Дятлов дабаана

03.08.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

1959 сыл олунньу 26 күнүгэр Хотугу Уралга кэлин Дятлов аатынан ааттаммыт дабааҥҥа Игорь Дятлов салайааччылаах сылдьыбыт 9 турист өлүгэ булуллубута. Кинилэр туохтан өлбүттэрэ билиҥҥэ диэри быһаарыллыбакка сылдьар. Дьиҥинэн, биирдиилээн да, бөлөҕүнэн да сылдьар туристар араас оһолго түбэһэн өлүүлэрэ сэдэхтик тахсар түбэлтэ буолбатах. Аҥардас 1975-2014 сс. хайыһарынан айаннааһын кэмигэр 111 киһи суорума суолламмыта биллэр. Ол эрээри Дятлов салайбыт бөлөҕө туохтан өлбүтэ 57 сыл ааспытын да кэнниттэн чинчийээччилэри, суруналыыстары, оннооҕор политиктары кытта долгутар. Телевидениеҕа ааспыт үйэ биир улахан кистэлэҥин быһыытынан документальнай киинэлэр сотору-сотору тахсаллар, бу быһылааҥҥа олоҕурбут уус-уран киинэлэр уһуллаллар. Дятлов бөлөҕүн дьылҕата туох кистэлэҥи илдьэ сылдьарый?

Аймалҕан саҕаланыыта

Урааллааҕы политехническэй институт иһинэн үлэлиир туркулууп хайыһардьыттара айаҥҥа тохсунньу 23 күнүгэр уон буолан туруммуттара. Ол эрээри сарсыныгар Юрий Юдин ыалдьан бөлөхтөн хаалбыта. Түөрт күн устата хайыһардьыттар ким да олорбот сирдэринэн айаннаабыттара. Быһа холоон, олунньу 1 күнүгэр 17 чаас саҕана Холат Сяхыл диэн хайа сирэйигэр балааккаларын туруоран барбыттар. Тоҕо кинилэр балтараа килэмиэтир эрэ аллараа турар хахха сиргэ тохтооботохторун билиҥҥэ диэри ким да кыайан быһаарбат. Баҕар, хойутаан хараҥаран хаалыахпыт диэбиттэрэ буолуо эбэтэр сарсыныгар төттөрү дабайан тахсыахтарын баҕарбатахтара эбитэ дуу. Туох да диэбит иһин, дневниккэ суруйууларыттан уонна ити күн таһаарбыт истиэнэ хаһыаттарыттан көрдөххө, оҕолор үөрэ-көтө чэпчэкитик айанныы сылдьыбыттар.
Былаан быһыытынан, кинилэр олунньу 12 күнүгэр Вижай бөһүөлэккэ кэлэн маршруту этэҥҥэ ааспыттарын туһунан туркулуупка тэлэгирээмэ ыытыахтаахтар этэ. Бу бөлөх итинник сырыыларга улахан уопуттааҕынан ааҕыллар буолан, тэлэгирээмэ ити күн кэлбэтэҕин да үрдүнэн, улаханнык кыһамматахтар. Бастаан аймалҕаны оҕолор сүппүттэриттэн улаханнык дьиксиммит төрөппүттэр таһаарбыттара. Ол да буоллар, олунньу 20 күнүттэн эрэ көрдөөһүн саҕаламмыта. Кэлин көрдөөһүҥҥэ Ис дьыала министиэристибэтэ, гражданскай уонна байыаннай авиация тардыллыбыттара.

