Сахаҕа былыр-былыргыттан күүстээх-уохтаах боотурдар уос номоҕо буолаллар. Бэйэлэрин улуустарын аатын аар саарга ааттаталлар. Биһиги кэммитигэр оннук киһинэн Туймаада хочотун “Дыгын оонньууларыгар” алта сыл тэҥнээҕин булбатах Манчаары онньууларын хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ Николай Дьяконов буолар. Биһиги кинилиин быйылгы “Дыгын оонньууларын” кыттыылаахтарын, лидердэрин, уонна бэйэтин тус олоҕун туһунан кэпсэттибит.
Бастакы кыайыы
—Спордунан хаһан эрчиллэн саҕалаабыккыный? Ким дьарыктаабытай?
—Спордунан оскуола саҕаттан эрчиллэр этим. Эппин-хааммын дьарыктыы сылдьааччыбын. 1994 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран, Нам улууһун Граф биэрэгэ нэһилиэккэ баар СПТУ-га үөрэнэ киирбитим. Онно Юрий Эверстовка мас тардыһыытынан эрчиллэн саҕалаабытым. Эһиилигэр СГУ физкултуура салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Онтон ыла Федор Дягтеревка спортан тэйиэхпэр диэри дьарыктаммытым.
- —Бастакы кыайыыгын өйдүүгүн дуо?
- —Бастакы улахан кыайыым 1996 сыллаахха мас тардыһыытыгар Күүстээх Дэһээккин турнирыгар 82 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа бастаабытым. Онтон ыйааһынынан хааччахтаммат киирсиигэ муҥутуур кыайыылааҕынан тахсыбытым. Ити сылларга хас да турнирга миэстэлэһээччибин. Анатолий Баишев кэнниттэн иккис буола сылдьыбытым. 1997 сыллаахха мас тардыһыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастарын нуорматын толорбутум.
Бастакы “Дыгына”
- “Дыгын оонньууларыгар” бастакыгын туох санааттан кыттыбыккыный?
- 1998 сыллаахха Туймаада ыһыаҕа Үс Хатыҥҥа бастакытын ыытыллыбыта. Ол иннинэ СГТХА ипподромугар ыытыллар этэ. Боруобаланан көрөөрү барбытым. Онно Петр Варламов, Юрий Эверстов, Петр Давыдов, Сергей Кузьмин, Сергей уонна Уйбаан Белолюбскайдар, Владимир Шарин, Степан Ильин, Иннокентий Иннокентьев курдук күүстээх спортсменнар бааллар этэ. Оннук күүстээх састаапка киирэн соһуччу бастаабытым. Иккис Сергей Кузмин, үһүс Петр Варламов буолбуттара. Дьиҥэр таах боруобалана кэллэҕим ди. Онно 20 саастаах этим.
Белолюбскайдыын сыһыана
—Уйбаан Белолюбскайдыын киирсиигит туһунан туох диэҥ этэй? Билигин алтыһаҕыт дуо?
—Мин урут уруккаттан утарсааччыларбын барыларын биирдик көрөр этим. Дыгын оонньуута да буоллун, мас тардыһыыта да буоллун, сүрүн болҕомтону утарсааччыларбар буолбакка, дьарыкпар уонна ис турукпар уурааччыбын. Анаан кими эрэ кыайыахтаахпын диэн долгуйбуппун өйдөөбөппүн. Хайдах баарбынан киирсээччибин. Ол саҕана дьарыгым да олох үчүгэй буолааччы. Күҥҥэ иккилии дьарыгы сылы быһа көтүппэккэ оҥорор этим. Дьарыгым үчүгэй, эчэйиим суох буоллаҕына, күрэхтэһиигэ долгуйбат да буоларым. Дьону эккирэппэккэ бэйэм көрдөрүүлэрбин тупсарарга дьаныһар этим. Дьон сороҕор Уйбаан Белолюбскайдыын сыһыаҥҥыт хайдаҕый диэн ыйытааччы. Сыһыаммыт үчүгэй. Дьиэ кэргэнинэн доҕордоспоппут эрээри, өстөөхтөр буолбатахпыт. Сүрүннээн спорт боппуруостарыгар алтыһабыт. Мас тардыһыытыгар, многоборьеҕа сыһыаннаах боппуруостарга кэпсэтиһэбит.
Кыра ыйааһыннаах уолаттар киирсэллэр
—Урукку уонна билиҥҥи Дыгын оонньууларын тэҥнээн көрдөххө, туох уларыйыылар баалларый?
—Билигин көрдөрүүлэр сүрүннээн үс төгүл үскэ, тутум эргииргэ уонна таас көтөҕүүтүгэр тубустулар. Үс төгүл үскэ Егор Филиппов 37 миэтэрэни түһэн көрдөрүүнү олох тупсарда. Ити көрдөрүүнү Дыгын оонньууларын кыттыылаахтара уһуннук сиппэттэрэ буолуо. Иккис-үһүс көрдөрүү билигин, быһа холоон эттэххэ, 32-33 миэтэрэ. Биһиги саҕанааҕы спортсменнар эмиэ 32-33 миэтэрэни түһээччилэр. Тутум эргииргэ быраабыла хаста да уларыйбыта. Урут уһуннук эргийэр этибит. Таас көтөҕүүтүгэр уолаттар чахчы ырааҕы илдьэр буоллулар. Урут тааһы сыл аайы уларытар этилэр. Наар биир тааһынан рекорду эккирэтии диэн суоҕа. Оттон спортсменнары тэҥнээн көрдөххө, билиҥҥи уолаттар урукку спортсменнардааҕар арыый ырыган соҕустар. Урут Петр Варламов, Юрий Эверстов, Иннокентий Макаров курдук уҥуохтарынан улахан, бөдөҥ дьоннор киирсэллэр этэ. Билигин кыра ыйааһыннаах уолаттар киирсэр буоллулар.
