Дуулаҕа Дьуһаал: «Иэйиим арыый холку, наҕыл, ол эрэн олохтоох көрүүлээх»
«Дьааҥы сирин түөлбэ сахалара бэйэлэрин төрөөбүт дойдуларын тыйыс чымаан айылҕатыныы, дьиппиэн, нүһэр көрүҥнээхтэр. Сааскы сайдам халлаанныы ыраас, сырдык, үрдүк чымаан таастарыныы өрө күүрүүлээх, күөх далайдарын дириҥ чүөмпэлэринии долгуйбат-уолуйбат ураты аналлаахтар, уустук оҥоруулаахтар, уус-уран тыллаахтар.
edersaas.ru
Виктор Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал — анаан-минээн ыҥырыыга сылдьар алгысчыт, алыптаах айылҕалаах төрөөбүт тыл төһүү илдьитэ, кэрэни-сонуну кэпсии сырыттын диэн айыллыбыт аналлаах. Ол быыһыгар олоҕун тоҕойдоругар көрсөр күннээҕи күлүктэри билиммэт, санаабыт санаатын аралдьыппат, дуулаҕа дьулуурун токуруппат, инники диэки эрэллээхтик көрөр дохсун дууһалаах. Ол да иһин күн аайы уларыйа-тэлэрийэ сылдьар олох үөһэ-таҥнары сахсыллар түгэннэрин ыарыылаахтык ылынар аһаҕас эттээх, айыы санаалаах. Этиэхтээх санаатын ситэ эппэтэҕинэ, дууһата долгуйдаҕына, илиитигэр гитара ылан табык охсон уйуһутан барыа. Кылгас кэм иһигэр «Дуулаҕа Дьуһаал» рок-бөлөх тэрийэн, киэҥ сиринэн тэлэһийэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Табык» бэстибээл лауреата буола үүммүтэ», -– диэн суруналыыс, суруйааччы, Степан Юмшанов Виктор Стручков «Дуулаҕа Дьуһаал» диэн кинигэтин киирии тылыгар суруйан хаалларбыта (1995 с.).
Бүгүн 60 сааһын бэлиэтиир Виктор Павлович Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал -– бэйиэт, СӨ Суруйааччыларын, СӨ мелодистарын сойуустарын чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна, дэгиттэр талааннаах: муусукаан, алгысчыт, режиссер, учуутал, рок эйгэтигэр хас да аудио-альбомнаах, төрөөбүт тылын-өһүн ис сүрэҕиттэн туруулаһан харыстаһар.
Бу киһи аайы тэҥинэн бэриллибэт дьоҕура барыта 2007 сыллаахха Дьааҥы куората 370 сылыгар анаан таһаарбыт «Алаһам алгыһа» диэн кинигэтигэр түмүллүбүккэ дылы. Бу алгыстаах кинигэтигэр үбүлүөйдээх түһүлгэлэр ыытыллар сценарийдара олоҥхо тылынан суруллан киирбиттэрэ уонна умнуллан эрэр сиэрдэр уонна алгыстар аттарыллан таҥыллыылара сонуннук көстөр. Кэлиҥҥи, эдэр көлүөнэ ааҕааччы бу кинигэҕэ Дьааҥыга уонна өрөспүүбүлүкэҕэ буолбут бэлиэ түгэннэри ааҕа билииһи уонна ол түгэннэри Дуулаҕа хоһуйбут рок, олоҥхо тылларынан этигэр-хааныгар иҥэринииһи.
Дуулаҕа Дьуһаал үгүс хоһоонноро (эрдэтээҥҥи хоһооннорун билсиибиттэн) ааҕааччы этин-сааһын арыйаллар, үгүһү толкуйдаталлар. Ол иһигэр, киниэхэ элбэхтик бэлиэтэнэр тэттик хоһоонноро олоҕу таптыырга, харыстыырга ыҥыраллар:
«Олох оҥочо кэриэтэ
Олоҕу олоруу,
Олоҕу оҥоруу
Оҥочонон устуу тэҥэ.
Олоҥхо тылыныы, умсулҕан иэйиитэ,
Ол буолар олохпут ураты кэрэтэ».
(«Олох»).
Ол эбэтэр:
«Дьэ, муода
Олус олуона,
Олоҕуҥ суола, дьиҥэр, көнө,
Түһэҕин онтон,
Бэйэҥ төлө».
Оттон бу тыллартан хайдах эрэ эмискэ «һык» гына түһэҕин, олорон ааспыт олоххун анаара кэннигин хайыһан ылаҕын, кэлин кэп туоммат курдук дьоһуннук олоруоххун баҕараҕын:
«Олох -– айааһыыр атыҥ.
Ол эрэн, эн бэйэҥ
Олох айааһыыр ата буолаҕын».
Аҕыйах тылынан хайдах курдук бэргэнник этиллибитий?
Дуулаҕа Дьуһаал «Мин сахабын» хоһооно ааҕааччыга эмиэ да сэнэнии, эмиэ да киэн туттуу санааларын саҕаллар. Саха — кини кимий-тугуй, кини атын омуктартан уратыта тугуй?