Иэдээн тахсыбыт сиригэр

Олунньу 26 күнүгэр көрдөөччүлэр балаакканы булбуттара. Балаакка ис өттүттэн иккитэ, киһи батар гына, хайыта сотуллубут этэ. Балаакка аннынан 500 м сир устата хаарга дьон атаҕын суола баара. Сорох атах сыгынньах хаампыта көстөрө, хаатыҥка уонна халыҥ наскылаах атахтар суоллара эмиэ бааллара. Оҕолор аллараа тыа диэки бара сатаабыттар быһыылааҕа. Балаакка иһигэр да, таһыгар да охсуһуу, атын ким эрэ кэлэ сылдьыбыт сибикитэ суох этэ.
Эмиэ ити күн балааккаттан балтараа килэмиэтирдээх сиргэ, тыа саҕатыгар, уот оттулла сылдьыбыт сирин таһыгар икки Юрий — Дорошенко уонна Кривонищенко өлүктэрэ көстүбүтэ. Кинилэртэн 300 миэтэрэ тэйиччи Дятлов, салгыы Рустем Слободин, онтон салгыы Зина Колмогорова өлүктэрин булбуттара. Оҕолор балааккаларын диэки бара сатаабыттара тута биллэрэ, төбөлөрө ол диэки хайыһан сытара.
Атыттары икки ый курдук көрдөөбүттэрэ. Кэмниэ кэнэҕэс ыам ыйын 4 күнүгэр түөрт миэтэрэлээх хаар анныттан Люда Дубинина, Саша Золотарев, Николай Тибо-Бриньоль, Саша Колеватов өлүктэрэ көстүбүтэ.
Силиэстийэ ыытыллыбыта да туох да күттүөннээх түмүккэ кэлбэтэҕэ. Онон «Туристар өлүүлэрин биричиинэтэ — айылҕа күүстээх алдьатыытыгар түбэһии» диэн түмүктэнэн дьыала тохтотуллубута. Ол эрээри, оҕолор туохха түбэспит буолуохтарын сөбүн таайа сатааһын тохтооботоҕо. Туристар туохтан эрэ куттанан куоппуттар. Туохтан? Ол куоталларыгар олус ыгылыйыы, уолуйуу эмиэ да суох курдук. Олус оруһуйа уолуйбатах буоланнар, быһах булан балааккаларын хайа сотон тахсыбыттар уонна, уолуйбут дьон быһыытынан арҕам-тарҕам сүүрэн хаалбакка, бары түмсүүлээхтик, тоҥуу хаарынан айаннааһын бэрээдэгин тутуһан биир сир диэки бара сатаабыттар.
Дятлов бөлөҕө өлүүтүгэр араас элбэх туох да олоҕо суох, ардыгар олус омуннаах да, сороҕор олохтоох да сабаҕалааһыннар баар буолбуттара. Бастаан утаа силиэстийэ туристары кинилэр ытык хайаларыгар кэлэн хоммуттарын сөбүлээбэтэх мансилар өлөрбүттэрэ буолуо диэн сабаҕалааһыны тутуспута даҕаны, ол олоҕо суоҕа түргэнник биллибитэ. Ону тэҥэ ракета ытыытыгар түбэһии, биллибэт көтөр эттик кэлиитэ, ядернай тоҕо тэптэрии, умайа сылдьар шарга түбэһии, инфразвуктан куотуу сабаҕалааһыннара эмиэ баар буолбуттара.

Кэнники икки сылга, сүн­ньүнэн, икки сабаҕалааһын тутуһуллар буолла: хайа хаарын сиҥниитэ уонна ракета эстиитэ.

dyatlov2

Ракета эстиитэ

Свердловскай уобалас альпиниһа Владимир Рыкшин дятловтар сылдьыбыт сирдэрин биэс тарбаҕын курдук билэр эбит. Уон сыл устата уоппускатын кэмигэр Дятлов дабаанын сыныйан үөрэппит, чинчийбит. Былырыын экспедициятыттан видеодакаастабыллары аҕалан оҕолор өлүүлэрин кистэлэҥин арыйбытын туһунан кэпсээбитэ. Ол ынырыктаах түүн сүдү улахан эстии буолбут. Онон туристар өлүүлэригэр континеннар икки ардыларынааҕы ракета эстиитэ тиэрдибит диэн бигэ эрэллээх. Ракета эстибитин кэннэ ол үлтүркэйдэрин көрдүү кэлбит байыаннай сөмөлүөт саахалга түбэһэн сууллубут. Бу сабаҕалааһыны дакаастаары, альпинистар Дятлов дабаанын хас биирдии сантиметрын тимири көрдүүр уонна радиацияны быһаарар прибордарынан сиһилии чинчийбиттэр. Ол түмүгэр байыаннай самолет үлтүркэйин булан ылбыттар. Олохтоохтор уонна айанньыттар бу сиртэн ракета үлтүркэйдэрин сотору-сотору булаллар эбит. Чинчийээччилэр этэллэринэн, Дятлов бөлөҕө ракета эстиититтэн өлбүтүн билэр дьон хайаан да баар буолуохтаахтар, кинилэри булуохха эрэ наада. Ол эрээри саамай улахан кыһалҕа — онуоха сыһыаннаах докумуоннары булуу. Ол докумуоннартан «кистэлэҥ» диэн бэчээт билиҥҥэ диэри уһулла илик.