Хара күүһү эмиэ көҕүлүөххэ
- Дыгын оонньууларыгар тугу уларытыаҥ этэй?
- Мин көрүүбүнэн, “Дыгын оонньуулара” чэпчэки атлетиканан дьарыктанар уолаттарга барсар буолла. Кулун тардыһыытын суох гыммыттара куһаҕан. Мин ох саа оннугар кулун тардыһыытын киллэриэм этэ. Оччоҕуна хара күүстээх уолаттарбыт эмиэ күрэхтэһиэ этилэр. Ол эрэн, тэрийээччилэр бэйэлэрэ быһаараллар.
“Дыгын оонньууларын” көтүппэппин
—Быйылгы “Дыгын оонньууларыгар” кими лидер быһыытынан көрөҕүнүй?
—Быйылгы “Дыгын оонньууларыгар” Егор Филиппов, Артем Варданян, Петр Старостин уонна Николай Матаннанов лидердэр. Ити уолаттар бириистээх миэстэ иһин киирсиэхтэрэ. Биэс уол “Дыгын оонньууларыгар” бастакыларын киирсэллэр. Кинилэргэ уопут курдук буолар бу киирсии. Аны туран, мас тардыһааччылар киирбэтилэр. Ити Егор Филипповка уонна Петр Старостиҥҥа табыгастаах курдук көрөбүн. Ол эрэн, эдэр уолаттар хайдахтарын билбэппит. Баҕар биир эмэ уол бэйэтин уһулуччутук көрдөрүө. Сыл аайы “Дыгын оонньууларын” көрөбүн. Былырыын Саха НКИХ ханаалыгар быһа эпииргэ комментатордаабытым.
—Ханнык эмэ спортсмены дьарыктыыгын дуо?
—Анаан кими да дьарыктаабаппын. Биир дойдулаахтарбар сүбэ-ама биэрэбин, өйүүбүн, үбүнэн көмөлөһөбүн. Уолаттар кыһыны быһа бэйэлэрэ эрчиллэллэр.
Урбаанынан дьарыктанабын
—Күрэхтэһэр кэмнэргин ахтаҕын дуо?
—Күрэхтэһэр кэмнэрбин билигин соччо ахтыбаппын. Спортан тохтуурбун эрдэ былааннаабыт кэммэр тохтообутум, ол иһин улахан охсуута суох ылыммытым. Киһи бэйэтин кэмигэр тохтуохтаах дии саныыбын.
—Билигин тугунан дьарыктанаҕыный?
—Улахан массыыналарынан хотугу улуустарга таһаҕас таһар тэрилтэлээхпин. Араас тендердэргэ кыттан үлэ булунабыт. Маны таһынан, дойдубар Нам улууһун Түбэтигэр сылгы иитэбин.
—“Дыгын оонньууларын” быйылгы кыттыылаахтарыгар тугу баҕарыаҥ этэй?
—“Дыгын оонньууларыгар” быйыл кыттар уолаттар өссө күүскэ эрчиллэн сайынныннар. Эчэйии диэни билбэтиннэр. Бастакыларын кыттар уолаттар бу көрүҥү таптаатыннар, ытыктаатыннар. Төһө кыалларынан туруоруммут соруктарын тиһэҕэр тириэрдэ сатаатыннар уонна кыайыыга дьулустуннар. Лидердэр бэйэ-бэйэлэригэр ытыктабыллаахтык сыһыаннаһан, чиэһинэйдик киирсэллэригэр баҕарабын.
Олоҕун олуктара:
1977 сыллаахха сэтинньи 5 күнүгэр Нам улууһун Түбэ нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ.
1994 сыллаахха мас тардыһыытынан эрчиллэн саҕалаабыта.
1996 сыллаахха мас тардыһыытыгар Күүстээх Дэһээккин аатынан турнир муҥутуур кыайыылааҕа.
1995 сыллаахха СГУ физкултуура салаатыгар үөрэнэ киирбитэ.
1997 сыллаахха мас тардыһыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара буолар.
1998, 2002, 2003, 2004, 2005, 2006 сыллардааҕы “Дыгын оонньууларын” кыайыылааҕа.
Кэргэннээх, үс уол оҕолоох.
Сэмсэ тыл:
Алексей Филиппов, Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир училище дириэктэрэ:
— Николай Дьяконов саха сиэринэн сэмэй, ис култууралаах киһитин бэлиэтиибин. Хаһан даҕаны бэйэтин аатырда, сырдата сатыырын көрбөтөҕүм. Кини айылҕаҕа олус чугас киһи. Хас биирдии кыайыытын элбэх үлэнэн-сыранан ылбытын сыаналыыбын. Биһиги тустуубут саалатыгар кэлэн эрчиллэр этэ. Онно дьарыкка олус бэриниилээҕин бэлиэтии көрбүтүм. Николай курдук дьулуурдаах, көнө майгылаах, ис култууралаах киһини — норуот чөмпүйүөнэ дииллэр.
Николай ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru