Дьүрүһүй, Лукаабыт хомуһа!

Бөлөххө киир:

Улуу хомусчут Лука Турнин аатын үйэтитэри туруорсабыт

 

Лукаабыт хомуһа

Кый бырах ааспыт кэм оҕото

Үөт тирэх мас аттаах сүүрдэрэ.

Эбэлээх эһэтэ үөрүүнэн

Өйүөлүүллэр уулаах тар үөрэнэн.

Быыс булан түбүктээх үлэттэн

Түөттүүр ыам этэтин кэнниттэн

Иһийэн тыын ыла түһэллэр,

Ийэлэр хомустаан  эрэллэр.

Ол сүрэх иэйиитин иһиллээн

Лукаа уол мас атын тохтотор.

Муусука сүүрүктээх алыба

Оҕо саас умнубат үөрүүтэ.

Куйаары курдары дьуру-дьур.

Таатталыы Лукаабыт хомустуур.

Айылҕа кэрэтин ойуулуур,

Киэҥ куйаар киэлитин уруйдуур.

Кутуллар тойукпут кэрэтин

Кэтэһэр  сахабыт аймаҕа.

Үйэ саас үөрүүтүн үксэтэн

Дьүрүһүй, Лукаабыт хомуһа!

Сүүрбэһис үйэ улуу хомусчута Лука Турнин хомусчут эрэ буолбатах, тыйаатыр сүрүн артыыһа, ырыаһыта, сатабыллаах тэрийээччитэ. Кини ханна да үлэлээбитин иһин, кими баҕарар кытта биир тылы булар ураты дьоҕурдаах, үтүөкэн майгылаах, дьиҥнээх ырыа аргыстаах, саха хомуһун төрүт бөтүрүйүөтэ, төрөппүт аҕата этэ. Кини туһунан Хомус аан дойдутааҕы киинин вице-президенэ, 1993-2008 сс. Хомус түмэлин дириэктэринэн үлэлээбит С.В.Телье-Иванов бэлиэтээбитинэн, «нассынаалынай култуураны, ускуустубаны ситэ сыаналаабат быстах сыһыаннаһар өйдөбүллэр баар кэмнэригэр кэнники диэки төттөрү үтүрүллэн умнууга баран эрэр саха хомуһун муусуката, дьэ, тахсан эрэр күн курдук, өрө күөрэйэн дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэтэр киэҥ эйгэҕэ тарҕаныытыгар Лука Николаевич саарбахтаммат сабыдыаллаах, улахан үтүөлээх-өҥөлөөх».                 . .

Кини хомуска сүҥкэн дьоҕура Сойуус таһымыттан тахсан, Чехословакияҕа тиийэ кэрэхсэммитэ. Киинэҕэ устан, норуоттарыгар көрдөрөөрү дойдуларыгар ыҥырбыттара. Улуу хомусчут хомуска ханнык баҕарар тардыыны баһылаабыта, ордук чорботон сыыйа тардыыны уонна ырыалаах тардыыны ойуччу тутара. Ол туһунан И.Е.Алексеев-Хомус Уйбаан: “Сыыйа тардыы көннөрү бытааннык оонньооһун» диэн сыыһа өйдүүллэр. Оннук буолбатах, «сыыйа тардыы» дириҥ төһүү (бөлүһүөпүйэ) киэптээх, уустук ис хоһоону дьэҥкэтин арыйар аналлаах. Ураты тэтим, тардыы көрүҥэ сөпкө дьүөрэлэһиититтэн хомус муусуката үөскүүр», — диэн ордук чорботон бэлиэтиир.

Салгыы кини: ”Хомус муусуката олохпут сиэриниин алтыста. Итиннэ барытыгар суол, далаһа уурбут Лука Турнин айымньыларын тутула, араас өҥө-талата, дьүһүйүүтэ өйбөр-санаабар билиҥҥэ диэри умнуллубаттык иҥпитин сөҕөбүн. Ол курдук умсулҕаннаах айар тэтим этэ, кини хомус тардар маастарыстыбата», — диэбитэ.

Кэлин сылларга Иван Алексеев-Хомус Уйбаан, Николай Шишигин Лука Николаевич Турнин Саха сиригэр хомуһу төрүттээбитин билинэн, кинини саха хомуһун “аҕатынан” ааттаатылар.

Л.Н.Турнин хомус ускуустубатыгар уһулуччу талааннаах уһуйааччы. Кини сүтэ сыспыт хомуһу, айылҕанан айдарыллан, кэмигэр үөскээн-төрөөн, сахатын дьонугар төнүннэрбитэ хаһан да сүппэттии, төрөөбүт норуота уостубат махталы кытта, хомуһу дьылҕатыттан хаһан да араарбаттыы сүрэҕин чопчутугар тэҥнээбитэ. Саас-үйэ тухары олоҕун аргыһа оҥостон, үөрүүлээх күнүгэр хомус дьүрүскэнинэн уруйданыа-айхалланыа. Олох түһэр-тахсар аартыктарыгар урааҥхай уруу хаан аймаҕа хомус айылгылаах арылы далбарын алгыһынан арыалланыа.

