Сотору саха дьоно күөххэ үктэниэхпит, ону кытта Үрүҥ Тунах ыһыахпыт тосхойбутун билбэккэ да хаалыахпыт. Сахабыт сирин олохтоохторо бииргэ түмсэн ылар бэлиэ күммүтүн — Туймаада ыһыаҕын бары да күүтэбит. Сылын ахсын буоларын курдук, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт, успуорт төрүт көрүҥнэригэр “Дыгын оонньуулара” турнир буолуоҕа. Ыам ыйын 4-5 күннэригэр «Өрөгөй» успуорт уораҕайыгар бүтэһик сүүмэрдээһин буолан ааста. Ситиһиини эрэнэ күүтэр, бастакытын кыттар уонна хас да сыл дьон хараҕын далыгар үүммүт-сайдыбыт, хаһыс да төгүлүн кыттар спортсменнарбытын кытта кэпсэттибит.
«Дыгын оонньууларын» түөрт төгүллээх призера, СӨ ыстаныыга уонна мас тардыһыыга успуордун маастара Артем Варданян Нам улууһуттан төрүттээх, кэргэннээх, икки оҕолоох. Убайдарын Николай Дьяконовы, Анатолий Гладкову холобур оҥостон спортсмен буолбут.
Горнай улууһуттан төрүттээх Дьулустан Ноговицын күрэс хас да төгүллээх призера, мас тардыһыыга норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах успуорт маастара, Иван Белолюбскай бирииһигэр ыытыллар «Чөмпүйүөн Куубагын» кыайыылааҕа. Кэргэннээх, икки оҕолоох.
Николай Матаннанов — талах курдаах Таатта улууһун үрүҥ уолана. Кини — түөрт төгүллээх призер, «Манчаары оонньууларын» муҥутуур кыайыылааҕа. Кэргэннээх, икки кыыс оҕолоох. Бу мадьыналар хаһыс да төгүлүн кыттыахтара. Кини ыалдьааччыта, сүгүрүйээччитэ элбэх.
«Дыгын оонньуулара — 2022» кыайыылааҕа — Алексей Уваровскай
Кини 1999 сыл тохсунньу 10 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мастаах сэлиэнньэтигэр төрөөбүт. «Дыгын Оонньууларыгар» бу сырыыга төрдүһүн кыттар. Бастакытын 2019 сыллаахха кыттыбыт. «Дойдубар кэлэн кыра эрдэхпиттэн иитэн-такайан, элбэх кыайыыга кынаттаабыт Николай Николаевич Иванов диэн тириэньэрбэр дьарыктана сылдьабын. Дьиэ кэргэним сүрүн өйөбүлүм буолар. Төрөппүттэрим Егор Афанасьевич, Ньургустаана Николаевна Уваровскайдар үөрэх эйгэтигэр үлэлииллэр. Бииргэ төрөөбүт эдьиийим Сайаана — атах онньуутугар уонна саха многоборьетыгар успуорт маастара», — диэн Өлөксөй кэпсээтэ.
Айсен Ботуев: «1999 сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр төрөөбүтүм. Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Чурапчытааҕы успуорт уонна физкултуура судаарыстыбаннай институтугар үөрэнэбин. «Дыгын оонньууларыгар» төрдүспүн кыттабын. 2018 сыллаахха үһүс миэстэ буолбутум. Тириэньэрим — Денис Васильевич Заболоцкай», — диэн кэпсээтэ.
Иван Белолюбскай бирииһигэр ыытыллар «Чөмпүйүөн Куубагын» икки төгүллээх кыайыылааҕа Вячеслав Дьяконов 2001 сыллаахха төрөөбүт. Төрөөбүт дойдута— Нам улууһа. «Аҕам Николай Дьяконов — «Дыгын оонньууларын» алта төгүллээх кыайыылааҕа, СӨ успуордун үтүөлээх үлэһитэ, успуорт маастара. Мин үс уол оҕоттон ортокубун. Быйыл күрэхтэһиигэ төрдүспүн кыттабын. Аҕам салайыытынан убайдарбын кытта дьарыктанабыт», — диэн эттэ.
Аны иккис төгүлбүтүн эрэллээхтик
«1996 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр төрөөбүтүм. Үөһээ Дьааҥы улууһун Табалаах нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Бииргэ төрөөбүт алтыабыт. Кыра эрдэхпиттэн успуордунан дьарыктанабын. Успуорт араас көрүҥүн барытын кэриэтэ боруобалаатым. 2018 сыллаахха Чурапчытааҕы успуорт уонна физкултуура судаарыстыбаннай институтун бутэрбитим. Устудьуоннуу сылдьан хотугу многоборьенан дьарыктаммытым, Саха сирин уонна Арассыыйа успуордун маастарын нуормаларын толорбутум. Онтон аармыйаҕа баран кэлбитим. 2019 сыл күһүнүгэр Уйбаан Белолюбскайы көрсөн, эйиэхэ дьарыктаныахпын баҕарабын диэбиппэр, тута ылбыта. Онтон ыла кини салалтатынан ситиһиилээхтик дьарыктана сылдьабын», — диэн кэпсээтэ Петр Прудецкай.