«Мин сахабын —
Ол иһин судургубун».
Көнөбүн, кырдьыксыппын.
Мин сахабын -–
Ол иһин тулуурдаахпын,
Оҕо курдук ырааспын.
Мин сахабын -–
Ол иһин муҥкурукпун,
Кэнэммин, муммут куспун.
Мин сахабын -–
Ол иһин уһун сордоохпун,
Огдолуйбат олохтоохпун.
Мин сахабын -–
Ол иһин, киэн туттардаахпын,
Арай, сэнэнэн быстабын».
Үгүс бэйиэттэр айар үлэлэрин музаларынан кэрэ кыыс, саха далбар хотуна, тапталлаах кэргэн, төрөөбүт айылҕа уо.д.а. буолар буоллахтарына, Дуулаҕа Дьуһаал музата ким эбитий?
«Оҕом сыта -–
Мин музам этигэн хомуһа, тапталым уостубат уйгута.
Оҕом сыта -–
Санаам күүстээх кыната,
Талаһар күнүм сырдыга».
(«Оҕом сыта»).
Кини Эрэл, Туйаара, Ньургун уонна Тулааһын дьиҥ уу сахалыы ааттаах оҕолордоох.
Бэйиэт Дуулаҕа Дьуһаалга өссө биир музатынан ыраас санаалар, ырайга көтөр санаалар буолаллар быһылаах:
«Кэрэ ыра санаалар
Ыырдарынан айаннаа,
Быстах, быртах баҕалар
Кырдалларын хааллартаа.
Баҕар, булуоҥ оччоҕо,
Баҕа санааҥ аартыгын,
Кэлэр кэскил олоҕо
Кэрэхсэнэр ыллыгын».
Эбэтэр:
«Мин көтүөх этим үрдүккэ,
Үөһии-үөһээ ол күөх далайга,
Өскөтүн санаам күүһүн сүтэрбэккэ,
Мумматым буоллар бу балайга».
Ол туһунан СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин:
— «Дуулаҕа Дьуһаал кэрэ санаалар ыырдарынан айанныыр бэйиэт. Улуу Ойуунускай «Адаардаах-арҕастаах таас Дьааҥы» диэн хоһоонугар эппитинии, биһиги, киин улуус олохтоохторо, Дьааҥыны хайдах эрэ чымаан, дьиппиэн, хаҕыс, курус көстүүнэн кууһар айылҕалаах курдук саныырбыт. Оттон Дьааҥыга сырыттахха, атын хартыына буолан арыллар: ханна да көр, арылыйа сырдыыр ураты кэрэ айылҕа.
Виктор Стручков, төрөөбүт Дьааҥытын курдук, поэзията эмиэ арылхай, сырдык тыынынан илгийэ кууһар, сылаас санаанан сайа тыынар.
… Кини поэтическай талаана кэрэ хартыына курдук сылын аайы арыллан иһэр: төрөөбүт тыл ураты өҥүнэн, кырааскатынан, дыргылынан, киһини тардар күүһүнэн…», -– диэн кини поэзиятын үрдүктүк сыаналаабыта.
«Дьааҥым ахтылҕана — айар иэйиим ыллам ымыыта»
— Виктор Павлович, эн 2019 с. Дьокуускайга кэлиэххиттэн куорат култуурунай, уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттаҕын. Билигин сүрүн үлэҥ ханныгый?
— Олоҥхо тыйаатырыгар лиэктэр-искусствовед быһыытынан үлэлиибин. Билигин айар үлэм эйгэтэ — төрөөбүт тылбытын таба туттан сатаан саҥарарга дьулуһуу. Ол майгытынан «Сахалыы ыраастык саҥарыахха» тылдьыт таҕыста, тылбытын харыстыыр туһугар лиэксийэ ааҕыынан дьарыктанабын. Маны сэргэ күн-дьыл эргиирин, ый хаамыытын сахалыы ааҕыытын үөрэтэбин, Күнньүтү, Ыйынньыгы (халандаары) оҥоруунан, таһаарыынан дьарыктанабын. «Астролого-метеорологические знания народа Саха в формировании социо-культурного пространства» диэн кинигэни таһаартаран, кууруһу барааччыларга үөрэнэр босуобуйа быһыытынан туттабын, лиэксийэ ааҕабын. Итини таһынан, саха төрүт өйдөбүллэригэр бэсиэдэлэри оҥоробун, онлайн-көрсүһүүлэри тэрийэбин. Билигин олоҥхобут анаарыытын аныгы сонун көрүүлэргэ сигэнэн үөрэтэргэ холонобун.
— Дойдугар Дьааҥы эбэ бастаан тымыр тардар баһа Эчий үрэх аатынан «Эчий» диэн литература түмсүүтүн тэрийэн, элбэх ыччаты айар үлэ умсулҕаныгар уһуйбуккун, икки туомнаах «Таас күрүлгэн» диэн кинигэни, мелодистарга компакт-диискэни таһаартарбыккын билэбин. Ол идэҕин хаалларбакка, Дьокуускайга эмиэ хоһооҥҥо холонооччуларга сүбэ-соргу буолаҕын эбит.
