһыылаах диэн сэрэйэ саныы иһэн көрбүтүм, хас да орон иччилээх, сыыс, быыл буолбуттар. Саһан чохчос гына түстүм. Аттыбар хааман испит уолаттар сааларын мин диэки туһаайан баран тэҥҥэ олорунан кэбистилэр. Чохчооруҥнаан ааҥҥа тиийдим. Күөх кумааҕыга көмүс буукубанан суруллубуту ааҕа сатаатым, алдьаммыт тааһа мэһэйдээн, көстүбэт. Таастарын тууран, сиргэ быраҕаттаан баран аахпытым, кырдьаҕастар дьиэлэрэ эбит. Үөмэн саабын бэлэм тутан иһирдьэ киирбитим, эмээхситтэр, оҕонньоттор өлүктэрэ онно-манна ыһыллан сыталлар. Барыларыгар буулдьа дьөлүтэ түспүт баастара көстөллөр. Сорохтор, арыычча кыаналлара куота сатаахтаабыт курдук охтон сытаахтыыллар. Сыппыттара син балайда ­буолбут этэ. Ханнык дьиккэр кырдьаҕастары аһыммакка ытыалаабыта буолла. Аттыгар баар саллааттар түннүк диэн ордубатах үөлэһинэн бары интэриэһиргээн өҥөҥнөстүлэр.

Миигин наар “почти земляк” диэн ыҥырар, ыал биир баар-суох атаах оҕото, Иркутскайтан сылдьар бааһынайдыҥы уол, киирэн ону-маны чинчийэ, тута-хаба сылдьар эбит. Мин сэрэтэн “растяжка, миинэ баара буолуо” диэн эппит саҥам дорҕооно киниэхэ тиийиэн иннинэ, ыскаабы саатын уоһунан арыйа оҕуста уонна “ложи-иись” диэн хаһыытаан баран кэннин диэки ыстанаатын кытта эстэн үллэх гынна да ыскаап сорох ­кыырпахтара, хата миигин сиирэ-халты түһүтэлээн кэбистэ. Чугастар бары ыстаҥалаһан кэллилэр. Киһилэрин тиэрэ тарпыттара, ойон туран быылын тэбэнэ-тэбэнэ мичээрдии турдаҕына, тойоммут элээрдэн кэллэ да, сымнаҕас сирин саппыкытынан дьөлө тэбэн кэбистэ. Кэннин туттан кэдэс гынаатын кытта, аҕыйах үчүгэй тылга үгүс элбэх маатыра тыллар кыттыһан иһилиннилэр да, аны быарын түгэҕин эбиитин доргутан биэрдэ уонна “бэ­­йэҕин эрэ саныыгын, эн дурак, ладно, аттыгар сылдьар атаһыҥ эн акаарыгыттан өлүө” диэн этэн, силин бырдаҥалатта. Син ыарытыйан, иһин туттан турбалыы түһэн баран, ыарыыта ааһыыта эмиэ чолопочуҥнуурун умнубатах этэ. Атаахтык иитиллибитэ олох өтө көстөрө. Туораттан көрдөххө, туппаһын кытта бииргэ улаатан эрэр оҕо этэ.

Ол иһэн аттынааҕы бөлөхпүтүн кытта холбостубут. Мин прапорщик буолан, кыра быстах мунньахха кыттыһар этим. Каартаны көрө-көрөлөр “это здание где? Нету” дэ­­һэллэр. Сорох дьиэлэр каартаҕа суохтар этэ. Биир хапытаан “тоҕо эрэ дьикти, наһаа чуумпу” диэн дьиибэргиирин этэр. Ким эрэ буойардыы “улаханнык саҥарыма” диир. Кыра мунньах кэннэ биэстии буолан арахсан, дьиэлэри ыраастыыр буоллубут. Этээстэринэн сүүрэкэлэһэн кыбартыыралары кэ­­рийтэлиибит. Ыһыллыбыт-тоҕуллубут дьиэлэр, сорох хос ааннаах, сорох ааннара сиргэ сыталлар. Кыайан чөлүгэр түспэт дьиэлэр

элбэхтэр этэ. Биһиги биир дьиэ подъеһыгар киирээппитин кытта олохтоох сэ­­рииһиттэр уоту астылар. Тоһуурдарыгар киирэн биэрбит этибит. Аны халлаан ол кэмҥэ биллэ хараҥаран эрэрэ.

“Бастакы этээс ыраас, иккис этээс ыраас” диэн уолаттарым дакылааттаан иһэллэр, үһүс этээскэ тахсыыбытыгар, эстии тыаһа, саа, бүлүмүөт тыаһа хойдо түстэ. Биһигиттэн биир этээс үрдүк саалар тыастара иһиллэр. Рацияларын саҥата дуораһыйар. Биһиги тута сэрэйдибит, манна баарбытын билбэттэр диэн. Оргууй биир этээс үөһэ дабайаат, икки аҥы хайдыһа охсоот, икки кыбартыыраҕа тэҥинэн гранаталары быраҕаттаат, ойон киирдибит. Сытар дьону тыыннарын салҕаталаатыбыт. Олор быыстарыгар снайпер саалаах, ханнык эрэ атын омуктуҥу эр киһи тыылыы тэбэн сытара. Ботуруоннарын ылат­таат, утары дьиэҕэ киирбит дьоммутугар бардыбыт. Дьоммут эмиэ кыдыйбыттар этэ. Эмиэ снайперы дьаһайбыттар этэ. Мин снайпердар дьахталлар буолбатахтарыттан дьиибэргии санаабытым.

Этээһи барытын кэрийэн баран, аллараа түһэн истэхпитинэ, алла­­рааттан олуттаҕас саҥа иһилиннэ. “Ээ, эһиги ханна да барар кыаххыт суох, эһигини үөһэ снайпер кэтэһэр. Онон хаан тохтуута суох эйэнэн бэриниҥ, таһырдьааҥҥы дьоҥҥутун барыларын кыдыйдыбыт”, — диэн саҥа дуораһы­йар. Били атаах, туппас Иркутскайым уолун бэйэбин кытта илдьэ сылдьабын. Сотору-сотору “почти земляк” диэн ыҥырар, ону-маны ыйытаары эбэтэр кэпсэтээри гыннаҕына. Үчүгэйэ диэн, кыыһырбытын тута умнар, олох курдат көстө сылдьар оҕо этэ. “Почти землягым” хардаран, “эһиги икки снайпергытын иккиэннэрин суох гыммыппыт” диэн баран гранатаны аллараа ыытан кэбистэ. Мин соһуччута бэрт буолан, тохтоппокко хааллым. Үөһээ төттөрү дабайан, тех-этээскэ киирдибит. Намыһах, кэҥэс хос эбит. Биир уолбут куттанан сап-салыбырас буолбут этэ. Бары да куттаммыппыт этэ да, ол уолбут хайабыттан да куттанара көстөрө. Маннык олордохпутуна гранатанан көмүөхтэрэ диэн, салыбыраабытын быыһыгар эттэ. “Почти землягым”, мин дьиэ тутуутугар үлэлиир эрдэхпинэ, сорох истиэнэлэр чараас буолааччылар диэтэ да, ис­­тиэнэни саатын кэннинэн охсуо­лаан барда. Сыбаҕын ыраастаан баран, “кыһыл кирпииччэ” диэтэ.

Анатолий ГАБЫШЕВ-УРУТ.

(Салгыыта бэчээттэниэ).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0