Көһөҥө көтүллэр, күл сабыллар олох түрбүөннээх түгэннэригэр хомус барахсан хоһуун дорҕоонунан сүрэҕи өрүкүтүөҕэ, өйү өрөгөйдөтүөҕэ, санааны салайыаҕа, сүһүөххэ туруоруоҕа. Ол курдук кыракый хомус ураты тутуллаах уоска бигэнэн, талааннаах тарбах таарыйдаҕына дьүрүһүйэн-дьурулаан, бар дьон эрэлин үөскэтиэҕэ.

2000 сыллаахха  Ытык Күөлгэ ыытыллыбыт хомусчуттар күрэстэригэр Гран-при хаһаайына буолбут Лидия Михайловна Борисова Лука Турнин хомуска тардыытын үгүс эгэлгэтин ырытан, ылынан үөрэтэр, сүрэҕэр-быарыгар сөҥүөрдэн, ис иэйиитинэн хомуска оонньуур, эдэрдэри үөрэтэр, уһуйар, кэмпэсиитэрдэри кытта сүбэлэһэн, хомус ис кыаҕын кэҥэтэргэ дьулуһар. Сыыйа тардыы таһымынан тэтимирдэн, түргэтэтэн, ол эбэтэр “бэйбэрэҥнэтэн» (красочно-колористическое ритмическое варьирование) тардыыны уонна ханнык баҕарар ырыаны саҥа таһааран ыллыы-ыллыы тардыыны элбэхтик туттарын хампасыытардар, муусуканы сүрүннээччилэр биһирииллэр, хомуһу тардыыга ураты киэргэтэр ньымалары туттарын сөҕөллөр. Кини бу дьоҕура Лука Николаевич хомуска оонньуур дьоҕуруттан силистээҕин-мутуктааҕын ырытан түмүк оҥорбуттара.

Л.Н.Турнин үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта. 1946 сыллаахха бастакы улахан наҕараадатын — “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээли туппута. 1947 сыллаахха САССР тэриллибитэ 25 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи уус-уран самодеятельноһы көрүүгэ хомуска уһулуччулаах толоруутун иһин бэйэтин талаанынан РСФСР Култууратын министиэристибэтин Бочуотунай кыраамататынан наҕараадаламмыта. Нөҥүө сылыгар, Москуобаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы уус-уран самодеятельноһы көрүүгэ САССР Үрдүкү Сэбиэтин Бочуотунай кыраамататын туттарбыттара. Онтон 1957 сыллаахха, Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбит үбүлүөйдээх сылыгар, хомус ансаамбылынан улахан ситиһиилэнэн, Лука Николаевич Турнин Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаламмыта. 1964 сыллаахха саха култуурата, ускуустубата сайдарыгар киллэрбит үтүөтүн сыаналаан, “САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ» үрдүк  ааты иҥэрбиттэрэ.

Улуу хомусчут Лука Турнин аатын үйэтитии — өрөспүүбүлүкэ муусукаалынай эйгэтин ытык иэһэ. Үйэтитии тосхолун сүрүн хамсатааччыларынан Таатта улууһун салалтатын, уопсастыбаннаһын, Дьокуускай куоракка “Таатта” түмсүүтүн холбоһуктаах туруорсуулара буолуохтаах. Кини талаана хомусчут, ырыаһыт, үҥкүүһүт, оһуохайдьыт, мелодист, артыыс быһыытынан киэҥник уонна толорутук өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биллэр. Ол эрээри, кини аатын үйэтитиигэ улахан суолта өрөспүүбүлүкэ таһымынан оҥоһуллуохтааҕа — баччааҥҥа диэри туох да саҕалааһын суоҕун кэриэтэ.

Идэтийбит хомусчут П.П.Оготоев Лука Турнин аатын үйэтитиигэ бөдөҥ суолталаах тэрээһиннэри ыыппыта. Кини, Лука Николаевич сахатын норуотун туһугар сүҥкэн үтүөтүн сыаналаан, “Дьокуускайдааҕы Хомус мусуойугар Лука Турнин аатын иҥэриэххэ», диэн этиитэ, хомойуох иһин,  олоххо киирэ илик. Онон биһиги бэйэбит, бастатан туран,  Лука Николаевич Турнин төрөөбүт нэһилиэгин Тыараһа дьоно-сэргэтэ түмсэн, ытыктыыр киһибит аатын үйэтитиигэ этиибитин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар уталыппакка тиэрдиэҕиҥ.

Күндү биир дойдулаахтарбыт, Саха сирин олохтоохторо, таатталар, улуу хомусчуппут Лука Николаевич Турнин аатын үйэтитиигэ бары биир киһи курдук түмсүөҕүҥ! Аны күһүн аан дойду хомусчуттарын кэнгириэһигэр, Аан дойдутааҕы баргааннай муусука холбоһугар, биитэр онуоха диэри, өрөспүүбүлүкэҕэ баар Аан дойдутааҕы хомус түмэлигэр Лука Николаевич Турнин аатын иҥэрэри туруорсан, Улуу хомусчуппут аатын үйэтитиэҕиҥ!

Мария АНДРОСОВА, Иван УНАРОВ,

«Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайыннара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээннэрэ, улуус, Таатта нэһилиэгин бочуоттаах гражданнара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0