— Улууспар-Дьааҥыга 16 сыл устата «Эчий» литература түмсүүтүн салайбытым, хас даҕаны ааптар кинигэтэ, хомуурунньуктар тахсыбыттара. 2019 сылтан Дьокуускайга «Сайар Сарыал» диэн түмсүүнү тэрийэн үлэлэтэ сылдьабын. Бу түмсүүбүтүгэр 23 улуустан уонна Дьокуускайтан хоһоонньуттар дьарыктаналлар уонна бэлиэр 4 хомуурунньугу таһаардыбыт.
— Саҥа суруйар дьоҥҥо сүбэ-ама биэрэриҥ, айар аартыкка киллэрэриҥ эйиэхэ тус бэйэҕэр тугу биэрэрий?
— Идэбинэн саха тылын учуутала буоларбынан даҕаны, миэхэ дьарыктанар хоһоонньуттарым саха тылын дэгэтин, этигэнин, хоһуйар, холуур уратытын, дьүһүйэр дьүрүскэнин, кэрэмэн кэрэтин уус-уран ухханныгар дьулаһар умсулҕаннара уһуктан туруута-мин тус бэйэм «улуу» дуоһулаҥым.
— Эдэркээн Виктор уонна билиҥҥи Дуулаҕа Дьуһаал урукку уонна билиҥҥи хоһоонноро, музата төһө уларыйда?
— Олох сиэрин ирдэбилинэн сааһыҥ атыла кэҥээтэҕин аайы тулалыыр эйгэҕин, олоҕу-дьаһаҕы көрүүҥ, анаарыыҥ уларыйан, кэҥээн, дириҥээн иһэрэ чуолкай. Ол майгытынан айар үлэм хабаана, этигэнэ, иэйиитэ даҕаны арыый холку, наҕыл, ол эрэн, ордук олохтоох көрүүлээх.
— Дьааҥы курдук кэрэ сир ахтылҕана төһө күүстээҕий?
— «Дойду — сурахтаах, алаас -– ааттаах». Дьааҥым ахтылҕана — айар иэйиим ыллам ымыыта.
— Билигин эн дууһаҥ туохха дьулуһарый?
— «Сахатынан саха» диэн буолуу — сарсыҥҥы сахха тобуллуу. Саха сахатынан хаалара-сахатынан саха салҕанара.
— Оттон Дуулаҕа Дьуһаал псевдонимы ылыныыҥ төрүөтэ?
— Дойдум Дулҕалаах диэн. Төрүт аата Дуулаҕалаах. Нууччалыы сурукка киирэригэр Дулагалах, онтон Дулгалах диэн суруллан хаалан, устунан Дулҕалаах буолбут. Үһүйээн кэпсииринэн, былыр боотур дуулаҕа бэргэһэтин (дуулаҕа диэн боотур куйах бэргэһэтэ ) үрэххэ бырахпыта эбитэ үһү. Онтон ыла үрэхпит Дуулаҕалаах диэн ааттаммыт. Устунан сирбит-дойдубут эмиэ.
Дьуһаал диэн бэйэтин баҕатынан, санаатынан көҥүл, тутулуга суох сылдьар киһини ааттыыллар эбит. Оттон мин төрүттэрим Дьуһаал аҕа ууһа диэн уустар. Онон дуулаҕалаах көҥүл боотур диэн өйдөбүллээх аат тахсар-Дуулаҕа Дьуһаал.
БЫҺААРЫЫ:
В.П.Стручков 1962 сыллаахха Дьокуускай куоракка төрөөбүтэ. Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрэн, саха тылын уонна литературатын учууталын идэтин баһылаабыта. Дойдутугар Дьааҥыга Сартаҥ, Дулҕалаах оскуолаларыгар завуһунан уонна дириэктэринэн айымньылаахтык үлэлээбитэ. 1991 сыллаахха Дулҕалаах орто оскуолатыгар сахалыы национальнай кэнсиэпсийэ эйгэтин толору киллэрэн, улууска бастакынан сахалыы оскуола аатын ылыннарбыта.
1995 сыллаахтан улуус үөрэххэ управлениетыгар иитэр үлэҕэ начаалынньыгы солбуйааччынан үлэлии сырыттаҕына, 1997 сыллаахха Дьааҥы улууһун баһылыгын дьаһалынан улуустааҕы култуура управлениетын начаалынньыгынан анаабыттара. 2013 сылтан Дулҕалаах нэһилиэгэр баһылыктаабыта.
1984 сылтан «Эдэр коммунист», «Верхоянскай коммунист», «Дьааҥы сонуна» хаһыаттарга хоһоонноро бэчээттэнэн барбыттара. Билигин хорутуулаахтык айар-тутар, хас да кинигэлээх ааптар. 2022 с. С.А. Новгородов аатынан “Айар” национальнай кинигэ кыһата Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр үгэс буолбут номинациялары туттарарыгар «Ийэ тыл, сурук-бичик туруу үлэһитэ» ааты Дуулаҕа Дьуһаалга анаата, кини анал статуэтканан уонна харчынан наҕараадаланна.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
В.Стручков архыыбыттан хаартыскалар