Дууһа кыланыыта: Туох барыта эргиллэр иэстэбиллээҕин умнумаҥ!
Биһиги эрэдээксийэбитигэр сурук электроннай почтаҕа харыыта суох киирэр. Ааҕааччыларбыт суруктарын сыа-сым курдук тутан бар дьоҥҥо, киэҥ эйгэҕэ таһаарарга дьулуһабыт.
Таатта улууһун Харбалааҕыттан кэлбит сурук биһигини соһутта да уйадытта даҕаны.
«Тохсунньу 30 күнүгэр Таатта улууһун Харбалаах нэһилиэгэр куһаҕан быһыы-майгы буолбута. 33 саастаах ыал аҕатын арыгы испит 19 саастаах устудьуон уол уонна түөрт оскуола оҕото дьиэҕэ киирэн ибили кырбаан, быһаҕынан хайа сотон, этин-сиинин эчэтэн иэдэппит дьулаан күннэрэ билигин даҕаны сүрэхпитин ытырыктатар.
Ыал аҕатын, 33 эрэ саастаах эдэркээн киһини, буолаары буолан, түннүгү, ааны алдьатан, дьиэҕэ күүстэринэн киирэн, оскуола оҕолоро уонна устудьуон уол маннык кэбилииллэрэ сиэргэ баппат. Сиэргэ баппат, тоҕо диэтэххэ, бу дьон олох аһыытын-ньулуунун амсайа илик, олох киэҥ аартыгар ситэ үктэнэ иликтэриттэн маннык быдьар, киһини аһыммат ыар тыыннаахтара сөхтөрдө. Ханнык төрөппүттэр маннык дьону иитэн таһаараллара буолуой? Билиҥҥиттэн маннык сиэр-майгы өттүнэн иэдэйбит дьон эгэ устудьуоннуу бардахтарына туохха тиийиэхтэрэй.
Билигин ити дьыалаҕа силиэстийэ бара турар эрээри, оскуола оҕолоро эксээмэннээхтэр диэн кистии сатыыллара биллэр суол.
Оттон эмсэҕэлээбит киһибит сааһын тухары ыарыһах, сирэйигэр сыраамнаах хаалара ынырык дьыала. Биир Саха сиригэр, биир улууска, нэһилиэккэ олорон киһи киһиэхэ итинник кэп-дьэбэр сыһыаннаһара өйгө баппат. Тоҕо кинилэр арыгы испит буоллахтарына, хайаан да киһини эчэтиэхтээхтэрий?
Дьиэ кэтии ыраахтан кэлбит биир дойдулаахтарын итинник атаҕастаабыттара иэстэбилэ суох хаалыа дии саныыр буоллахтарына, улаханнык сыыһаллар. Бу олоххо туох барыта иэстэбиллээх, суут-сокуон иннигэр эппиэтинэһи сүкпэтэхтэринэ, туох куһаҕаны оҥорбуттара барыта бэйэлэригэр эргиллэн кэлиэҕэ.
Силиэстийэ этэҥҥэ түмүктэнэн, буруйдаахтар миэрэҕэ тардыллыахтара диэн эрэнэбит».
edersaas.ru
Хаартыска — интэриниэттэн.