dyatlov3

Хаар сиҥниитэ

Петербург к. учуонайа, туризмҥа спорт маастара Евгений Буянов этэринэн, Дятлов бөлөҕө итинник суорума суолламмытыгар туристар бэйэлэрэ буруйдаахтар. Холобур, 20 кыраадыс туруору хайа сирэйигэр (маннык сиргэ хаар сиҥнэн түһүүтэ ордук элбэхтик бэлиэтэнэр) балаакканы туруоруо суохтаах этэ. «40 сыллаах уопуппунан быһаардахпына, оҕолор ылбыт эчэйиилэрэ хаар сиҥниититтэн үөскүүр эчэйиилэргэ майгынныыр. Онон туристар тымныыттан уонна тыалтан өлбүттэрэ чахчы. Ити түүн олус тымныйбыта. Билигин мин эрэллээхтик этэбин — Дятлов дабаанын кистэлэҥэ арылынна. Туристар хайа хаара сууллуутугар түбэспиттэр. Хаар сиҥниитин туһунан сабаҕалааһын уруккуттан баар этэ да, оччолорго көрдөөччүлэр улахан уопута суох буоланнар, итинник бэлиэлэргэ болҕомтолорун улаханнык уурбатахтар. Онуоха эбии элбэх бэлиэ илдьи тэпсиллибит этэ».
«Комсомольская правда» хаһыат б.дь. атырдьах ыйын 9 күнүнээҕи нүөмэригэр «Дятлов дабааныттан «КП» суруналыыстарын балыыһаҕа илтилэр» диэн кылгас иһитиннэрии бэчээттэммит этэ. Онно этиллэринэн, кэргэннии Николай уонна Наталья Варсеговтар экспедицияҕа ахсынньы 2 күнүгэр барбыттар. Дятлов дабааныттан 80 км ыраах сытар түҥ тайҕа быыһыгар ракета тобохторун көрдөөбүттэр. Ол туһунан кинилэргэ булчут манси эппит эбит. Атырдьах ыйын 9 күнүгэр эмискэ ыалдьан бөртөлүөтүнэн балыыһаҕа аҕалыллыбыттар. Эмтэнэн баран Москваҕа төттөрү көппүттэр.
Бу күннэргэ Дятлов дабааныгар 14 чинчийээччилээх улахан экспедиция тиийэн сылдьар. Кинилэр сатыы туристарга табыгастаах маршрут бэлэмниир былааннаахтар. Ол быыһыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр тутуллубут кистэлэҥ аэродромнартан биирин бэрэбиэркэлиир санаалаахтар. Экспедиция кыттыылаахтара этэллэринэн, бу чинчийии, баҕар, Дятлов бөлөҕүн өлүүтүн кистэлэҥин арыйарга көмөлөһүөн сөп.
Дятлов салайааччылаах туристар туох иэдээнигэр түбэспиттэрин быһаарыы күн-дьыл аастаҕын аайы ыараан иһэрэ биллэр. Ол эрээри көрдөөччүлэр бириэмэҕэ бэринэр санаалара суох быһыылаах. Тоҕус эдэркээн дьон туохтан куотан хайа быыһыгар тоҥон өлбүттэрин быһаара сатааһын үйэ аҥаарыттан ааспытын да кэннэ салҕанар.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0