Айсен Семенов: «Быйыл утумнаахтык дьарыктанан кыттарга бэлэммин»
«1991 сыллаах төрүөхпүн. Өлөөн улууһун Дьилиҥдэ нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Кэргэннээхпин, икки оҕолоохпун: уолум маҥнайгы кылааска үөрэнэр, кыыһым икки аҥаар саастаах. Тутуу хампаанньатыгар дириэктэри солбуйааччынан үлэлиибин. Көһөрүү бырагарааматынан билигин Өлөөҥҥө үлэлии сылдьабыт. Бастакыбын «Дыгын оонньууларыгар» 2018 сыллаахха кыттан бэһис миэстэ буолбутум, 2019 сыллаахха — 12-с миэстэ. 2020 сыллаахха 13-с киһинэн туораабытым. 2021 сыллаахха мас тардыһыыга Манчаары оонньууларыгар кыттыбытым. 2022 сыллаахха Арассыыйатааҕы чөмпүйэнээккэ кыттан, маастар нуорматын толорон кэлбитим. Ол курдук, хас да сыл многоборьенан толору дьарыктаммакка сылдьыбытым. Быйыл анаан бэлэмнэнним, Уйбаан Белолюбскайга дьарыктанабын.
Билсиҥ, саҥа ааттар!
Яков Дмитриев:
— От ыйын 23 күнүгэр 1996 сыллаахха төрөөбүтүм. Дойдум — Кэбээйи улууһун Чагда нэһилиэгэ. Дьиэ кэргэним успуорду өрө туппут дьон. Аҕам, киэн туттар киһим, тириэньэрим Федор Николаевич Дмитриев — мас тардыһыытыгар успуорт маастара, Манчаары оонньууларыгар, Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыттан мэтээллэрдээх, Кэбээйи боотурун үс төгүллээх кыайыылаҕа. Кини тириэньэринэн үлэлиир. Ийэм Марианна Марфеновна Дмитриева — иистэнньэҥ, бэйэтин кэмигэр бэртээхэйдик волейболуура. Убайым Давыд атах оонньуутугар маастарга хандьыдаат, «Дуоҕа Боотур» кыайыылааҕа. Балтым Фаина — Арассыыйаҕа мас тардыһыытыгар маастар, быратым Федя 7-с кылааска үөрэнэр.
Мин успуордунан оҕо эрдэхпиттэн дьарыктанабын. 2-4-с кылаастарга тустубутум, 5-7 кылаастарга мас тардыспытым. Ол кэнниттэн атах оонньутунан дьарыктанаан саҕалаан күн бүгүҥҥэ диэри бырахпакка сылдьабын. Атах оонньуутугар успуорт маастарабын. Өрөспүүбүлүкэ түөрт төгүллээх муҥутуур кыайыылааҕабын. Ону таһынан, чэпчэки атлетикаҕа Араассыыйаҕа маастарга хандьыдааппын. «Дыгын оонньууларыгар» оҕо эрдэхпиттэн кыттыахпын, кыайыахпын баҕарар этим. Дьэ, сайын Үс Хатыҥҥа көрүөхпүт.
Бэйэм Баһылай Манчаары аатынан успуорт төрүт көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинигэр инженеринэн үлэлиибин. Кэргэннээхпин, биир мааны кыыс оҕолоохпут.
Айхал Бюлтясов:
— 1999 тохсунньу 20 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Ийэм Наталья Федоровна Бюлтясова диэн. Бииргэ төрөөбүттэр бэһиэбит: икки эдьиийдээхпин, икки убайдаахпын. 7-8-с кылаастарга сайын аайы ыытыллар «Эрэлик» диэн уол оҕо лааҕырыгар сылдьыбытым. Онно биһигини айылҕаҕа таһааран, ыраах балааккаҕа икки нэдиэлэ олордооччулар. Айылҕалыын алтыһан, балыктаан, эти-хааны тургутан успуорду таптаабытым. Мас тардыһыытынан 8-с кылаастан дьарыктанан саҕалаабытым. Бастакы тириэньэрим — Гаврил Сергеевич Ботуев (Айсен Ботуев аҕата). Многоборье көрүҥнэригэр ыһыахтарга кыттааччыбын. Оскуоланы бүтэриэхпэр диэри Никита Романовичка пятиборьенан дьарыктаммытым. 2017 сыллаахха үбүлүөйдээх ХХ Манчаары оонньууларыгар кыттан үһүс миэстэ буолбутум. Онтон Чурапчытааҕы физкултура уонна успуорт судаарыстыбаннай институтугар үөрэнэ киирбитим. Денис Васильевич Заболоцкайга многоборьенан уонна мас тардыһыытынан дьарыктаммытым. 2019 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ мас тардыһыыга 3-с миэстэ буолбутум. Дыгын оонньууларын сүүмэрдээһинигэр кыттарга доҕорум Айсен Ботуев холобур буолбута. Билигин Сергей Семеновка дьарыктана сылдьабын. Таптыыр кыыспынаан сайын уруу малааһына тэрийээри сылдьабыт. Билигин тириэньэринэн үлэлиибин.
Үгүс дьону сөхтөрбүт, уоппуттаах спортсменнары куоһарбыт уолу кытта билсиэҕиҥ
Артем Дьяконов:
— Мин кулун тутар 6 кунугэр 2004 сыллаахха Кэбээйи улууһун Лүксүгүн бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтүм. Ийэм Анна Сидоровна Дьяконова оскуолаҕа математика уонна физика учууталынан үлэлиир, оттон аҕам Владимир Владимирович Дьяконов «Сахаэнергоҕа» үлэлиир. Бииргэ төрөөбүттэр үспүт. 8-с кылааска Мастаах орто оскуолатыгар үөрэнэ тиийбитим. Онтон ыла успуорт төрүт көрүҥнэринэн Николай Иванов салалтатынан дьарыктанан саҕалаабытым. Билигин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-га геолого-разведочнай факультекка үөрэнэбин.
Эһиги «Дыгын оонньууларын» күүтэҕит дуо? Дьэ, сайын бүгүҥҥү дьоруойдарбытыттан ким кыайыылаах буоларын билиэхпит.